1913 г.р. Был призван 22.06.1942 г. из Кочайского наслега Нюрбинского района. Рядовой. Погиб 29.02.1944 г. Захоронен на Мемориальном кладбище г.Курск.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олоҕун биэрбит
аҕам туhунан ѳйдѳбүлүм.
Мин аҕабын бэйэм ѳйдѳѳбѳппүн. Иккиэйэх хаартыска хаалбытын кѳрѳбүн. Ийэм кини туһунан сылаастык кэпсиирин истэрим.
Мин аҕам Давыдов Иван Петрович Ньурба оройуонун Хатыы нэһилиэгэр Давыдов Петр Егорович, Давыдова Екатерина Семеновна диэн ыалларга 12 оҕоттон бастакынан 1913 сыллаахха тѳрѳѳбүт. Кинилэргэ аҕыс оҕолоро кыра эрдэхтэринэ утуу-субуу ѳлѳн испиттэр. Ол иһин эһэм эбэбинээн былыргы итэҕэлинэн оҕо абааһыта ѳрүһү туораабат үһү диэн, 4 оҕолорун куоттаран Куочай дэриэбинэтигэр кѳһѳн киирэн олохсуйбуттар.
1932 сыллаахха Ньурбаҕа МТС тэриллэн, трактористар курстара аһыллыбыт. Мин аҕам онно үѳрэнэн, ити сыл «Фордзон» тракторга тракториһынан үлэтин саҕалаабыт.
1934 сыллаахха «Санников» колхозка бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт. 1938 сылтан МТСка тѳттѳрү ыҥыран ылбыттар. Тракториһынан, механигынан үлэлээбит. Онтон биригэдьииринэн үлэлии сылдьан, 1942 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр сэриигэ барбыт. Борохуот кэлиэр дылы Райсовет тиэргэнигэр мунньубуттар. Ийэм Тихонова Александра Степановна трактористка буолан үлэтигэр барбыт. Онтон борохуот кэлбитин истэн, Ньурбаҕа киирбитэ борохуота хайыы үйэ биэрэктэн тэйэн эрэрэ үһү. Аҕабын кытта үѳгулээн быраһаайдаспыттар. Бүттэҕэ ол…
Сэрииттэн, бааһыран госпиталга сытабын диэн, сурук кэлбит. Онтон эмтэнэн үтүѳрдүм, сэриигэ баран эрэбин диэн сурук кэлбит. Ол кэнниттэн, ууга тааһы бырахпыт курдук, туох да биллибэтэх.
Аҕам ийэбинээн бара суоҕа 4 сыл курдук олорбуттар.
Мин 1939 сыллаахха тѳрѳѳбүппун. Аҕам илиитинэн тутан тѳрѳѳбүтүм туһунан сибидиэтилистибэни бэйэтэ суруйтаран аҕалбыт. Ол иһин, бу докумуон миэхэ ураты күндү, сылаас. Миигиттэн 10 ый балыс Роза диэн кыыс тѳрѳѳбүт. Онтон игирэ уоллаах кыыс тѳрѳѳбүттэр. Ийэм: «Бииргэ кылгастык олоруох буолан, оҕолор тѳрѳѳн испиттэр эбит», – диирэ. Сэрии сылларыгар 3 оҕолоро утуу-субуу ыалдьан ѳлбүттэр.
Ийэм хастыы да хонукка дьиэтигэр кэлбэккэ тракторыгар үлэлии барарыгар, ѳлүѳр хаалар оҕолор, оҕоҥ ыараханнык ыарыйда диэн илдьит кэллэҕинэ, ѳрүттүбэккэ ѳлѳѳхтѳѳн испиттэр.
Сэрии кэмигэр аҕам 2 балта, 1 быраата ыалдьан ѳлбүттэр. Онон, эбэм, эһэм ѳрүһү да туораан 11 оҕоттон малыйан, соҕотох уолларын мин аҕабын кэтэһэллэрэ. Уйбаан кэлиэ диэн сиэйиҥкэ бурдук ууралларын ѳйдүүбүн. Эһэм уолум кэлэн олоруо диэн, Туойдаахтан дьиэ маһын оҕуһунан таһан тиэргэммитигэр дьоҥҥо кѳмѳлѳһүннэрэн дьиэ туппута…
Аҕам кэлбэтэҕэ. Ѳлбүтүн туһунан сурук да кэлбэтэҕэ. Кэлин фашистарга билиэн түбэспиттэри босхолообуттар үһү диэн сураҕы истэн, баҕар аҕабыт кэлиэ диэн, биһиги хойукка диэри кэтэһэр этибит.
Мин 1947 сыллаахха Куочай 7 кылаастаах оскуолатыгар 1 кылааска үѳрэнэ киирбитим. Ас-таҥас кырыымчык кэмэ этэ. Оҕо сылдьан аҕалааҕым буоллар диэн хараастар кэмим элбэх этэ.
Кэлин, үлэһит буолан баран, Москваҕа ирдэбил сурук ыыппыппар: «1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт буоллаҕына, ол саҕана ѳлбүт буойуннар докумуоннарын булар күчүмэҕэй этэ. Онон, эн аҕаҥ сэрии толоонугар хорсуннук сэриилэһэ сылдьан ѳлбүт буолуохтаах»,- диэн эппиэт кэлбитэ. Биһиги аҕабытын сураҕа суох сүппүттэр ахсааннарыгар киллэрбиппит.
Эһэлээх эбэм 12 оҕолоруттан ытыс соттон хаалбыттара. Арай Уйбаантан мин, кыра кыыстарыттан Маайатттан миигиттэн 1,5 сыл аҕа кыыс хаалбыппыт. Николаева Ольга Афанасьевнаттан билигин 2 оҕоттон биирэ баар.
1992 сыллаахха «Память» кинигэ I тома тахсыбыта. Ол кинигэттэн аҕам Давыдов Иван Петрович 1944 сыллаахха Курскай куоракка олунньу 29 күнүгэр госпиталга ѳлѳн мемориальнай кылабыыһаҕа кѳмүллэ сытар диэн сурулла сылдьарын булбуппут.
Мин кэргэмминээн Яковлев Аммос Афанасьевичтыын 2012 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Курскайга тиийэн, аҕам Куочайыттан уонна ийэм Тихонова Александра Степановна кѳмүллэ сытар сириттэн буор илдьэн мемориальнай кылабыыһа 3 нүѳмэрдээх кургааныгар уонна онтон буор аҕалан Куочайга, ийэм буоругар куппуппут. Онон, кинилэри холбообут саҕа сананан, дьоллооҕунан ааҕынабын.
Аҕам билигин тѳрѳппүт сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх эһээ. Олоҕо салҕанар. Кини биһиги сүрэхпитигэр ѳрүү тыыннаах.
Кыыһа Яковлева Ирина Ивановна,
РСФСР норуотун үѳрэҕириитин туйгуна,
«Учууталлар учууталлара»,
педагогическай үлэ ветерана.
2020 сыл.