Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Чемпосов Николай Федорович

Чемпосов Николай Федорович
Николай Федорович родился в 1920 году в д. Черендей. Участник Великой Отечественной войны 1941-1945 гг.
Николай Федорович ушел на фронт в 1941 году. Служил в артиллерии. Попал в плен. Был в концлагере. Неоднократно совершал побег вместе с другими военнопленными. Вспоминал, как однажды они, пятеро солдат накинув на колючую проволоку одела, бежали. Но далеко уйти не удалось. Немцы схватили их на вторые сутки и бросили в газовую камеру. Стало очень трудно дышать. Потеряли сознание. Очнулся он на улице. В живых остался он один, остальные не выдержали. Его похвалили, что живой. Назначили пекарем. Долгих 4 года выпекал хлеб для лагеря. В 1945 году был освобожден англичанами и отправлен на Родину. До 1946 года находился на проверке и только в 1946 году вернулся домой, к семье в Черендей. Работал в колхозе «Борец», затем в совхозе. О войне вспоминать не любил, воспоминания больно ранили душу.
Награжден медалями: «20 лет Победы», «30 лет Победы», «40 лет Победы», «50 лет Победы», «60 лет Победы», «Ветеран труда».
Воспитал и вырастил шестерых детей. Умер 19 января 1987 года.
Чемпосов Николай Федорович
От 4 мая 2018 г, газета «Олекма»
1920 сыллаахха 1 Нөөрүктээйи нэһилиэгин Кудай дэриэбинэтигэр төрөөбүт.
Үөрэҕэ суох, нууччалыы аанньа билбэт буолан, хайа сиргэ баарбын да өйдөөбөппун. Арай иһиттэхпинэ, Аармыйа командующайа Власов да Власов диэн кэпсэтэллэр. Тугу? Олох өйдөөбөппүн. Биир күн оборонаҕа сыттахпына бирикээс кэллэ: «Өстөөх кэннибитигэр тахсыбыт, төттөрү өттүгэр уоту аһыҥ» – диэн.
Биһиги бэйэбит тыылбыт диэки күргүөмүнэн ытыалаан эрдэхпитинэ арай…иннибитигэр кыһыл былаах тэлимниир. Сигнал биэрэллэр эбит, бэйэбит дьоммут диэн. Ол эрээри офицердар: «Ити сымыйалара, ытыалаан иһин», – диэн баргыйаллар. Биһиги тугу эрэ сэрэйэ санаан, арааһа провокация быһыылаах дэһэн бардыбыт. Уонна … үөһэ мээнэ ытыалаан бардыбыт.
Ону көрөн командирдарбыт барыбытын стройдатан баран ханнык эрэ станцияҕа, поездка аҕаллылар. Вагоннарга олордон ханна эрэ илтилэр. Арай биир сиргэ поезд тохтоон турар эбит. Биһиги поездпыт параллельнай ыллыкка кэккэлэһэ турунан кэбистэ. Ааннары асталаан бары ыстаҥалаһан туһэн стройдаатыбыт.
Эмискэ турар вагоннар ааннара аһылла биэрдилэр да, биһигини уун-утары уонунан бүлүмүөттэр кыҥаан тураллар эбит. Суостаах хамаанда иһилиннэ: «Сааларгытын быраҕыҥ!». Биһиги хайыахпытый,турар сирбитигэр тамнаатыбыт буоллаҕа дии. Туох эрэ диэн суруктаах повязкалаах дьон кэлэн бинтиэпкэлэрбитин хомуйан ыллылар. Бэйэбитин харыс да хамсаппакка пулеметтарынан тирээн тураллар.
Кэлин билбиппит «РОА» диэн суруктаах дьон эбит, соннорун сиэҕиҕэр. Ити «Русская освободительная армия» диэн эбит этэ.
Офицердар тахсаннар: «Ким Власов армиятыгар сулууспалыан, большевиктары утары кыргыһыан баҕарар – стройтан тахсыҥ», – диэтилэр. Бэрт агыйах киһи иннин диэки хардыылаата. Полк үксэ хамсаабата даҕаны. Албыҥҥа түбэспиппитин дьэ биллибит.
Петлицаларбытыгар байыаннай званиеларбыт ыйылла сылдьаллар буоллага. Онон көрөн, командирдары уонна политруктары стройтан состолоон таһааран, сонно тута поезд кэтэгэр ытыалаан кэбистилэр. Ол кэннэ өссө биирдэ ким сулууспалыан баҕарарый диэн ыйыппытарыгар эмиэ ким да тахсыбата. Онуоха власовецтар барыбытын бу сырыыга саа прикладынан охсо-анньан вагоннарга төттөру симтэлээтилэр.
Ити иннэ өссө дьэгдьийэн туох баар малбытын былдьаталаан ылбыттара.
Төһө өр айаннаабыппытын ойдөөбөппүн. Салгын тиийбэтиттэн, дьон сонно вагонна тахсан киирэллэрин сытыттан-сымарыттан, хас да күн уу эрэ бэрт кыратык биэрэллэриттэн хас да киһи тулуйбакка өллүлэр.
Поезд тохтообутугар көрбүппүт – букатын билбэт сирбитигэр кэлбит эбиппит. Омуктуу саҥараллар этэ. Бу иһэн саллааттар хайдах эрэ армия командующайа Власов генерал биһигини таҥнаран фашистар диэки буолбутун билбит этилэр. Ол содулугар билиэн түбэстэхпит дии.
ТаЬаартаан стройдаттылар. Ханна аҕалтаатылар диэн тула көрбөхтүү турдахпытына, мааны таҥастаах дьон кэлэн биһигини сүөһу курдук тутан-хабан бардылар. Илиибит быччыҥын, атахпытын убахтыыллар. Сорохтору эмискэ түөскэ охсоллор. Охтубатахтарына стройтан таһаараллар. Миигин хайа эрэ тойон итинник гынан эмиэ таһаарда. «Азиат» эҥин диир быһыылаага. Массыынаҕа олордон илдьэ барда. Аччыгым диэн сүр. Мэктиэтигэр мэйиим эргийэр.
Элбэх баҕайы кууруссалар турар сирдэригэр аҕалла. Дьиэ-уот да дэлэй. Курусса килиэккэтин таһыгар баар хаптаһын хоспоххо аҕалан тарбаҕынан ыйар, «манна олороҕун» диир быһыылаах. Элбэҕи саҥаран куллугуруур, ыт үрэрин курдук саҥалаах (кэлин билбитим францияга аҕалбыттар эбит). Арай хаһаайын кууллаах турар куурусса аһылыгын ыйар уонна айаҕын көрдөрөр «мантан сиэ» диир быһыылаах. Комбикорм эбит этэ.
Кууруссалары аһатабын, килиэккэлэри ыраастыыбын. Сымыыты атын киһи хомуйара.
Биирдэ сынньана олордохпуна 14-15 аастаах кыыс оҕо чугаһаан кэлбитэ. Танаһа-саба учугэй баҕайы. Кини миэхэ чугаһаан икки бэрэскиини ууммута. Ылан сиэбитим, эттээх эбит этэ. Үөрэн махтаммытым.
Онтон ыла ити кыыс миэхэ араас астаммыт аһы аҕалар буолбута. Эргим-ургум көрөрүттэн сылтаан кистээн аҕаларын сэрэйбитим. Ол кыыс этэринэн (илиибитинэн кэпсэтэбит) манна атын билиэннэйдэр эмиэ бааллар эбит этэ. Кинилилэри көрбөтөҕүм. Сорохторо сылгы, сылгы сүөһу көрөллөр үһү. Икки ый курдугунан биир киһи кэлэн илдьэ барбыта. Олох да тыыннаах «табаар» буола сылдьабын эбит.
Чугас соҕус илдьэн бэйэтин хаһайыстыбатыгар дьиэ ис-тас үлэтигэр сылдьымахтаабытым кэннэ, сирдэ быһыылаах, атын киһиэхэ биэрдэ. Аанньа аһаппат этэ. Онон барарбыттан үөрэ санаатым. Ол киһи син ыраах олороро. Онно эмиэ хаһаайыстыба бөгө. Ити сырыттахпына Кыайыы буолбута. Атастаһыкка хабыллан дойдубар кэллим.
Чемпосов Николай Федорович өссө да 1960 сылларга диэри КГБ-лар субу-субу куоракка киллэрэр этилэр. Доппуруоска. Кини сэриигэ барыан иннинэ биир оҕо хаалбыт буолуохтааҕа. Кэлэн баран 7 оҕо төрөөбүт буолуохтаах. Кинилэр дьиэ кэргэттэригэр. Дабаана олохсуйан, онно улэлээн 1990 сыллаахха өлбүтэ.
Ахтыылары 1 Нооруктээйи
олохтооҕо, краевед, общественнай
корреспондент А.Н.Филиппов
хомуйан бэчээккэ бэлэмнээтэ.

«Ахтар-саныыр бар дьонум» диэн кинигэгэ М.Н.Дордосова ахтыытыттан
Чемпосов Николай Федорович (Хара Коля). Армияга барарыгар кэргэнэ 1 оголооох хаалбыта. Власовецтарга билиэн тубэспит, оччолорго кэпсээ диэтэххэ «Боболлор» диэн бэрт кистэлэнинэн кэпсиирэ. Окуопаттан немецтэри кытары ытыалаЬа сыттахтарына, «Тохтоон» – диэн» хамаанда кэлэр. Онтон чочумча буолаат, иккис хамаанда кэлэр: «Эргиллээт тоттору КыЬыл Армияны ытыалаан», – дииллэр. Онно биир да киЬи ыппат. Туохха тубэспиппитин бэйэбит да билбэппит, барыбытын окуопаттан таЬаартаан, туох да элбэх саллааты тимир суол станциятыгар агаллылар. Тимир вагон иЬигэр испиискэ курдук киллэрэн туруортаан кэбистилэр. ТоЬо ор айанннаабыппытын билбэппит, биир сиргэ агалан суоккээтилэр, Аан аЬыллан киирбитигэр ойдоммутум, дьоннор тахсан эрэллэр эбит. Олбут дьоннору туора сыгарыталаан, нэЬиилэ таЬырдьаны буллум. Ол вагон иЬигэр элбэх киьи олбут этэ. Санаан да корботох дойдубутугар кэлбиппит. Тыыннаахтары барыбытын кэчигирэччи туруордулар уонна санныгар охсоллор. Охтубут киьини туора тэбэн кэбиЬэллэр. Мин суЬуохпун кытаанахтык тутан турар буолан охтубатым. Дьолго. Санныбыттан тутан туора таЬаардылар. Раас массыыналаах дьон элбэх. Биир киЬи миигин массынага уган илдьэ барда. Элбэх да элбэх кууруссалар турар сирдэригэр агалла. Биир муннукка миэстэ ыйда. Тугу санарарын ойдообоппун. Куурусса аЬылыга турар сирин корон сиэ диир быЬыылаах. Айагын ыйынар. Бука комбикорм буолуо, куурусса сиир. Кранынан уу кэлэр эбит. Хата ону иЬэн абыранным. Кууруссалары аЬаталаатым. Муннукка олордохпуна, 14-15 саастаах кыыс ого икки бэрэскиини агалан биэрдэ. Оо, онно уорбуппуун. Биэрээт да, бэйэтин тылынан тугу эрэ санаран баран, баран хаалла. Кэлин ол кыыс ый курдук аьатта. КиЬи билбэт доруобай киЬи буллум. Эмиэ хантан эрэ массыыналаахтар кэлэллэр, миигин ыныран таЬаараллар. Массынаттан киЬи тахсан эмиэ хас да киЬиттэн миигин талан ылан массыынатыгар укта. Урукку киЬибэр харчы боготун биэрдэ. Уонна миигин ханна эрэ илдьэ барда. Онтон биир сиргэ кэлэн массыынаттан таьаарар, ол тойон эмиэ улэгэ уэлэтэр. Аны 3-с сирбэр агалаллар. Францияга. Онно ойдообутум: билиэннэйдэри атыылыыллар эбит. Францияга сырыттахпына, Кыайыы буолан, атастаЬыкка тубэЬэн дьэ дойдубар кэллим диэн кэпсиир буолара.
Подразделение где служил, воспоминания и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.