1917 сыллаахха Араҥас нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Кыһыл Армия кэккэтигэр 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр ыҥырыллыбытым.
1942 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр Уралга «Юг» станцияттан (билиҥҥитэ Пермскэй уобалас) чугас баар Вершеть диэн былыргы байыаннай лааҕырга кэлбиппит. Биһигини кытары айаннаан испит сорох биир дойдулаахтарбытын аара байыаннай чаастарга хаалларбыттара. Бу лааҕырга тыһыынчаттан тахса саха кэлбиппит. Биир ый устата карантиҥҥа олорбуппут кэннэ сахалары 19-с уонна 22-с хайыһар биригээдэлэригэр тарҕатан, үөрэтэн барбыттара. 1943 сыл тохсунньу 20 күнүгэр биһигини, икки хайыһар биригээдэтин байыастарын, Москва анныгар биир дэриэбинэҕэ аҕалбыттара. Икки нэдиэлэ сынньаммыппыт. Онтон олунньу саҥатыгар поеһынан арҕаа диэки илдьибиттэрэ. Биһиги эшоломмут аара айаннаан истэҕинэ, Вологда куорат чугаһыгар немец самолеттара икки төгүл бомбалаабыттара. «Крестцы» станцияҕа олунньу 15 күнүгэр кэлбиппит.
Станцияттан 60 км сиргэ баар Ильмен күөлгэ хайыһарынан барыахтаахпытын биһиги 27-с армия састаабыгар киирэрбит туһунан дьэ манна билбиппит. Биригээдэбит Ильмен күөлгэ олунньу 22 күнүгэр тиийбитэ. Итиннэ суукка устата тыаҕа сынньаммыппыт. Командование бирикээһин быһыытынан, биһиги түүн күөлү хайыһарынан туораан, халлаан сырдыыта икки дэриэбинэни атаакалаан өстөөхтөн былдьаан ылыахтаах этибит. Күөлү туорааһыны саҕалаабыппыт (күөл туорааһына 35 км эбит). Болдьоммут кэмҥэ күөлү кыайан туораабатахпыт, тыа хатыытын күөл мууһугар көрсүбүппүт. Биһигини өстөөхтөр дэриэбинэттэн билбиттэрэ. Разведчик самолеттар көтөн тахсыбыттара. Ити кэнниттэн ситэ сүүрбэччэ мүнүүтэ буолбакка, бомбардировщиктар көтөн кэлбиттэрэ уонна биһигини аһаҕас сиргэ буомбалаан барбыттара. Биһиэхэ авиация суох этэ, сир-халлаан икки ардыгар бырахпыттара. Итинэн туһанан икки суукка устата бомбалаабыттара. 19-с биригээдэ элбэх сүтүгү көрсүбүтэ, мин историческай литератураҕа суруллубут ынырык хартыынаны илэ харахпынан көрбүтүм. Саха сирин сүүһүнэн үтүөкэннээх чаҕылхай уолаттара ийэ дойдуларын көмүскэлигэр диэн ууга түһэн өлбүттэрэ. Мин уҥа атахпар бааһырбыппын полевой госпитальга эмтээн үтүөрдүбүттэрэ. Кулун тутар 5 күнүгэр Старая Русса куоракка сэриилэспитим. Бу улахан кыргыһыыга 1943 сыл кулун тутар 8 күнүгэр ыараханнык бааһырбытым. Аҕыс ый эмтэнэн баран, төрөөбүт дойдубар төннөн кэлбитим.
На5араадалара: – «За победу над Германией в ВОВ» 1941 – 45гг. 26.03.46.
– «За доблестный труд» 07.11.46г.
– «За боевые заслуги» 25.02.48г.
– «50 лет вооруженных сил в СССР» 20.02.69г.
– «30 лет победы ВОВ» 30.04.75г.
– «Ветеран труда» 26.06.75г.
– «60 лет вооруженных сил СССР» 04.08.78г.
– «Орден Отечественной войны 2 степени» 11.03.85г.
– «40 лет Победы ВОВ» 05.05.85г.
– «Юбилейный памятный знак в честь 40-летия Победы» 25.12.85г.
– «70 лет вооруженных сил СССР» 11.05.88г.
– «50 лет Победы ВОВ» 22.03.95г.
– «Кыайыы 50 сыла» 30.04.95г.
– «Медаль Жукова» 19.04.96г.
– «42 года Победы» 20.05.97г.
– «Медаль фронтовик» 1941 – 45гг. 09.05.2000г.
Олесов Василий Петрович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.