ЭҺЭЭБИТ МЭТЭЭЛЭ…
Аҕа дойду сэриитэ биһиги дойдубут историятын биир ыарахан кэрчик кэмэ. Бу сэрии бүтүн Сэбиэскэй Сойууска, Саха сиригэр, норуокка, чуолаан хас биирдии ыалга ыарахан кэмнэри а5алан ааспыта.
Оссо кыра сырыттахпытына хос эбээбит Афанасьева Анна Семеновна байыаннай танастаах киьи хаартыскатын кордоро-кордоро: «Бу эьиги хос эьээ5ит сэриигэ сылдьан ылбыт на5араадаларын докумуоннара» – диэн кордорбутэ. Билигин ол докумуоннар эбээбит архыыбыгар бааллар.
Хос эьээбит аата Афанасьев Василий Кузьмич диэн, оттон сэриигэ сылдьыбыт кумаа5ылара барыта Тапыев Василий Дмитриевич диэннэр. То5о оннугун ыйыппыппытыгар эбээбит маннык кэпсээтэ:
«Мин а5ам урут Афанасьевтар диэн о5о турбат ыалга торообут, ол иьин бу дьон оголорун куоттаран Тапыевтар диэн ыраа5ынан аймах дьонноругар о5олорун ииттэрэ биэрбиттэр. А5ам кыра сырытта5ына тороппут дьоно олон бу ыалга букатыннаахтык хаалбыт. Ол ииппит дьонун араспаанньатын уонна а5атын аатын ылан докумуоннара барыта Тапыев буолан хаалбыт. Итинник ааттаах сэриигэ ынырыллыбыт».
Эьээбит 1943 сыллаахха оскуоланы бутэрээтин кытта бэс ыйыгар армия5а ынырыллан барбыт, от ыйын 3 кунугэр байыаннай бирисээгэ ылбыт.
Биьиги эьээбит туох иьин саллаат саамай киэн туттар «За отвагу» мэтээлин ылбытын билиэхпин ба5аран ону кордуургэ сананныбыт уонна балтыларбынааан Анжелиналыын, Миланалыын хайдах кордуургэ эбээбититтэн субэ кордоотубут.
Бастатан туран, бу мэтээл хантан, хайдах баар буолбутун билээри араас энциколопедиялары кордубут, сайтары аахтыбыт. Онно маннык суруллубут (кылгатан):
«Учреждение медали «За отвагу» произошло в 1938 году. Согласно соответствующему Указу Президиума Верховного Совета СССР она предназначалась для награждения военнослужащих Красной Армии, Военно-Морского Флота, пограничных и внутренних войск, а также других граждан Советского Союза, проявивших личное мужество и отвагу при защите Родины и при исполнении воинского долга. Медаль «За отвагу» была учреждена практически одновременно с медалью «За боевые заслуги». Обе эти награды были первыми в Советском Союзе. Таким образом, получить ее было чрезвычайно почетно.
Первые награжденные медалью «За отвагу» — Ф. Григорьев и Н. Гуляев, и получили они ее за задержание группы вражеских диверсантов на берегу озера Хасан. Медаль “За отвагу” была особо уважаемой среди фронтовиков, так как ею отмечали только тех, кто проявил личную храбрость в бою».
Ити кэнники этиини аа5ан баран эьэбит туох хорсун быьыыны онорбутун билиэх ба5абыт оссо улааппыта.
Хос эьээбититтэн хаалбыт архыып докумуоннарын уэрэтэн ханнык фронна сэриилэспитин биллибит.
1. Кини 459 сп 42 сд 49 А нуэмэрдээх 2 Белорусскай фронна сэриилэспит. Ол аармыйа туьунан Википедия суруйуута: «42-я стрелковая дивизия (2-го формирования) — формирование (соединение, стрелковая дивизия) стрелковых войск РККА, в составе ВС СССР, сформированная на базе 31-й запасной стрелковой бригады ПриВО в октябре 1941 года взамен 42-й стрелковой дивизии 1-го формирования, погибшей в начальный период войны. Сокращённое наименование — 42 сд.
Полное наименование, по окончании войны — 42-я Смоленская Краснознамённая орденов Суворова и Кутузова второй степени стрелковая дивизия».
Василий Кузьмич (Василий Дмитриевич) кинилэри кытта сылдьыбыт картатын буллубут. Эьээбит фрона Берлиннэ тиийэ сэриилэспит эбит.
2. Эьээбит кулун тутар 20 кунугэр ханас харагын урдунэн буулдьаттан бааьырыы ылбыт эбит, хата этэннэ унуо5а хайдыбатах. Ол туьунан 2-3308 нуэмэрдээх госпитальтан бэриллибит справка туоьулуур.
3. Одер орус ар5аа оттунэн фашистар сэбилэниилээх куустэрин утары киирсии иьин эьээбит Василий Дмитриевич аатыгар Сталин №344 бирикээьинэн муус устар ый (кунэ аанньа костубэт) махтал сурук туттарыллыбыт эбит
4. Итинник махтал сурук Гданьск куораты ылыы иьин эмиэ туттарыллыбыт (кунэ-ыйа суох).
Википедия этэринэн, Польша Гданьск куоратын нуучча аармыйата кулун тутар ый бутэьик куннэригэр босхолообут эбит. Биьиги эьээбит бу штурмна кыттан ити махталы ылбыт буолуон соп.
5. Дьиэ кэргэммит архыыбыгар эьээбит туох иьин «За отвагу» мэтээли ылбыт докумуоннара суох эбит. Арай байыаннай билиэтигэр «награжден медалью «За отвагу» диэн сурук уонна атын кумаа5ыга мэтээлин нуэмэрэ №2667397 баар.
Эьэбит туох иьин бу саллаат эрэ барыта ытыктыыр на5арадаатын ылбытын билигин тыыннаах аймахтарбытыттан ким да билбэт эбит
Онон хос эьээбит Василий Кузьмич (Василий Дмитриевич) туох иьин бу мэтээли ылбытын билиэхпитин ба5аран кордуургэ сананныбыт.
Билигин интернет ситимиттэн тугу барытын булуохха соп дии санаан онно кордуургэ сананан эбээбитин кытта араас сайтары кордубут.
1. Gigabaza.ru сайтан Саха сирин байыаннай комиссаритынан 1941-45 сылларга ынырыллан барбыт дьон иьигэр эьээбит Тапыев Василий Дмитриевич 1925 с.т аата суруллубутун булан ыллыбыт.
2. «Память Народа» pamyat-naroda.ru — информационнай проекка эьээбит аатын киллэрбиппит кини туьунан матырыйаал костон та5ыста:
– сводная карта Тапыева В.Д. – манна хантан ынырыллыбыта, ханна сулууспалаабыта баар. Ол туьунан докумуоннара ЦАМО архыыбар 84а ыскаапка, нуэмэрдээх ыскаапка ууруллан сытар эбит
– Эьэбит сэриилэспит 459 сп 42 сд 49 А нуэмэрдээх 2 Белорусскай фрона ханна сэриилэспит картата баар: бу аармыйа саллааттара сэриини Белорусиянан, Польшанан, Германия5а тиийэн тумуктээбиттэр.
– «Подвиг солдата» диэн сайтка эьээбит «За отвагу» диэн мэтээли ылбыта суруллубут. Ол «секретно» диэн грифтээх эбитин кэлин аспыттар.
Онно 459сп42сд49АБФ (по приказу командира 459 Краснознаменного полка 42 Смоленской Краснознаменной орденов Суворова и Кутузова 2 степени 49 армии 2 Белорусского фронта) командирын А. Смецко 028/н нуэмэрдээх 1/VI-1945 cыллаахха 6 илиистээх бирикээскэ 28 нуэмэринэн маннык сурулла сылдьар:
«От имени Президиума Верховного совета СССР приказываю наградить медалью «За отвагу:
28. командира отделения станкового пулемета 2 пулеметной роты старшего сержанта Тапыева Василия Дмитриевича за то, что он …( одно слово не читается) смело и решительно в боях за Одер 25. IV.1945 года уничтожил из своего пулемета 15 немецких солдат и офицеров, пытавшихся перейти в контратаку».
3. «Подвиг народа» http://podvignaroda.ru/?#tab=navHome – бу 2015 сыллаахха сана аьыллыбыт «ПОДВИГ НАРОДА В ВЕЛИКОЙ ОТЕЧЕСТВЕННОЙ ВОЙНЕ 1941-1945 ГГ.» диэн электроннай домумуоннар бааннарыгар эьээбит аатын киллэрбиппитигэр «За отвагу» мэтээл хартыыната уонна уоьээнни бирикээс коьуннэ.
Маны таьынан алтынньы ый 30 кунугэр 1945 сыллаахха «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941-1945гг» диэн мэтээли Кенигсберг куоракка сылдьан туппут.
Эьэбит сэрии буппутун кэннэ 1949 сыллаахха диэри Кенигсберг куоракка хаалан салгыы сулууспалаабыт уонна дойдутугар эргиллэн кэлэн 1985 сыллаахха ыалдьан суох буолбут.
Онон, чинчийиибит тумугэ маннык буолла:
1. Биьиги, Айиналаах Анжелина, Милана бэйэбит хос эьээбит Афанасьев Василий Кузьмич (Тапыев Василий Дмитриевич) уоттаах сэриигэ сылдьан ылбыт мэтээлин туох иьин ылбытын билэн дьиэ кэргэммит оло5ун кордорор архыыппытыгар эбии докумуону булан уктубут.
2. Эьээбит барахсан саа-саадах тутан биьиги урдубутугэр ыраас халлаан, чаҕылхай кун баарын туьугар сэриилэспитинэн киэн тутуннубут.
3. Афанасьев Василий Кузьмич, хос эьээбит, сэриилэспит аармыйатын туьунан, кини бойобуой суолун батыьан оссо да атын чахчылары билиэхпитин баҕарар саҥа киирдэ. Баҕар, табыллар буоллаҕына, сэрии кэнниттэн оссо 4 сыл сулууспалаабыт Кенигберг, билигин Калининрад куоракка бара сылдьыах буоллубут. Бу Айина суруйбут хоһооно:
Хаьан да корботох эьээбин
Саныы туьэн ахтабын
Хаартыскатын короммун
Эдэр саллааты со5обун
Эьэм сэриигэ сылдьыбыт
Фашистары кыдыйбыт
Кыайыы орогой кунугэр
Кенигсберга тиийбит
Саьарбыт хаартыскаттан
Эьэм миигин одуулуур
Кини мэтириэтин тутаммын
Кыайыы параатыгар барыа5ым
Айина Абрамова, 7 кылаас. Покровскай к
Анжелина Кириллина, 7 кылаас, Нам с.
Милана Охлопкова, 4 кылаас, Дьокуускай к
Дата рождения и смерти, подразделение где служил, воспоминания, биография.