Гаврил Гаврильевич (Аччыгый Хабырыыс) 1923 с. төрүөх. Сэрии иннинэ Төҥүлү оскуолатын кэнниттэн, Тарат уонна Балыктаах нэһилиэктэригэр Ворошилов аатынан колхозка биригэдьиирдээбитэ. Сэриигэ 1942 с. сайын барбыта, младшай командир буолбута. Пруссияҕа диэри сэриилэспитэ. Аҕыста бааһырбыта. «Кыһыл Сулус» уордьаннааҕа, элбэх бойобуой мэтээллэрдээҕэ. 1945 с. муус устарга хаҥас хараҕыттан маппыта. Өр госпитальга сытан эмтэнэн баран, күһүөрү дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кэлээт, Дьабыыл оскуолатыгар военругунан ананан үлэлээбитэ. Сэрии иккис группалаах инбэлиитэ этэ.
Кини төрөөбүт колхоһугар бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. 1946-1951 сс. уот кураан хаттаан сатыылаабыт. Колхозтаах масса бары күүһүн курааны, аһыҥаны, эрдэтээҥҥи хаһыҥнары, быыстала суох салҕанан бара турар тыа баһаардарын утары охсуһууга түмэ тардара. Ол ыарахан сылларга колхоз уопсай баайын-дуолун кыратык да энчирэппэккэ, өссө хаҥатар туһугар түүннэри-күнүстэри күүһүн-уоҕун харыстаабакка үлэлиирэ. Атын оройуон сиригэр-уотугар тахсан оттооһуну тэрийэрэ, кыһынын онно общественнай сүөһүнү үүрдэрэн илдьэн, этэҥҥэ кыстаттаран ылара. Колхозтаахтар үлэлэрин-хамнастарын көҕүлүү, тэрийэ уонна өрө көтөҕө кыһыҥҥы ыыс-быдаан тымныыны-дьыбары, сааскы силлиэни-буурҕаны, сайыҥҥы ардаҕы-силбиги, күһүҥҥү өксүөнү сыарҕалаах атынан, аһаҕас кузовтаах таһаҕас таһар массыына үрдүгэр олорсон, илин-арҕаа, хоту-соҕуруу биирдэ да сынньаммакка, тохтоло суох барара-кэлэрэ. Ол сылдьан фроннааҕы бааһырыылара дьайаннар, онно эбии сэллик ыарыыга хаптаран, баара-суоҕа 28 эрэ саастааҕар 1951 с. өлбүтэ. Наҕараадалара “Орден ВОВ 2 ст», медаль«За победу над Германией»
Калачев Гаврил Гаврильевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.