Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Сергучев Иосиф Лазаревич

1921 г. – 12.02.1942 г.
202-я стрелковая дивизия, 645-й стрелковый полк, 134-й отдельный лыжный батальон.

1921 сыллаахха, Баатара нэһилиэгэр, Мэҥэ улууһугар төрөөбүтэ. Тыһаҕас Өлбүт Дулҕатынан, Бүрбүттэҕинэн оҕо сааһа ааспыта. Аҕата Лазарь Николаевич, ийэтэ Анна Федотовна олус дьадаҥы дьон эбиттэр.
Оҕо сааһа бэрт кэрэ көстүүлээх Тиэрэ үрэҕин Дулҕа диэн сиргэ ааспыта, сайылыктара Тыһаҕас Өлбүт куулатыгар Бүрбүттээх сайылык. Манна аҕата Лааһар Николаевич, ийэтэ ууһун Николаевна, убайа Лэгэнтэй, Уоһук, быраата Лааһар, эдьиийэ Маайа буолан сүөһү-ас ииттэн, бултаан-алтаан ыал тэҥинэн олорбуттара. Дьоно атын кэккэ ыал курдук колхозка 1932 сыллардаахха киирбиттэрэ.
Уолаттар үөрэҕи ылар буоланнар Сыымах сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Уоһук оҕолортон ортолоро этэ, барыларыттан сэмэй, кыыс оҕолуу нарын-намчы быһыылаах-тутуулаах, уһун синньигэс дьулугур уҥуохтаах, долгуннурар баттахтаах, сырдык хааннаах оҕо киһи этэ. Сүрдээх ууһут, бэйэтин кыанар эдэр киһи колхозка, саҥа үөрэҕин бүтэрэн, үлэлээн иһэн, 1941 сыл, атырдьах ыйын 18 күнүгэр ЧХОБК-н ыҥырыллан сэриигэ барбыта. 202-с стрелковай дивизия, 645-с стрелковай полк, 134-с туспа хайыһар батальонугар кыттыбыта.
1942с., олунньу ый 21 күнүгэр сэриигэ өлбүтэ. Лениградскай уобалас Полтавскай оройуонугар Горчицы дэриэбинэттэн 1 км. хотугулуу илин көмүллүбүт (сорох докумуоҥҥа Новгородскай уоб. Парфинскай оройуонугар Новая дэриэбинэтигэр көмүллүбүтэ диэн этиллэр).
Сэриигэ атааралларыгар, барааччылар элбэх буоланнар дьонноро Уоһугу харахтарыттан сүтэрэн баран, стройга сахалартан саамай уһун уҥуохтааҕынан булан көрбүттэр, оннук көрүҥнээҕэ, уһун уҥуохтааҕа. Ийэтэ барахсан олус аймаммыта үһү, уола эргиллибэтин билэрэ…(көрбүөччү буоллаҕа). Улахан уолун, Лэгэнтэйи атаарарыгар арыый холку эбит, сэрииттэн эргиллэн кэлиэҕэ, – диэбитэ үһү.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.