А5а дойду улуу сэриитин кыттыылаа5а , Кыhыл Сулус орден кавалера, рядовой Адамов Гаврил Данилович 1922 сыллаахха холхуостаах ыалга тереебутэ. Уеhээ Булуу сириттэн 1942 сыллаахха бэбиэскэ тутан Кыhыл Армия кэккэтигэр ынырыллыбыта. Польшанан, Чехиянан, Венгриянан сылдьан сэриилэспитэ.
Сэриигэ разведчигынан сылдьыбыта. Днепр еруhу туораан эрдэттэн ниэмэстэр саалара, артбатареялара ханна турарын этэн биэрбит. Фашистар контратакалаары гыммыттарыгар ус ниэмэс аппыhыарын ытан елербут.Контр атаака тохтообут.Ол иhин Кыhыл сулус орденынан на5араадалаабыттар.
1945 сыллаахха граната эстибитигэр хара5ын бааhырдыбыт. Госпитальтан тахсан баран санитаарнай пуойаска улэлээбит, онно кыайыыны керсубут.
1945 сылга “За победу над фашисткой Германией”, “За отвагу” мэтээллэрдээх.
Сэрииттэн кэлэн баран колхозка онтон кэлин совхозка утуе суобастаахтык улэлээбитэ. Саха АССР Верховнай сэбиэтин Почетнай Грамотатынан на5араадаламмыта.
Адамов Гаврил Данилович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.