Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Бочкарев Роман Дмитриевич-II

Бочкарев Роман Дмитриевич-II 1922 с. балаҕан ыйын 15 күнүгэр I Мөҥүрүөн нэһилиэгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар төрөөбүтэ.
1941-42 сс. «Кыһыл Агроном» колхуоска суоччутунан, комсомольскай группа секретарынан үлэлээбитэ. Комсомоллары түмэн, колхоз бары үлэтигэр актыыбынайдык кыттан, кыайыы туһугар күүстээх үлэни ыыппыта. 1942 с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр сэриигэ Чурапчы территориальнай байыаннай уокуругуттан барбыта. 1943 с. ыалдьан дойдутугар кэлбит. 1944 с. иккиһин ыҥырыллан Забайкальскай фроҥҥа сулууспалаабыта. Забайкальскай фроҥҥа 585 стрелковай полкаҕа – снайперынан, 649 стрелковай полкаҕа – минометчигынан, 30 кавалерийскай полкаҕа – коневодунан сылдьыбыт. Кини Японскай милитаристары урусхаллааһыҥҥа, Хайлар, Харбин куораттары, аатырар Улахан Хинган сис хайатын штурмалаан ылар уоттаах сэриигэ сэриилэспитэ. Советскай Союз главнокамандующайа Сталин илии баттааһыннаах махтал суругунан наҕараадаламмыта («За отличные боевые действия в районе города Хайлар в Маньчжурии).
Дойдутугар 1947 с. эргиллэн кэлбитэ. Сэрии кэнниттэн эйэлээх олох туругурарын туһугар күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ:
1947с. «Кыһыл Агроном» колхоз счетовода, колхуоһугар уонна «Коммуна Суола» колхоз территориальнай комсомольскай тэрилтэ секретара;
1948-50 сс. 1 Мөҥүрүөн нэһилиэгин с/советын солбуйааччы председателэ;
1951-1954 сс. 1 Мөҥүрүөн с/советын сельскэй кулуубун ааҕар балаҕанын сэбиэдиссэйэ;
1954-1957 сс. Молотов аатынан колхоз колхозтааҕа, сылгыһыта;
1957-1959 сс. «Уһун Эбэ» ларегун продавеһа;
1959-61 сс. «Октябрь» колхоз колхозтааҕа. Уһун-Эбэ, Матта бөһүөлэктэригэр аан маҥнай электрическай уоту киллэриигэ монтерунан үлэлээбитэ;
1961 с. Матта маҕаһыынын продавеһа;
1965 с. диэри «Октябрь» колхозка кладовщигынан, биригэдьииринэн үлэлээбитэ.
1965-1974 сс. М. Горькай аатынан колхоз, совхоз Центральнай отделениетын, Тарат биригээдэтигэр биригэдьииринэн, кассирынан, кладовщигынан, заправщигынан үлэлээбитэ.
1974-1979 сс. Дьабыыл, Тумул, Төҥүлү, Томтор, Тарат бөһүөлэктэригэр барытыгар страховой агенынан үлэлээн, 1977сыл пенсияҕа тахсыбыта. Пенсияҕа да таҕыстар отделениеҕа окко ыччат звенотун звеньевойунан, араас быстах үлэлэргэ үлэлээбитэ.
1979-1981 сс. Тарат биригээдэтин рабочайынан, 1981-82 сс. Төҥүлүтээҕи СПТУ-4 охраннигынан үлэлээбитэ.
1967 с. ССКП чилиэнинэн талыллыбыта. Куруутун общественнай үлэҕэ актыыбынайдык кыттааччы. Хас да төгүл с/с депутата, оройуоннаҕы народнай суут сэтээтэлэ, профсоюз председателэ, комсомольскай, партийнай тэрилтэ секретара, дружинник, охотинспектор, быыбардарга куруутун быыбар председателэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.