Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Васильев Николай Матвеевич

Васильев Николай Матвеевич бииргэ төрөөбүт балтын
Васильева Христина Матвеевна ахтыытыттан.

Васильев Николай Матвеевич

Васильев Николай Матвеевич 1926 сыллаахха Yөһээ Бүлүү оройуонун Нам нэhилиэгэр биэс о5олоох ыалга уhус о5онон төрөөбутэ. Кыhыл аармыйа5а кулун тутар 14 кунугэр кунугэр ынырыллыбыта. Бэс ыйын 25 кунуттэн Забайкальскай фронт контрразведкатын «СМЕРШ» батальонугар сулууспалаабыта.
Yөһээ Бүлүү оройуонун Нам нэhилиэгин биир кырдьаҕас олохтоохторо Васильев Матвей Васильевич уонна Васильева Христина биэс оҕолоох этилэр – үс кыыс, икки уол. Убайым колхозка үлэлиирэ. Биирдэ аҕам миигин илдьэ сылдьан сэбиэттэн бэбиэскэ туттарбыттар, уолгун сэриигэ ыыталлар диэбиттэр. Аҕам эттэ «уолбун сааһын эбэн уон сэттэтин туола илик уолбун сэриигэ ыыттылар» диэн. От ыйа 1942 сыл этэ, убайым өрүс уҥуор окко үлэлии сырыттаҕына аҕалбыттара дьиэтигэр. Ийэлээх аҕам харахтарын уута тохто сылдьан таҥаһын хөмуйан биэрбиттэрэ. Аара аһыыр аһылыгын уган атаарбыттара. Убайым миигин сүүспүттэн сыллаан ылбыта уонна “мин сэриигэ баран эрэбин” диэбитэ. Ийэм эппитэ “Киристиинэ киирэн утуй, сарсын киирэн борохуоту көрүөҥ. Түргэн борохуот, дьону Дьокуускайга илдьэр” – диэбиттэрэ. Убайым Дьокуускайтан сурук ыытар этэ. Икки сыл ааспыта. Биирдэ убайбыттан сурук кэлбит, онно эппит «Япония диэн дойдуга сэрии буола турар сиригэр аҕаллылар» диэн. Японияттан хаартыскалаах сурук кэлбитэ. Автомат диэн сааны тутан турабын диэн.
Онтон 1947 сыллаахха убайым сэрииттэн төннөн иһэбин, Бүлүү куоракка аҕаллылар, кэлэн ылыҥ диэн илдьиттээбитигэр аҕам кыра күтүөтүн Иванов Павеллыын аттаах сыарҕанан Бүлүүгэ барбыттара. Кыһын этэ, тымныы баҕайы. Ийэм эт, алаадьы буһарбыта. Оччотооҕуга ыһыырынньык лаампа дьиэни сырдатар этэ. Таһырдьаттан икки киһи дьиэҕэ киирбиттэрэ. Убайым миигин сүүспүттэн сыллаабыта уонна “Киристиинэ улааппыт даҕаны” диэбитэ. Эдьиийдэрим ыал буолан олороллор этэ.
Убайым сэрииттэн кэлэн баран Нам сельпотугар үлэлээбитэ. Убайым 1951 сыллаахха ыал буолбута. Биир уол, үс кыыс оҕоломмуттара. 1957 сыл сэтинньи 11 кунугэр уhун ыарахан ыарыыттан бу дойдуттан туораабыта. Кини олорботох оло5ун о5олоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.