Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Егоров Иннокентий Дмитриевич

Амма улууьун Кугда диэн бэрт кыра нэьилиэгэр угус айма5а суох Дмитрий Иннокентьевич, Парасковья Николаевна Егоровтар нэьилиэк кинээьэ, 700 суеьулээх Киргиэлий Жирковка отчут-масчыт буолан олорбуттара. Дмитрий Егоров (Темтеех) сытыы тыллаах-естеех киьи, маннай ревком чилиэнинэн, кэлин ор кэмнэ Сэбиэт председателинэн улэлээбитэ. Амма сунньунен бандьыыттар сыл аайы эргийэр
кэмнэригэр эккирэтиигэ, тоьуурга элбэхтик тубэьитэлээн олор-олууттэн мулчу-хаччы туьутэлээбит а5ай киьи.
1942 с, бэс ыйын 19 кунугэр Чурапчыттан 505 киьи, ол иьигэр 36 учуутал, сэриигэ аттаммыта, Кинилэр ортолоругар Иннокентий Дмитриевич
тугуспутунан Бершеть байыаннай лаа5ырга тиийэн биэс хайыьар биригээдэтигэр
уллэьиллибиттэрэ. Иннокентий телефонист идэтин баьылаан 21-с биригээдэ5э тубэспитэ. Немецтар тимир суолу тиьигин быспакка, улту буомбалыыллара. Онон чаастары фронт кирбиититтэн букатын ыраах Бологое станция5а туун тиэрдэн суоккээбиттэрэ. Онтон туох баар сэриилэьэр сэптэрин, аьыьыр астарын санныларыгар сугэн, кунус тыа5а саьан, хаар урдугэр сынньанан ыла-ыла туунун
айаннаан сындалыйан, улаханнык илистэн фрону-ый анаарынан булбуттара. Тута Старай Русса туьаайыытынан кыргыьыыга киирбиттэрэ. Бадарааннаах киэн хочо5о биэс хонуктаах хаан тохтуулаах кыргыЬыыга 21-с биригээдэттэн бэрт а5ыйах киьи ордубута. Нэьиилэ атахтарыгар эрэ уйуттар дьону 5-с салгын десантнай гвардейскай биригээдэтигэр холбообуттара. Кинилэри оборона5а атын чаас кэлэн солбуйбута. Аатырбыт Курскай то5ойдоох кыргыьыыны Иннокентий от ыйын 6-10 куннэригэр Юденка дэриэбинэ5э естеех сирэйэ-хара5а суох кимэн киириитин теттеру охсууттан са5алаабыта.
От ыйын 12 кунугэр, биьиги армиябыт кимэн киириитэ са5аланыытыгар, Поныри тимир суол тумук станциятыгар уна тоноло5ор баьырбыта. Уьун эмтэнии кэнниттэн 44-с стрелковай дивизия автоматчиктарын ротатыгар сылдьан Мозырь уонна Калинковичи икки ардыларынаа5ы биир дэриэбинэ5э аны тебетугэр бааьырбыта. Онтон утуорээт 105-с Дальневосточнай стрелковай дивизия 16-с Уссурийскай полкатыгар телефониьынан анаммыта.
Кыьыл Армия уЬулуччулаах бойобуой дьо5урун кердербут «Багратион» операция5а Иннокентий Рогачев хоту еттунэн Прут оруьу туорааьынна кыттыбыта. Белоруссия унуоргута кестубэт бадарааныгар тимирэ сыьа-сыьа снарядтарын, пулеметтарын сыьан-соьон, елен-тиллэн туран сэриилэспиттэрэ. Бу иьин Егоров И. Д. Кыьыл Сулус орденынан на5араадаламмыта, Верховнай Кылаабынай Командующей махталын ылбыта.
1944 с. атырдьах ыйыгар Польша5а Остров-Мазовец куорат таьыгар естеех хардары атаакатын теттеру охсууга Иннокентий уна саннын дьеле кетутэр. Кылгастык эмтэнээт, Наров ерус унуор естеех ус обороналанар кирбиитин кену кетуугэ кыттар. Ити дьыл сэтинньитигэр 105-с гвардейскай противотанковай артиллерийскай полка5а тубэьэн аны артиллерист буолбута.
1945 с. тохсунньу 15 кунугэр Варшава чугаьыгар биьиэннэрэ кимэн киириилэригэр бу полк естеех икки обороналанар кирбиилэрин улту урусхаллаабыта. Туунугэр естеех артиллериятын ытыалааьыныгар тубэьэн Иннокентий илиитигэр ыараханнык бааьыран бойобуой суолун тумуктээбитэ. Ону санаата5ына, сэриини ситэри тумуктэспэтэ5иттэн кыьыйар, хомойор буолара.
1945 с. сэрииттэн эргиллэн Хайахсыкка таптыыр идэтинэн учууталлаан барбыта. 1952 с. кэтэхтэн уерэнэн учительскай институту бутэрбитэ. Киьи быьыытынан кэрэтинэн, билиитинэн-керуутунэн, ейдеех сытыы тылынан-ебунэн о5о аймах кутун туппута. Партийнай тэрилтэ секретара, пропагандист буолан туран, нэьилиэнньэ кыьал5атын кэпсиир, субэлэтэр ытык киьитэ буолбута.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.