Бэс ыйын 5 күнүгэр 1943с. Амма-Наахараҕа учууталынан үлэлии сырыттаҕына Чурапчытааҕы РВК армияҕа ыҥырыллыбыта.
№581-дээх салгын Армиятыгар аэродрому көрөр- истэр бөҕөргүтүллүбүт батальоҥҥа түбэспитэ. Монголиянан, Кытайынан, Кыайыы бырааһынньыгын Мукден куоракка бэлиэтээбиттэрэ. Сэрииттэн 1946с. тохсунньу ыйга эргиллибитэ.
Сэрииттэн төттөн кэлэн баран учууталынан үлэлээбитэ (31 сыл).
1972-1982сс Амматааҕы ВООПИИК отд. Президиум Советын бэрэссэдээтэлэ.
Биллэр общественнай экскурсовод, педагогическай үлэ ветерана , элбэх историческай, публицистическай статьялар автордара, краевед-энтузиаст.
Наҕараадалара:
Сэрии кэмигэр И.В. Сталин бирикээстээх благодарность ылбыт.
“За победу над Японией” мэдээллээх
Звание: рядовой, зенитный пулеметчик, зав.130.зенит.пулем.581батар.