Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Емельянов Гаврил Гаврильевич

Мин таайым Емельянов Гаврил Гаврильевич, эбэм Трифонова Дария Гаврильевна бииргэ төрөөбүт убайа. Кини 1913 сыллаахха Боотуруусскай улуус Дьонку нэһилиэгэр (билиҥҥинэн Амма улууһун Абаҕатыгар) Мохулу алааска төрөөбүтэ. Аҕата ЕмельяновГаврил Григорьевич-Уойуулаах Хабырылла, ийэтэ Акулина Ивановна диэннэр, бэйэлэрин бириэмэлэригэр атыынан дьарыгырбыт Дьонку олохтоохторо. 1928 сыллаахха дьонун кулаактааһыҥҥа түбэһиннэрэн абаҕатын Федор Григорьевыһы Дьокуусскай куоракка хаайыыга ыыталлар, ийэтин эмиэ куоракка киллэрэн иһэн өрүһү туорааһыҥҥа кыһыллар ытан өлөрөллөр. Бу бириэмэҕэ аҕата Охотскайга атыытыгар баран, суох буолан, тыыннаах ордор. Дьоннорун туппуттарын , маллараын-салларын уопустаабыттарын кэннэ үс оҕо сир-халлаан икки ардыгар, бирикээсчик илиитигэр хаалаллар. Биирдээх кыыһы Александраны ийэлэрин аҕата иитэ ылар, 13-с саастаах Даайа, 15-с саастаах Хабырыыс дьылҕалара халлааҥҥа ыйанар. Аҕалара кэлэн иһэн Уус-Маайаҕа таһаҕасчыттартан уонна булчуттартан дойдутугар туох буолбутун истэр. Дойдутугар тиийдэҕинэ кини эмиэ дьонун курдук дьылҕаланыахтааҕын сэрэйэр. Ол иһин Уус-Маайаҕа олохсуйа хаалар. Сааһыары суол баарыгар икки оҕотун таһаҕасчыттарынан ыллара сатыыр да, уолун эрэ аҕалаллар, кыыһын Даайаны таҥаһа суох диэннэр хаалларан кэбиһэллэр. Кыыһын били малларын уопустуулларыгар, биир байыас кыһыл саһыл истээх сонноох турбутун, сүүрэн киирэн: «мантын эмиэ уоппустанар»-диэн уһулан илдьэ барбыт, оҕону ырбаахынан эрэ хаалларбыт. Таҥаһа суох буолан балта эһиилги да сылыгар Уус-Маайаҕа дьонугар тиийбэтэх.
Ити быһылааннар 1928 сыллаахха Дьонку нэһилиэгин 40-ча киһитин репрессияҕа түбэһиннэрээһиннэрин түмүгэр тахсыталаабыттара.
Хабырыыс аҕатагар тиийэн эдьиийин Оппуруоһаны эҥэрдэһэн улааппыта, дьоно ииппит кыыстара сыл эрэ иннинэ Дьячковскай Иван Николаевич диэн киһиэхэ кэргэн баран, ити эҥэр олохсуйбута. Аҕалара астарын-таҥастарын булан аҕалан биэрэрэ үһү. Бэйэтэ Уус-Маайа дэриэбинэтигэр олохсуйбут.
Таайым Хабырыыс күтүөтүгэр көмөлөһөн дьиэ тас үлэтигэр: сайынын оттоһон, кыһынын сүөһү көрсөн, бултаһан олорбут. Онтон Цыпандаҕа бастакы ТОЗ-тар тэриллэн онно чилиэнинэн киирбит. Кэлин табаарыстыбалара бөдөҥсүтүллэг «Победа» колхозка кубутуллубут. Таайбын онно колхоз председатилинэн быыбардааннар 1942 сылга армияҕа ыҥырыллыар диэри үлэлээбит. Эмиэ бу сыл олохтоох кыыһы Ольга Афанасьевнаны кэргэн ылар, Рая диэн кыыс оҕолоноллор.
1942 сыл от ыйыгар Аллараа-Амурдааҕы уобалас Маайа-Айаанынааҕы оройуонун байыаннай комиссариатынан армияҕа ыҥырыллар, бастаан үс ый курдук учебкаҕа сылдьыбыт. Онтон 1942 сыл алтынньы 5 күнүттэн ыла уоттаах сэриигэ рядовой саллаат быһыытынан III Украинскай фронт, 1088 стрелковай полканы, 113 стрелковай дивизиятыгар ручной пулеметчигынан сылдьан Молдавия туһаайыытыгар кыргыһыыларга киирэр, бастакы сүрэхтэниитин ааһар.
Наҕараадаҕа түһэриллибит лииһигэр суруллубутун көрдөххө, Кишинев куорат туһаайыытынан баар Николаев куорат анныгар буола турар кыргыһыыга 1944 сыл кулун тутар 12 күнүгэр бастакы бааһырыытын ылар, мэник буулдьа чанчыгын уҥуоҕун таарыйан ааһар. Онтон иккис улахан бааһырыытын 1944 сыл атырдьах ыйын 26 күнүгэр уҥа санныгар оскуолтан улахан эчэйиини ылар. Госпиталга ыытыллар. Эмтэнэн, II группалаах сэрии инвалида буолан ахсынньы ыйга хамыыһыйаланан, 1945 сыллаахха дойдутугар эргиллэр. Бу кыргыһыыларга кини III степеннээх Слава орденынан наҕараадаланар. Маны таһынан таайым Емельянов Г.Г. Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденнаах уонна «Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иьин» мэтээллээх.
Сэрии кэнниттэн Цыпандаҕа кэргэнигэр төннөр, кадровай булчутунан сылдьар. 1945 иккис оҕолоро Владимир төрүүр. Онтон 1949 сыллаахха дойдутугар кэлэн олохсуйаары уонна балтыларын көрсөөрү Абаҕаҕа кэлэр да, кулаак сыдьааннааххын диэн туох да үлэҕэ чугаһаппаттар, онон төннөргө күһэллэр.
Төннөн тиийэн, ити дойдуга олохсуйар. Ыал буолан, алта оҕону төрөтөн, улаатыннартаан, үөрэттэрэн, ыал оҥортоон, кырдьар сааһын дьоллоохтук олорон көрсөр.
Бастаан кадровй булчутунан сылдьан баран, ЭТУС диэн сибээс тэрилтэтигэр линейщигынан үлэлиир. Оройуон киинигэр Ньылхаҥҥа көһөн онно олохсуйар Кэлин үлэлиир тэрилтэтэ доруобуйатын туругунан, үлэттэн тохтотор. Онтон биэнисэҕэ барыар дылы эмиэ кадровай булчутунан сылдьар.
Таайым Гаврил Гаврильевич ханна да үлэлээтэр, куруутун бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта, түүлээххэ бэриллибит сорудаҕын 100-тэн тахса бырыһыан толороро. Үтүө суобастаах үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта: үлэ ветерана мэтээллээх, элбэх Бочуотунай грамотанан Правительствоттан, кыраай, оройуон салалталарыттан, үлэлээбит тэрилтэтиттэн наҕараадаламмыта.

Ахтыыны суруйда сиэнэ Яковлева М.Г.,
улэ ветерана
Дьокуускай к.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.