Находкин Тихон Федорович 1913 сыллаахха атырдьах ыйыгар Нам оройуонугар Партизан нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Аҕа дойду алдьархайдаах сэриитин саҕаланыыта 1941 сыл от ыйын 30 күнүгэр Нам улууһун Арбын нэһилиэгиттэн төрүттээх 1923 сыллаах төрүөх 18 саастаах эдэркээн Иванова Пелагея Тимофеевналыын сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, чугас дьоннорун алгыстарынан Хамаҕаттаҕа ыал буолан холбоһон Ленин колхуоска үлэлээн саҕалаабыттара.
Ол саҕана эдэр ыал Тиэхээн тулаайах хаалбыт быраатын 9 саастаах уол оҕону бэйэлэрин оҕолорун курдук көрөн-истэн олорбуттара үһү.
Эһээбитин Тиэхээни колхуос аатыттан 1942 сыллаахха Дьокуускай куоракка заготовителлэр курстарыгар үөрэнэ сырыттаҕына Дьокуускай военкомата иккис улахан хомуурга түбэһиннэрэн, дьиэтигэр дьонун кытары быраһаайдаһыннара таһаарбакка даҕаны, суһаллык фроҥҥа ыытан кэбиһэллэр.
Улуу Сталинградскай кыргыһыыга кыттан, Ленинград блокадатын төлөрүтүүгэ кылаатын киллэрэн, Ильмень күөл уоттаах, элбэх саха чулуу саллаатын суорума суоллаабыт иэдэннээх быһылааҥҥа бааһыран, дьоппуон сэриитигэр кыттыһан, сэрии кэнниттэн Казахстаҥҥа эйэлээх олоҕу тутууга үлэлээн биһиэхэ, сыдьааннарыгар, холобур буолар олохтоох, чугас киһибит. Улахан уолугар Сергей Тихоновичка сэрии ыар кэмнэрин туһунан маннык кэпсиирэ эбитэ үһү.
Ильмень күөлү туоруулларыгар саллааттары күөл ортотугар баар арыыга сынньаппыттар. Тиэхээн старшойын кытта (2 миэтэрэ үрдүктээх нуучча киһитэ) ол арыыга тохтообокко үргүлдьү ааспыттар. Сарсыарда эрдэ күөллэрин арҕаа биэрэгин булан эрдэхтэринэ, өстөөх сөмүлүөттэрэ күөл устун хайыһарынан айаннаан иһэр саллааттары сиккиэр буулдьа ардаҕынан ытыалаабыттар, тоҥон турар күөл мууһун буомбанан көҥүтэ быраҕаттаабыттар.
Ити ынырык иэдээҥҥэ тыһыынчанан буойун саллааттар суорума суолламмыттара, аҥардас сахалартан 400-тэн тахса киһи былаҕайга былдьаммыта.
Старай Русса дэриэбинэни босхолуур кыргыһыыга Тиэхээн иэдэһигэр бааһыран санитардар бэрэбээскилээбиттэрин кэннэ нэһиилэ сыһыллан истэҕинэ биир үтүө санаалаах эппиһиэр көрөн: «Сахалартан элбэх буойун өлөн туораата, бу саллааты эмтэтиэххэ наада»- диэн санитарнай чааска сурук суруйан эмтэттэрэ ыыппыт
Онно баран истэҕинэ, киэһээ барык-сарык буолуута, дьон саҥаралларын истэн , өстөөхтөргө түбэстим диэн куттаммыт уонна –«Мин бааһырбыт сахабын»-дии-дии хаһыытаабытынан сиргэ охтубут. Саалар сомуохтара тыаһаабыттар да ыппакка нууччалыы ханнык чаастан сылдьарын ыйыппыттар, сааҕын бырах уонна чугаһаа диэбиттэр. Бу курдук хата бэйэтин дьонугар түбэһэн өрүһүммүт.
Бааһа оспутун кэннэ чааһыгар төннөн сулууспатын салҕаабыт. Арай биирдэ окуопаҕа сыттаҕына түүн ким эрэ уһугуннаран аптамаат диискэтин аҕал диэн бирикээстээбит.
«Балай эмэ баара дии”- диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ ылаары баран истэҕинэ, кэннигэр буомба дэлби тэппит, окуопаҕа хаалбыт бииргэ олорбут дьоно бары өлбүттэр. Тиэхээни буруйга тарда сыспыттар, быыһаммыккын, бэйэҥ тоҕута тэптэрбитиҥ буолуо диэн, хаайан биспиттэр. Үс хоннорон баран, өстөөх миинэтэ дэлби тэппитин быһааран төптөрү ыыппыттар.
Иккис бааһырыытын өттүккэ ылбыт. Өр эмтэнэн баран штабка дьурууһунайынан сулууспалаабыт. Арай биир түүн дьуһуурустубаҕа турдаҕына “баран уута аҕал” диэн соруйбуттар. Онно баран кэлиэн икки ардыгар штабы дэлби тэптэрэн биспиттэр. Эмиэ уорбалаан хос хаайаллар. Бу сырыыга өстөөх буомбата түспүт диэн эмиэ босхолууллар.
Үсүһүн бааһыран госпитальга эмтэнэ сыттаҕына, Харковь куораты босхолуурга, бары кыттаҕыт диэн бирикээс кэлэн хас да соххор-доҕолоҥ буолан баран истэхтэринэ биир аттаах генерал түбэһэ көрөн бааһырыылара улахан диэн төнүннэрбит. Сэриилэһэ барбыт саллааттартан ким да тыыннаах эргиллибэтэх. Ол генерал төнүннэрбэтэҕэ буоллар мин эмиэ өлүө эбиппин диэн кэпсиир буолара үһү.
Атаҕа сүгүн үтүөрбэккэ көнтөс сылдьан, аны Кытай кыраныыссатыгар харабылынан анаммыт. Биир түүн поска часовойдуу турдаҕына ким эрэ нууччалыы «Часовой!» – диэн ыҥырбыт. Чаһытынан солбуйсар бириэмэтэ кэлэ илик буолан, сэрэхэчийэн, Старай Руссаҕа курдук «Я!» – диэн хаһытаат охтон түспүт, саатынан ол саҥа туһаайыытынан ытаатын кытта турбут сиригэр быһах кэлэн батары түспүт.
Дьоппуон разведчиктара итинник кэлэн тыаһа-ууһа суох сэбиэскэй часовойдары өлөртөөн бараллар эбит. Ити хорсун быһыытын иһин Находкин Тихон Федорович «За отвагу» мэтээлинэн на5араадаламмыта.
Сэрии кэнниттэн Казахстаҥҥа эйэлээх олоҕу тутууга биир сыл үлэлээн баран 1946 сыллаахха эһээбит Находкин Тихон Федорович 9 ранениелаах, үгүс мэтээллэрдээх төрөөбүт дойдутугар төннөн таптыыр кэргэнинээн Балааҕыстыын колхуоска ньиргиччи эйэлээх олоҕу тутуһа үлэлээн –хамсаан, күүтүүлээх маҥнайгы уол оҕолорун 1948 сыллаахха төрөтөн үөрэ-көтө олордохторуна эбээбит барахсан, ол саҕана элбэх киһи ыалдьар, сэллик ыарыытынан моһуогуран, эрэйи көрөн, эмтэнэ сатаан баран 1951 сыллаахха сырдык тыына быстыбыт. Сэрии сылларыгар тыылга ыарахан үлэни көрсөн, Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕасчыттыы сылдьан тоҥон-хатан, аччыктаан доруобуйатын кэбирэппитэ олоҕун кылгаппыта мөккүөрэ суох.
Эһээбит тапталлаах доҕорун, сэрииттэн эргиллэн кэлэрин эрэнэ күүппүт кэргэнин Хамаҕатта сиригэр –уотугар кистээбитэ. Эбээбитин Пелагея Тимофеевнаны кинини кытта алтыспыт, бииргэ үлэлээбит дьоно олус истиҥник ахталлара-саныыллара, биһиэхэ кэпсииллэрэ.
Кэлин эҺээбит Орджоникидзевскай оройуон Өктөм нэһилиэгиттэн төрүттээх, бэйэтиттэн 25 сыл балыс Лида диэн эдэркээн дьахтары ойох ылан 8 оҕону төрөтөннөр Находкиннар ааттарын ааттатар элбэх сиэн, хос сиэн төрдө буолбуттара. Улахан уолун Сэргэйи кытта улааппытын кэннэ билсэр, оҕолорун билсиһиннэрэн, эһээ буолар дьолу билэн 66 сааһыгар сэриигэ ылбыт баастарыттан ыалдьан сырдык тыына быстыбыта.Кини көмүс уҥуоҕа төрөөбүт-үөскээбит тапталлаах Бартыһаанын нэһилиэгэр айан суолун кытыытыгар сэрии кыттыллааҕа диэн аалай сулуһунан бэлиэтэнэн харалла сытар.
Биһиги, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эһэлээх эбээбитин төһө да хаартысканан эрэ көрөн билбиппит иһин, кинилэр Кыайыы күнүн чугаһаппыттара, эдэр саастарын эйэлээх олох туһугар анаабыттара диэн киэн туттабыт!
Находкин Тихон Федорович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.