Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Яковлев Петр Алексеевич

Петр Алексеевич ЯКОВЛЕВ
(1921-2000)

Петр Алексеевич Яковлев Өлүөҕүмэҕэ Абаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төрүттэрэ аҕатынан Абаҕа олохтооҕо Алексей, ийэтэ Сунтаар иккис Бордоҥун Ноҥноруутовтар кыыстара Екатерина, аччык дьылга дьоно Абаҕаҕа аҕалбыттар.
Сэриигэ 1942 сыллаахха сайын Абаҕа нэһилиэгиттэн ыҥырыллыбыта. Ити кэмҥэ Алсиб («Аляска-Сибирь»)- Аляска уонна ССРС салгын трассата тэриллибитэ. Ленд-лиза договор быһыытынан американскай бойобуой сөмөлүөттэри АХШ-тан ССРС-га перегоннуур буолтара. Америка собуоттарыгар оҥоһуллубут истребителлэри, бомбардировщиктары Канаданнан Аляскаҕа Фэрбенск куоракка икки ситим, онтон биһиги дойдубутугар Уэлькаль- Сеймчан- Якутск- Киренск- Красноярск биэс ситиминэн перегоннаабыттар.
Аҕыйах кэмнээх үөрэх кэнниттэн Петр Алексеевиһы Красноярск-Уэлькаль салгын трассатын управлениетын чааһыгар Киренскэй диэкки сулууспаҕа ыыппыттара. АлСиб трассата үлэтэ саҕаланарыгар аҕам сулууспалыыр чааһын саллааттара портан портка көһө сылдьан бойобуой сөмөлүөттэр түһэр авиапортарын полосатын бөҕөргөтөллөрө, байыаннай сөмөлүөт түһэригэр сөптөөх саҥа да авиапортары туппуттара. Уопсайынан АлСиб трассанан перегону саҕалыырыгар трасса туһаайыытынан 10 ый иһигэр 16 аэропорт тутуллубут. Киренск-Красноярск АлСиб туһаайыытын ситимигэр техниктары, инженердэри кытта тэҥҥэ боростуой саллааттар үлэлээбиттэр, ол иһигэр мин аҕам Петр Алексеевич. Сэрии кэмигэр үс сыл быыстала суох үлэ түмүгэр Красноярскайга 1926 бойобуой сөмөлүөтү аҕалбыттар. Трассанан араас таһаҕас, дипломатическай почта, дипломатическай улэһиттэр тиэллэр эбиттэр. Тыһыынчанан летчиктар, штурманнар, бортрадистар, механиктар хоту дойду кытаанах тыйыс усулуобуйатыгар үлэлээбиттэрэ, планета саамай кутталлаах миэстэлэринэн, ирбэт тоҥ үрдүнэн көтөллөрө. Лётчиктэргэ бу авиатрасса бэйэлэрэ этэллэринии «Это была дорога жизни, на обочине которой всегда ждала смерть» буолара. Саллааттар авиапорт тутуугар, полосаҕа үлэлииллэриттэн ураты төһөлөөх таһаҕаһы, американскай кууллаах бородууктаны төптөрү-таары сүкпүттэрэ көтөхпүттэрэ буолуой.
Сулууспалыы сылдьан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ кыттыытын иһин Яковлев Петр Алексеевич ССРС Верховнай Советын Президиумун ыам ыйын 9 күнүн 1945 с. укааһынан «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Мэтээли ССРС Верховнай Советын Депутата, Красноярск – Уэлькаль салгын трассатын начальнига, Советскай Союз Геройа авиация генерал-лейтенана Шевелов туттарбыт.
Сэрии бүппүтүн кэннэ да демобилизациялаабатахтара, алдьаныыны- кээһэниини чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ хаалларбыттара. Аҕам сэрииттэн дойдутугар хойут (1946 сылга) эргиллэн кэлбит.
Дойдутугар эргиллэн кэлэригэр, сэрии кэмигэр дэриэбинэлэр айгыраан, ханна даҕаны үлэһит киһи наада этэ. Дьиэтигэр кэлээт, үлэҕэ оройунан түспүтэ. Болуотунньуктар биригээдэлэригэр таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Колхоз тутаах үлэтигэр барытыгар үлэлиирэ бэрэссэдээтэлиттэн суоппарыгар, тырахтарыыґыгар, комбайнерыгар, электригэр, мас, тимир ууһугар, сылгыһытыгар тиийэ үлэлээбитэ. Саҥа электричество уота кэлэригэр станцияны тыраахтыры суобуоттаан үлэлэтэн Ильич уотун умаппыта. Улахан «ыскаап- дьааһык» эҥин араас уотунан дьиримниирин интэриэһиргээн оҕо сылдьан аҕабын батыһан баран күнү-күннүктээн одуулуурум. Уус бэрдэ этэ кыһыҥҥы сыарҕаны, сайыҥҥы тэлиэгэни бэккэ оҥороро, арыт дьиэҕэ кытта аҕалан маһын иэҕэрэ, тартарара. Дьон махтала улахан этэ. Оттон төһө кыраабылы, от кээһэр араас кээмэйдээх атара атырдьаҕы оҥорбутун ааҕан сиппэккин. Холуоданы, түннүк арааматын ыстаныак суох кэмигэр сөпкө суоттаан илиитинэн оҥороро. Бэйэтин дьиэтин туппута билигин да хоп курдук турар. Кэлин уолугар Алексейга аныгылыы ититэр систиэмэлээх дьиэни туппута. Тыаҕа сылдьарын, бултуурун, балыктыырын сөбүлүүрэ. Байанайдаах булчут буолан мас көтөрүн, тииҥиттэн күндү түүлүүҕэр тиийэ бултуура. Кедр эриэхэтэ, буспут тииҥ этэ кэһиилээх киирэн үөрэн турара билигин да харахпар көстөр курдук. Хойут манна Бордоҥҥо кэлэригэр сиэннэригэр куруук куруппааскы, хара улар, эриэхэ кэһиилээх кэлэрэ. Балыктыырыгар анаан мас тыытын бэйэтэ оҥороро. Биһигини илдьэ барара, тыыны эрдэрбит. Аҕабын кытта кыра сылдьан үлэтигэр сылдьарбын, онтон улаатан баран балыктыырбын, оттуурбун, ат миинэрбин, дьиэ таһыгар үлэлиирбин наґһаа да сөбүлүүр этим.

Ийэлээх аҕам наһаа көхтөөх этилэр, дэриэбинэ бастыҥ актыбыыстара: спектээкилгэ да оонньууллара, кэнсиэргэ да кытталлара, аҕам олус үчүгэйдик олоҥхолуура, тойук туойара, оһуокай тылын этэрэ, ийэбинээн бастыҥ пляскаһыт, үҥкүүһүт этилэр. Биһиги агит зонабыт, кулууппут мэлдьи бастыыра ол кэмҥэ.
Парасковья Алексеевна, Петр Алексеевич икки оҕону төрөтөн, биир кыыһы иитэ ылан, улаатыннаран, үөрэхтээн, ыал оҥортоон, дьиэлээн –уоттаан, уон биир сиэни көрөн эйэлээхтик, дьоллоохтук олорбуттара.
Аҕам сэрии бэтэрээнэ, сэрии кэннэ олоҕу чөлүгэр түһэриигэ харыстаммакка үлэлээбитин иһин араас наҕараадалардаах, Кыайыы юбилейнай мэтээллэрдээх.
Петр Алексеевич икки оҕолоох:
Кыыһа Елена Петровна СГУ ФМФ МО бүтэрэн баран, Бордоҥ орто оскуолатыгар 40 сыл математика учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээтим, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Россия чулуу учууталларын күрэҕин кыайыылааҕа, Федоровтар учууталлар династияларын педагога буоллум, билигин пенсияҕа олоробун, 4 оҕолоохпун, элбэх сиэннээхпин.
Уола Алексей Петрович Курскай музыкальнай училищетын бүтэрбитэ. Өлүөхүмэ куоратын культууратын, хараҕа суохтар обществоларын директорынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Өлүөхүмэ гимнин автора, СӨ культууратын туйгуна, элбэх российскай, республиканскай ырыа конкурустарын, фестивалларын кыайыылааҕа, виртуоз боянист. Икки оҕолоох: Лена, Петр, биэс сиэннээх.
Миэхэ Кыайыы күнэ долгутуулаах бырааһынньык. Ийэлээх аҕам көлөһүннээх үлэлэринэн бу Кыайыыны аҕалсыбыттара.
Аҕам сэрии бэтэрээнэ Петр Алексеевич олорбут олоҕо оҕолоругар, сиэннэригэр, бар-дьонугар холобур буола туруоҕа.
Ким да, туох да умнуллубат!

Ахтыыны суруйда кыыһа
Федорова Елена Петровна, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна,
Россия чулуу учууталларын күрэҕин кыайыылааҕа,
үлэ бэтэрээнэ, муус устар 4 күнэ 2020 сыл.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.