1898-1977с
Горнай улууһун II Атамайга, Сталин аат.к-з 1942 с Горнайтан барбыта. Бастаан 202 саппаас СП, онтон III Белорусскай фронт 1229 сп 1106 сп сылдьан сэриилэспитэ,барыта 5 төгүл араанньы буолбута. Аҕа дойду сэриитин 2-с степэннээх, албан аат 3-с степэннээх уордьанарынан наҕараадаламмыта. Дойдутугар эргиллэн кэлэн Атамай Буденнай колхуоһун бырабылыанньатыгар бэрэссэдээтэллээбитэ.Бэрэсэдээтэллээн хаһаайстыбаны атаҕар туруоран, колхуоһу нэһилиэк иһигэр бөдөҥсүтүүгэ бастакы олугу бэлэмнэспитэ. Кэргэнэ Филиппова Агафия Ивановналыын кытта көрсөн таҥара дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэрэ. Оҕолоро суоҕа, түөт тулаайах хаалбыт аймахтарын оҕолорун бэйэлэрин оҕолорун курдук иитэн-улаатыннаран атахтарыгар туруортаабыттара.1977 с. алтынньы 7 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.
Филиппов Роман Данилович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.