Сэрии туһунан кэпсиирин сөбүлээбэт этэ. Биир ахтыыта суруллан хаалбыт. Виктор Ильич бэйэтин ахтыыта:
“Комсомол оройуоннааҕы комитетын дьаһалынан 1941с. Аччаҕар нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Түөйэ, Дьаарылла, Болтоҥо) советын секретарынан уонна начаалынай оскуолатын сэбиэдиссэйинэн анаммытым. Кыһыл Армия кэккэтигэр 1942с. ыҥырыллан, Мальтаҕа младшай комсостав үөрэҕэр үөрэнэ сырыттахпына, Чита куоракка илдьэн артиллеристка үөрэппиттэрэ. Онтон фроҥҥа атаарыллыбытым, онно 1943с. биһиги эшеломмут Ивановскай уобаласка сүөкэммитэ. Сотору мин Курскай туһаайыытынан 45 калибрдаах противотанковай пушка расчетугар заряжающай (иитээччи) эбээһинэһин толорон, хас да кыргыһыыларга кыттыбытым уонна бу дьыл ыарахан контузияны ылан, өйбүн сүтэрэн, госпитальга киирбитим. Бу кэнниттэн эмиэ сэриилэһэр армияҕа атаарыллан, I Белорусскай фронт 24 артдивизионун байыаһа буолабын. Онно Белоруссия куоратын Гомелы штурмалааһыҥҥа кыттыыны ылбытым. Манна миэхэ биир бэлиэ түгэн өйбөр хатаммыт. Гомель куорат Сож диэн өрүс адьас үрдүгэр наһаа улахан хайа курдук биэрэккэ үллэн олорор. Бу биэрэги немецтэр ыҥырыа уйатын курдук хастан, олорчу дзоттары, доттары оҥостон, биһигини биэрэк бэтэрээ кытыытыгар буускаларбытын үтэн киллэрэн, утарыта ытыалаһыы буолта. Онно биһиги батареябыт 4 буускатыттан 2 орпута да, биирбит улаханнык эмсэҕэлээбит этэ. Биһиги буускабыт бүтүн соҕуһа, ол оннугар расчеппут 7 киһититтэн 3 эрэ тыыннаах хаалбыппыт. Дьэ ити курдук, 1944с. Арҕаа Украинаҕа Ковель куорат таһыгар, контузиям көбөн, эмиэ госпитальга киирэн баран, дойдубар эргиллэн кэлбитим. Дойдубар кэлээт районо инспекторынан үлэлээн иһэн, көрдөһөн педучилище 3 курсугар үөрэнэ киирбитим”.
Чурапчытааҕы педагогическай училищены 1945с. үөрэнэн бүтэрбитэ. 1949-50с.с. Виктор Ильич САССР Госиздательствоҕа учебниктары оҥорууга эппиэттээх редакторынан үлэлээбитэ. Онтон Павловскай, Тулагы, Хатас оскуолаларыгар история учууталынан, завуһунан үлэлээбитэ. Тулагы оскуолатыгар ийэбитин Клавдия Гаврильевнаны көрсөн ыал буолбуттар.
1959с. Чурапчыга Сылаҥ нэһилиэгэр учууталынан ананан 4 оҕолоох эдэр ыал көһөн кэлэллэр. Онтон ыла ханна да халбарыйбакка Сылаҥҥа олохсуйан, иккиэн учууталынан үлэлээбиттэрэ. Виктор Ильич олоҕун устатын тухары айар үлэнэн дьарыктаммыта. Сүруннээн хоһоон, проза, оҕолорго анаан “Бэлэх» диэн кэпсээн кинигэ, элбэх очеркалары суруйбута. Бастакы кинигэтэ “Быйаҥнаах хочобор” 1959с. бэчээттэммит. Онтон салгыы 5 кинигэтэ бэчээттэммиттэрэ. Кэлин Виктор Ильич орто дойдуттан барбытын кэннэ “Уот ардах аннынан”, “Көмүс далаһа” кинигэлэрэ бэчээттэннилэр, хоһооннорун тылларыгар элбэх ырыа айыллыбыта. Наҕараадалара: Мэтээллэр: “За Победу над Германией” «20 лет Победы», «30 лет Победы», «50 лет Вооружённых сил СССР», «60 лет Вооружённых сил СССР»
«25 лет Войны 1941-45гг.» бэлиэ, совхоз, райком, райсовет, районо, культура Министерствотын дипломнара, Бочуотунай грамоталара.
1984 сыллаахха уһун ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.
Башарин Виктор Ильич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.