1917 г. – 01.04.1976 г.
1-2 Прибалтийский, 1 Белорусский фронт, мотострелковая бригада, воевал в составе 119 сд 340 сп 1049 спп. Участвовал во взятии Берлина.
Советскай Союз Геройа Ф.К.Попов бииргэ төрөөбүт балта Евдокия Кузьминична Попова кэргэнэ. Сержант. Германияны утары I-II Прибалтийскай, I Белорусскай фроҥҥа 15 гвардейскай мотострелковай биригээдэҕэ, 119 сд 340 сп 1049 спп састаабыгар сэриислэспитэ, хас да бааһырыылаах. «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Берлины ылыы иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэрдээх, Кыайыы парадын кыттыылааҕа.
Баатара нэһилиэгин Тыһаҕас өлбүтүгэр Татьяна Кононовна уонна Лука Константинович Сергучевтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. 23-тэ оҕоломмуттарыттан икки эрэ оҕо ордубут. Быраата Сэмэн 3 саастааҕар ийэлэрэ икки хараҕа суох буолан уонна аҕалара өлөн бэрт эрэйдээхтик улааталлар. Сыымах оскуолатын төрдүс кылааһын бүтэрэр. 1934-1937 сс. “Үүннэрии” холкуоска көмө суотчутунан аныыллар. Сотору колхуоһун бырабылыанньатын солбуйар бэрэссэдээтилинэн, онтон бырабылыанньа бэрэссэдээтилинэн үлэлиир. Комсомол чилиэнинэн киирэр.
1940 с. Колхозтары салайар кадрдары бэлэмниир оскуолаҕа үөрэххэ ыыталлар. Идэтин ылбыт бэлиэ күнүгэр сэрии саҕаланан бэбиэскэ тутар. 1941-1943 сс. Дальнай Востоктааҕы байыаннай уокурук 754-с стрелковай полкатын 1336-с чааһыгар сулууспалыыр, үчүгэй сулууспатын иһин командованиеттан сэттэ төгүл Махтал сурук тутар. Хотугулуу-Арҕааҥҥы фроҥҥа 15-с гвардейскай оһуобай моторизованнай стрелковай биригээдэ 1-гы батальонун 3-с стрелковай ротатыгар отделенияны хамаандалыыр. Кимэн киирии кэмигэр саллааттары ситиһиилээхтик салайбытын иһин младшай сержант званиятын биэрэллэр. Калининскай фроҥҥа 119-с стрелковай дивизия 343-с стрелковай полкатын 1-гы батальонун 3-с ротатын отделениятын салайар. Ленинградтааҕы фроҥҥа сэриилэһэ сылдьан бааһыран, госпитальга эмтэнэр, онтон 7-с саппаас стрелковай полковой ротаҕа 50 миллиметрдээх минамекка минаметчиктыыр. Салгыы 1-гы Прибалтийскай, онтон 1-кы Беларусскай фроҥҥа 1945 с. дылы сэриилэһэр. 1946 с. от ыйын 26 күнүгэр сулууспаттан босхолонор. Кыайыыны Берлиҥҥэ тиийэн көрсүбүтэ.
Сэриигэ сылдьыбыт кэмиттэн ветеран Калининскай фроҥҥа сылдьан сэриилэспит түгэннэрин маннык ахтара: “Сэтинньи 14 күнүгэр Пустошка станцияҕа кимэн киирбиппит, өстөөх уот биһилэх ортотугар көрсүбүтэ. Сүтүк биһигиттэн улахан этэ. Киэһэ биир капитан: «Төгүрүктээһиҥҥэ түбэстибит», – диэбитэ. Онно, сэтинньи 18 күнүгэр диэри түүнүн-күнүн билбэккэ сэрии этэ. Сэппит, аспыт бүппүтэ. Түүнүн өлбүт немецтэртэн сэптэрин, астарын хомуйарбыт. Онон сэптэнэн, астанан 5-6 күн устата сэриилэспиппит. Өстөөх төһө саллаата өлбүтүн ким билиэ баарай? Икки өттүттэн толооҥҥо толору өлүк этэ.
Биһигини уһулуччу хорсуннук сэриилэспиппит иһин 57 киһини наҕараадаҕа түһэрбиттэрэ.
Миэхэ Албан Аат III степеннээх уордьана анаммыт этэ да, кыайан ылбатаҕым.
1943 с. Ахсынньы 4-5 күннэригэр түүннэри-күнүстэри өстөөҕү кытта элбэх хаан тохтуулаах киирсии буолан, хардары-таары аппалаах сир нөҥүө өттүгэр турар үрдэли 4-5 төгүл ыла сылдьыбыппыт. Икки улахан күөл силбэһигэ кыра ханааллаах этэ. Манна күүстээх сэрии буолбута. Немецтэр бу сири биэриэхтэрин олох баҕарбат этилэр. Саҥаттан саҥа күүһү киллэрэ тураллара да, биһиги бу үрдэли биэрбэтэхпит. Сарсыарда 5 чааска утары кимэн киирэн истэхпитинэ, үрдэлтэн 10 километр курдук ыраах дэриэбинэ таһыгар мин бааһырбытым. Уҥа атахпынан хааным наһаа барбыта. Бу миэнэ үһүс бааһырыым этэ. Аттыбар эмиэ бааһырбыт ыстаарсай лейтенант сытара. Ол түүн онно хоммуппут. Сарсыарда биһиэннэрэ кэлэн, атынан медсанбакка илдьибиттэрэ. Миигин операциялаан буулдьабын ылбыттара. Великие Луки госпитальга сыппытым. Өстөөх ыраах ытар тэргэнинэн быыстала суох ытара. Ахсынньы 26 күнүн түүн госпитальбыт үөһээ этээһин биир палататыгар снаряд түһэн элбэх киһини өлөрбүт сурахтааҕа. Онтон тимир суолунан айаннаан, хас да госпиталларынан эмтэнэн үтүөрэн баран, салгыы фроҥҥа барбытым. 1943 с. Олунньу 26 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри сэрии саамай ыгар кэмнэрин көрсүбүтүм. Бэрт элбэх сири босхолоспутум. Албан Аат III степеннээх орденын сатаан туппатаҕым. Бу бириэмэҕэ отделение командирынан сылдьыбытым. Мин наҕараадаҕа тииһиниэхпэр сөт этэ да, охсуһууга кэлбит рота, взвод командирдара өлөн, туораан иһэллэрэ…” – диэн хорсун сэрииһит Петр Лукич Сергучев ааспыт үйэ 70-с сылларыгар ахтыытын суруйбута.
Уоттаах сэрииттэн тыыннаах ордон төрөөбүт дойдутугар ийэтигэр Татыйааска 1946 сыллахха эргиллэн кэлбитэ. Ийэтэ Татыйаас икки уолаттара Бүөтүр, Сэмэн сэрииттэн тыыннаах кэлэннэр үөрүүтэ үксээбитэ.
Ийэлэрэ Татьяна Кононовна – Куонаан эмээхсин аҕалара өлбүтүн кэннэ уолаттарын эр киһилии иитээри, бэйэтэ эр киһилии таҥнан, баттаҕын килэччи кырыттаран, колхозка эр киһилии от, мас үлэтигэр үлэлээбитэ, уолаттарын бултка эмиэ үөрэппитэ. Сааскы куйуур ойбонун анньыынан иккис түһүүтүгэр уутун таһаарара үһү. Ол курдук Куонаан эмээхсин күүстээҕинэн, сүрэхтээх үлэһит киһи быһыытынан биллэрэ.
Татыйаас уолаттарын маннык ииппитэ уолаттара сэрииттэн тыыннаах кэлиилэригэр төһүү буолбута саарбаҕа суох.
Кэлээт да төрөөбүт колхоһугар үлэлээбитэ. 1947 сыл Попова Евдокия Кузьминичнаны кытта холбоһон ыал буолбуттара. Түөрт оҕоломмуттара. Төһө да сэрииттэн бааһыран эмсэҕэлээн кэллэр, сэрииттэн айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэриигэ туох баар күүһэ кыайарынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Евдокия Кузьминична Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов бииргэ төрөөбүт балта этэ. Хомойуох иһин Евдокия эрдэ ыарыһах буолбута уонна олус эрдэ, кыра оҕолорун тулаайах хаалларан күн сириттэн барбыта. Петр Лукич соҕотоҕун хаалан баран оҕолорун тулаайахсыппат туһугар элбэх сыратын, дууһатын биэрбитэ.
Баатараҕа, Бүтэйдэххэ, Табаҕаҕа, Суолаҕа араас салайар үлэҕэ уһуннук үлэлээбитэ. Общественнай үлэттэн пенсияҕа тахсыар диэри тэйбэтэҕэ. 1976 сыл муус устар 1 күнүгэр ыалдьан бу күн сириттэн барбыта.