Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Захаров Константин Николаевич

Константин Николаевич Захаров 1924 сыллаахха, ыам ыйын 9 күнүгэр, Абаҕа нэүилиэгэр үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Захарова Анастасия Даниловна Хонору Бойуотуттан, аҕата Николай Яковлевич Абаҕа төрүт олохтооҕо этилэр, сүөһү иитиитинэнэ дьарыктаналлара. Сэттэ оҕо төрөөбүтүттэн кини тыыннаах хаалбыт уонна аҕатынан бииргэ төрөөбүт убайа Гаврил Николаевич – Хабырылла, ийэтинэн бииргэ төрөөбүт убайа Алексей Степанович Осипов. Онон холбоон үһүөлэр.
Оҕо сааһа Хонур Биэ диэн алааска ааспыт. Тоҕус саастааҕар оскуолаҕа үөрэнэ киирбит, икки сыл үөрэммит. Онтон төрөппүттэрэ кыһыл оҕону иитэ ылбыттар, ол Захар Ким Никитич этэ. Оҕо иринньэх буолан Көстөкүүн оҕо көрөөччү буолан, оскуолаттан тохтообут.
!ҥ сааһыттан колхоз араас үлэтигэр: оҕус сиэтээччинэн, отчутунан-масчытынан үлэтин саҕалаабыт. 1940 сыллаахха аҕата уһун ыарыыттан өлөр, онтон ыла улухан киһи буолан үлэҕэ мускуллубутунан барар.
1941 сыллаахха биригэдьииринэн ананан 20-тэн тахса киһини салайан Нуотара үрэҕинэн, Усс-Майанан оттуур сир көрдөһөн, 80-ча сүөһүнү көрөн-харайан, хотон тутан икки сылы быһы үлэлээбиттэр.
Онтон сэриигэ иккитэ ыҥырыллыбыт. Маҥнайгы сырыытыгар доруобуйатынан сыыйыллан төннүбүт. Иккис сырыытыгар 1943 сыллаахха дьэ хапсан Забайкальскай военнай округка службалыы аттаммыт. Абаҕаттан ҥ киһи барбытыттан олор истэригэр убайа Хабырыллаллыын түбэспиттэр.
Уонча хонук борохуотунан айаннаан Чита куораты булбуттар, онтон Монголия границатыгар тиийбиттэрин кэннэ убайынаан икки аҥы арахсыбыттар. Константин Николаевич Баян Түбэй куорат аттыгар минометно-сапернай батальоҥҥа түбэһэн учебканы саҕалаабыт. Сапер идэтигэр үөрэнэн барбыт.
Үөрэнэ сылдьан караулга тураллара, боеприпастаах складтары харабыллыыллара. Биир түүн постка турдаҕына, икки күннээх хаардаах, ардахтаах буурҕа түспүт. Көмө сатаан кэлбэккэ хаарга нь суутка баттатан туораабыт. Ол түмүгэр санчастка икки өттүттэн пневмониялаан өйө суох киһини киллэрбиттэр. Ый аҥаара госпитальга эмтэммит Читаҕа, онтон комиссиянан доруобуйатынан сыыйыллан дойдутугар төттүбүт 1944 сыллаахха. Онтон ыла үлэ киһитэ буолбута. Харыс сири халбарыйбакка Строд колхозка үлэтин сылгыһытынан саҕалаабыта. 40-тан тахса сыл эҥкилэ суох араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Пенсияҕа тахсарын саҕана 5 бутэһик сылыгар совхоз директорынан хаһаайыстыбыннай чааһыгар солбуйааччынан һлэтин түмүктээбитэ. 67 сыл Коммунистическай Партия эрэллээх чилиэнэ, Компартия Саха сиринээҕи салаатын III съеһин делегата. Өр сыл Абаҕа нэһилиэгэр Ветераннар сэбиэттэрин бэрэсэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Наҕараадалара:
“Аҕа дойду сэриитэ” орден кавалера, И.В.Сталин 120 сааһын туолбутунан мэтээл, Г.Жуков аатынан мэтээл, знак “Ветеран Забайкальского фронта”. Өр сыллаах үлэ түтүгэр: “ветеран труда”, “За доблестный труд в ВОВ 1941-1945гг”.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.