(1917-2008)
В РККА призван 15.06.1942 Чурапчинским РВК. Служил в 14-ой гвардейской механизированной бригаде 4-ого гвардейского Сталинградского Краснознамённого орденов Суворова и Кутузова механизированного корпуса. После ранения демобилизован в 1943 году.
Награжден Орденом Отечественной войны I степени, медалями «За отвагу», «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.», «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.», многими юбилейными медалями и знаками. Ветеран Великой Отечественной войны, инвалид 2-й группы ВОВ, ветеран труда, ветеран 4-го Сталинградского механизированного корпуса.
Александров Устин Павлович ахтыыта: «1942 сыл бэс ыйын 15 күнүгэр барыта 400-тэн тахса киһи буоламмыт баржаларга олороммут төрөөбүт, таптыыр өрүспүтүн Аммабытын таҥнары устубуппут. Ити Амматтан арахсыбыт күммүт барыбыт өйүгэр-сүрэҕэр үйэ-саас тухары хаалбыта. Борохуокка уруккуттан билсэр Лээги, Чыамайыкы ыччата түмсэн, доҕордоһон айаннаабыппыт. Ити курдук айаннаан Чебаркуль станцияҕа сүөкэммиппит. Бииргэ тиийбит дьоммуттан В.Л. Климонтов, В.Н. Стручков, А.Н. Михайлов хамандыырдар оскуолаларыгар үөрэнэ барбыттара.
1943 сыллаахха тохсунньу 20 күнүгэр хомунан айаҥҥа туруннубут. Сталинград чугаһыгар Лецино станцияҕа тохтоон сүөкэннибит. Биһиги түбэспит чааспытыгар Сталинград кыргыһыытыгар үлтү сынньыллан, чугуйан иһэр ньиэмэс сэрииһиттэрин Донецкай уобалас сириттэн үүрэн таһаарар сорук турбут эбит. Сталинградтан биир күн поеһынан айаннаан элбэх сэрии тоҕуоруйан турар Красноармейское дэриэбинэтигэр тиийэн тохтоотубут. Онно олордохпутуна, биһиги биир дойдулаахтарбыт В.Н. Яковлев, С.Д. Федоров иккиэн бааһыран госпитальга сытан, фроҥҥа иккистээн баран иһэллэр эбит. Красноармейское дэриэбинэттэн Белай Глинкэҕэ диэри өстөөхтөрү эккирэтэн туос сатыы икки ый кэриҥэ айаннаан Малиновка, Семеновка уонна атын бөдөҥ дэриэбинэлэри босхолуур кыргыһыыларга кыттыбытым.
Кэлин киэҥник биллэр Кыһыл Знамялаах, Суворов уонна Кутузов уордьаннаах 4-с стрелковай-моторизованнай гвардейскай Сталинградскай куорпус, 14-с стрелковай-механизированнай, гвардейскай биригээдэ састаабыгар киирбитим.
1943 сыллаахха от ыйын 14 күнүгэр күүстээх уот сэрии саҕаламмыта. Киһи дөйүөх курдук снарядтар дэлби тэбэллэр, буулдьалар иһиирэллэр, өстөөх быыстала суох ытыалыыр, бу кэмҥэ икки өттүттэн күүстээх сэрии саҕаланар. Биир оннук ытыалаһыыга полевой куукунаҕа снаряд түһэр, онно 7 повар өлөр. От ыйын 21 күнүгэр аттыбар снаряд үлтүркэйдэрэ хаҥас илиибин, түөспүн хас да сиринэн курдары, сиритэ көтөн аастылар. Хас да сиргэ эмтэнэн, 1943 сыл сэтинньи 25 күнүгэр 5132 №-дээх госпитальга, байыаннай хамыыһыйа быһаарыытынан, 2-с группалаах инбэлиит буолан дойдубар төннөр сибидиэтэлистибэни туттаран кэбистилэр».
Александров У.П. родился 21.07.1917 в Амгино-Нахаринском наслеге. 4 класса образования. До войны жил, работал в Лягинском наслеге, член колхоза им. Чкалова.
После войны работал в колхозе им. Калинина счетчиком, бригадиром, с 1967 года до выхода на пенсию работал кадровым охотником. Умер 31.10.2008 в с. Амга.
С женой Григорьевой Натальей Павловной прожили 63 года, родили 8 детей. В настоящее время дети Семен, Анна, внуки и правнуки живут в с. Амге и Якутске.
Дата рождения и смерти, подразделение где служил, воспоминания, биография.