Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Татаринов Игнатий Васильевич

Кыайыыны аҕалсыбыт күндү аҕам Татаринов Игнатий Васильевич олунньу 21 кунугэр 1924 сыллаахха Үөһээ-Бүлүү Кустук алааһыгар кун сирин көрбүтэ. 1943 сыл бэс ыйын 15 күнүгэр Советскай Армия кэккэтигэр 18-с саастаҕар ыҥырыллыбыт, Улан-Үдэҕэ стрелковай полк снайперскай взводугар 5 ый уөрэммитэ. Бу үөрэҕи сэтинньи 7 күнүгэр ситиһиилээхтик бүтэрэн, хамаандабанньаттан махтал суругу ылан фронтовой олоҕо саҕаламмыт. Мантан салгыы Арҕаа Ивановскай уобаласка алын хамандыырдары бэлэмниир полкаҕа сулууспалыы сылдьан көрдөһөн туран фроҥҥа барбыт. Маҥнайгы бойобуой сүрэхтэниитин 1944 сыл тохсунньуга Маҥнайгы Белорусскай фроҥҥа Могилев куорат кыргыһыытыгар ылбыт. Илии бүлүмүөччүгүнэн сылдьан урусхалламмыт куораттары, дэриэбинэлэри, үгүс өлүгү көрбүтүн туһунан кэпсиирэ.
“Сэриигэ сылдьан 1944 сыл кулун тутар 4 күнүгэр атаакаҕа киирэн иһэн илиибэр өстөөх буулдьатыгар таптаран биир ый госпиталга эмтэммитим. Бэйэм чааспар төннөн Минскэй, Гродно куораттары босхолооһуҥҥа кыттыбытым.
Чаас хамандыырын бирикээһинэн икки саллааты уонна взвод хамандыыра Т. Рулев буоламмыт разведкаҕа барбыппыт. Биһиги тэлиэгэлээх атынан күрээн иһэр үс ньиэмэс эписиэрин, төһө да ытыаласталлар, тыыннаахтыы тутан аҕалбыппыт. Ол иһин «Хорсун иһин» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыппыт. Ол кэнниттэн Белосток куоракка разведкаҕа сылдьан ойоҕоспор ыараханнык бааһыран хас да хайҕал сурукпун, наҕараадам докумуоннарын сүтэрэн кээспитим,”- диэн аҕам ахтыытыгар суруйбута.
Госпиталтан тахсан баран Варшава, Кеннинсгберг уонна да атын куораттары босхолоһон Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит.
Кыайыы буолбутун, сэрии бүппүтүн кэннэ аҕам Украина сиригэр ордон хаалбыт өстөөх тобохторун суох гыныыга кыттыбыта. Салҕыы аҕабын дойдутугар ыыппакка Япония утары сэриигэ мобилизациялаабыттар.
Саллаат аҕам икки сэриини туораан 1947 сыл кулун тутар ыйыгар төрөөбут Үөһээ-Бүлүүтүгэр төннөн кэлбит. Дойдутугар кэлээтин кытта холкуос бырабылыанньата биригэдьииринэн анаабыта.
Уоттаах сэрии кэнниттэн тыа олоҕун тупсарыы үлэтэ сыралаахтык саҕаламмыт. Онно аҕам туох баар күүһүн-уоҕун, сылбатын-сыратын барытын анаабыта. Бу билигин хаалбыт аҕам докумуоннарыттан көрдөххө, ас-үөл барыта эрэдьиэстэнэн, докумуоннанан туттуллубута, ким төһөнү ылбыта илии баттанан, үлэ күнэ, оттоммут от, сыллааҕы балаанса оҥоруу бу барыта киниэхэ сүктэриллибит.
Бу курдук 1969 сыллаахха үлэлиир эбээһинэһин толоро сылдьан өстөөх буулдьата хоппотох Саха саллаата хомолтолоохтук оһолго түбэһэн сырдык тыына быстыбыта. Биэс бойобуой мэтээллээх аҕам хаанын тоҕон аҕалсыбыт кыайыылаах, эйэлээх, дьоллоох олоҕор ситэри олорботоҕун да иһин, биһи аҕыс оҕолоро, аҕабыт олохообут олоҕун чиэстээхтик олордубут. Оссо аатын ааттатар элбэх сиэннэр, хос сиэннэр салгыыллар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.