Мин, Адамов Дмитрий Дмитриевич, 1923 с. алтынньы 10 күнүгэр Абаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Төрөппүттэрим аҕам – Адамов Дмитрий Иванович Алтантан төрүттээх, ийэм – Дьячковская Елена Ильинична Соморсунтан төрүттээх, Абаҕа нэһилиэгэр Саһыл-Сыһыыга олорбуттара. Абаҕа оскуолатыгар 6 кылааһы бүтэрбитим уонна 1941с. сылтан “Саһыл-Сыһыы” колхозка биригэдьииринэн үлэбин саҕалаабытым..
Бэс ыйын 10 күнүгэр 1943с. армияҕа ыңырыллыбытым. 1943-44сс диэри стрелковай полкаҕа автоматчигынан, 1944-46сс зенитнай полкаҕа орудие командирынан, 1947-50сс. зенитнай-артиллерийскай полкаҕа командир солбуйааччытынан сулууспалаабытым. Сулууспалыыр кэммэр 1945с. Японияны утары сэриигэ кыттыбытым. Армияттан 1950с. бэс ыйыгар дойдубар эргиллэн кэлбитим. Япония сэриитигэр кыттыбыппын 3061116 №-даах “За боевые заслуги”, 141147 №-дээх “За Победу над Японией” медаллар туоһулууллар, Махтал сурук “Благодарность за отличное боевое действие в борьбе против японского империалистического формирования Большой Хинган и преодоление безводной Монгольской степи”.
Армияттан дойдубар кэлээт да урукку үлэбэр киирэн биригэдьиирдээн барбытым. Онтон 1952-58сс. диэри Амматааҕы МТСка тракториһынан Амма оройуонун бааһыналарыгар үлэлээбитим. 1958с. дойдутубар Абаҕаҕа кэлэн Строд аатынан колхозка тракторнай биригээдэҕэ биригэдьииринэн, Абаҕа сельсоветын секретарынан 1975с. диэри үлэлээбитим. Онтон 1979с. пенсияҕа тахсыахпар диэри совхозка рабочайдаабытым. Үлэлиир кэммэр ханнык да тэрилтэҕэ үлэлээбитим иһин үлэбин чиэстээхтик толорорум, махталы ыларым. 1955с. МТС Бочуотун кинигэтигэр киирбитим, элбэх юбилейнай медалларынан наҕараадаламмытым. 1973-94сс КПСС чилиэнэбин.
Билигин пенсияҕа олоробун, 2003 с. иккис группалаах инбэлииппин. Кэргэним Адамова Галина Андрияновналыын 8 оҕолоохпут, 7 сиэннээхпит уонна хаһаайыстыба тутан олоробут.
Адамов Дмитрий Дмитриевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.