Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Дмитриев Михаил Егорович

Биһиги аҕабыт Георгий Михайлович төрөппүт аҕата Дмитриев Михаил Егорович 1904 сыллаахха Кумахтаах Маалтааныга төрөөбүтэ.Колхозка үлэлии сырыттаҕына сэрии саҕаланар.1942 сыл сайыныгар фроҥҥа балаһыанньа олус кытаатар.Өстөөх Москваны,Ленинграды ылаары ыксатар,ыган киирэн иһэр.Онон саа-саадах тутуох айылаах доруобай эр дьону барыларын армияҕа ыҥыраллар.Биһиги эһэбит Михаил Егорович бэс ыйыгар армияҕа ыҥырыллан,дойдутун,сирин көмүскүү ыраах айаҥҥа аттанар.Кини 2 уола -Георгий Михайлович уонна Семен Михайлович ити кэмҥэ эмиэ уоттаах сэриигэ ыҥырыллан бараллар.Дьиэтигэр кэргэнэ Өлөксөөс уонна кыра кыыһа Роза сайыһа хаалаллар.Ол кэмнэргэ саллааттары Иркутскайга диэри өрүһүнэн баржаларга симэн,онтон Иркутскайтан антах товарнай вагоннарга симэн,кинилэри ханна да үөрэтэ сатаабакка тута сэрии толоонугар тиэрдэллэр эбит.Ол курдук кинилэри Ленинградскай фронт сэриилэһэр сиригэр диэри илдьэллэр.Ити Ленинград блокадатын кэмнэрэ.Куораты өстөөх төгүрүйэн олорор.Сэрии саҕаланыаҕыттан фашистскай Германия талыллыбыт дивизиялара куораты ылаары техника өттүнэн улаханнык биһиэннэрин баһыйар этилэр.Ленинград тула биһиги да өттүбүтүттэн,немецкай армия да өттүттэн улахан,элбэх сүтүктээх киирсиилэр буолаллар.Саллаат бөҕө охтор,өлөр,билиэн барар,сураҕа суох сүтэр.Саҥаттан саҥа саллаат Саха Сириттэн,Сибииртэн,Казахстантан кэлэн бу үлүгэрдээх аймалҕаннаах уоттаах сэриигэ кыттар,сор суолун булар.Бу Синявино диэн ааттаах сир.Чуолаан бу сиргэ сэриилэспит саллааттартан элбэх саха билиэҥҥэ түбэһэн канцлагерга үүрүллүбүт эбит,тыыннаах да хаалбыт олох аҕыйах.Биһиги эһэбит хас да сүрүн суолталаах байыаннай операцияларга кыттыбыт.Тиһэҕэр операция “Искра” диэҥҥэ кыттыбыт.Ол сылдьан сэрии толоонугар охтон олоҕо быстаахтаабыт…Саас кэргэнэ Өлөксөөс похоронка туппут.Онно саллаат Дмитриев Михаил Егорович 1943 сыллаахха олунньу 5 күнүгэр өлбүтүн туһунан биллэрбиттэр.Биһиги эһэбит Дмитриев Михаил Егорович бу алдьархайдаах,алдьатыылаах,иэдээннээх,хабыр киирсиилээх сэриигэ дойдута көҥүл буоларын туһугар киһи тулуйбатаҕын тулуйан,кыайбатын кыайан,биир да мүнүүтэҕэ саарбахтаабакка,куттаммакка,чугуйбакка инники кирбиигэ хорсуннук охсуһан оҕолорун,сиэннэрин инники кэскиллэрин туһугар олоҕун толук уурбут саха эр санаалаах саллааттарыттан биирдэстэрэ буолар.
Биһиги эһэбит сэриилэспит сиригэр улахан федеральнай суолталаах “Синявинские высоты” диэн мемориал аспыттара.Онно Саха сириттэн кэлэн сэрии толоонугар охтубут буойуннарга памятник туруорбуттара.Биһиги эһэбит Дмитриев Михаил Егорович аата онно көмүс буукубанан суруллан турар.Бу памятник кини сиэннэрэ,хрс сиэннэрэ,хос-хос сиэннэрэ сылдьан сүгүрүйэр сирдэрэ буолар.Биһиги онно дьиэ кэргэнинэн-кэргэммин,оҕолорбун,күтүөттэрбин,сиэннэрбин кытта бара сылдьааччыбыт.Биһиги эһэбитин,хос эһэбитин кэриэстээн Санкт-Петербурга хас сыл аайы “Бессмертный полк” акцияҕа портретын тутан оҕолорбун,сиэннэрбин кытта кыттааччыбыт.Эһэм сырдык аата умнуллубат.

Кыыһа Дмитриева Тамара Георгиевна.Санкт-Петербург..

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.