Черкашин Д.Н. 1922 с. айгыр – силик айыл5а кэхтэн унньуктаах уһун тымныы кыһын саҕаланар кэмигэр, алтынньы 1 күнүгэр Мэҥэ – Хаҥалас оройуонугар Күөллэрики алааска төрөөбүтэ.
Аҕата Черкашин Николай Иванович Чандаҕаайы алааһын төрүт олохтооҕо, «Социализм суола» колхоз тутаах үлэһитэ этэ. Бииргэ төрөөбүт 4 этилэр: Николай, Петр, Михаил, Гаврил.
Ийэтэ Уус – Алдан оройуонун Дүпсүн нэһилиэгиттэн төрүттээҕэ, колхозка уһун сылларга ыанньыксыытынан үлэлээбитэ. Д.Н. Бииргэ төрөөбүт бырааттаах, Егор Николаевич, 1934 с төрөөбүтэ.
Д.Н. 4 кылаас үөрэхтээҕэ, оскуола кэнниттэн кодхозкаа өр сылларга бостуугунан үлэлээбитэ. Кини 1942 с. армияҕа ыҥырыы туһунан бэбиэскэ туппута. Тихэй океаҥҥа морской пехота чааһыгар Соҕуруу Сахалиҥҥа 1075-с № дээх байыаннай чаас 1-кы ротатыгар 20-с ат депотугар сулууспалаабыта, саа-саадах тутан фашистары утары хорсуннук сэриилэспитэ. Төрөөбүт дойдутугар улуу Кыайыыны ситиһэн, өссө 1947с диэри сулууспалаан этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ.
Сэрииттэн кэлэн баран колхозкаа бостууктаабыта. Оччолорго 600субай сүөһүнү көрөрө, дьаныһан туран ьэриниилээхтик үлэлээбитэ.
1949 с Чашкина Екатерина Андреевналыын билсибитэ, ыал буолбуттара.
Д.Н. Колхозка, кэлин М. Горькай аатынан совхозка таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1977 с ВДНХ үрүҥ көмүс мэтээлинэн, оройуон, совхоз, Балыктаах отделениетын салааларын элбэх грамоталарынаан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта, 2001 с Мэҥэ – Хаҥалас оройуонун Бочуоттаах гражданина үрдүк ааты иҥэрбиттэрэ.
Сэрии ветеранын быһыытынан «За победу над Германией», «За победу над Японией» мэтээллэринэн, Улуу Кыайыы юбилейнай мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. Кыайыы 60 с Саха Республикатын президенэ В.А. Штыровтан махтал суруктаах Чороон туппута.
1999 с кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ, 11 оҕону төрөтөн, иитэн-такайан, үөрэттэрэн ыал оҥортообуттара.
Черкашин Дмитрий Николаевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.