Олоҕун кэпсээнэ. Сэрии иннинэ «Победа» колхозка үлэлээбитэ. Yөрэҕэ суох буолан араас үлэҕэ үлэлиирэ. Ньурбатааҕы РВК ыҥырыытынан 1942 сыллаахха от ыйыгар сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Строевой сулууспаҕа сөптөөх диэн 68-с железнодорожнай батальоҥҥа анаммыта. Путеец диэн дуоһунастаах, рядовой званиялаах бу батальонна 1947 сыл тохсунньу ыйыгар диэри сэриилэспитэ. СССР президиумун Верховнай советын укааһынан 1947 сыл тохсунньу ыйыгар демобилизацияланан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. 1949 сыллаахха «За победу над Германией» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыта. «Участник отечественной войны против немецких фашистов в составе Воронежского, I Украинского фронтов с 15.03. по 25.08.1943г.г.» диэн Сунтаар улууһун военкоматын архивыгар личнай дьыалатыгар сурулла сылдьар. Польшаны уонна Японияны босхолооһуҥҥа кыттыбыта.
Сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран суотчутунан, поварынан, кочегарынан үлэлээбитэ. Күрүүкэп диэн сиргэ маслоцехха арыыһыттаабыта. 1950-с сылларга Сыстаңңа олоро сылдьан атыыһыттаабыта. 1963 сылга кладовщиктаабыта.
1949 сыллаахтан Коммунистическай партия чилиэнэ. Сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран төрөөбүт колхоһугар председателинэн үлэлээбитэ. Төһө да үөрэҕэ суох буоллар сэриигэ барыан иннинээҕи докуменыттан көрдөххө нуучча тылын билэр диэн суруллубут.
Кэргэнэ Максимова Татьяна Федотовналыын элбэхтэ оҕоломмуттара, олортон 4 оҕолоро тыыннаах хаалбыта. Улахан кыыстара Вера, уоллара Петр, кыргыттара Лида уонна Лиза. 1956 сыллаахха кэргэнэ Татьяна эрдэ өлөн 4 оҕотун бэйэтэ ииппитэ, көрбүтэ-харайбыта.
Максимов Афанасий Кононович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.