Мин абаҕам Дмитрий Алексеевич Максимов туһунан кэпсихпин баҕарабын.
Кини Чурапчы педучилищетын бүтэрэн 1939 сыллаахха диэри Таатта улууһугар Чычымахха, учууталынан үлэлээбит. 1940 с –ха Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуоланы бүтэрэн салгыы армияҕа барар уонна 1942 с-ха сэриигэ сураҕа суох сүппүтэ.
Аҕа дойду улуу сэриитин кэнниттэн Сталин этэр эбит: “Биһиэхэ билиэннэйдэр диэн суохтар, сураҕа суох сүппүттэр диэн суохтар, кинилэр бары таҥнарыахсыттар”. Сураҕа суох сүппүт саллааттары көрдүүр кытаанахтык бобуллар эбит, көрдүүр этэрээттэр салайааччыларын сууттаан хаайар түбэлтэлэрэ элбэх буолар эбит. Ол кэмҥэ, 1957 сыллаахха, арай суруйаачы Сергей Смирнов эрэ «Брестская крепость» диэн кинигэтигэр “Сураҕа суох сүппүт саллааттар – биһиги көмүскээччилэрбит буолаллар» – диэбит.
1988 сылга диэри сураҕа суох сүппүт саллааттары кистээн көрдүүллэр эбит. 1988 сыллаахтан эрэ сураҕа суох саллааттары көрдүүр көҥүллэммит.
2007 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр Москва куорат оҕолорун байыаннай-көрдүүр этэрээтин чилиэнэ 10-с кылаас үөрэнээччитэ Софья Месхи, чычаастык хаспыт сириттэн, саллаат өлүгүн кырамтатын уонна кини капсула-медальонун булар. Этэрээттэрин салайааччытыттан көҥүллэтэн, тохтуу түһэн баран, капсуланы аһаллар. Капсула аһар сүрдээх сэрэхтээх буолар эбит. Ол курдук сиргэ уһуннук сыппыт капсуланы хостоот да тута астаххына салгын дьайыытыттан суруга барыта суох буолан хаалар эбит. Бу капсула буор анныгар 65 сыл устата сыппыт.
Софья Месхи булбут капсулатын аһан көрбүттэрэ илиинэн суруллубут буукубалардаах быыкаайык кумааҕыта баар эбит. Онон манан аҕыйах буукубалар син көстөллөр эбит. Кумааҕыны тута экспертизаҕа ыыппыттар. Онно чинчийэн суругу аахпыттара саллаат аата, төрөөбүт сыла уонна төрөөбүт сирин аата суруллубут. Сержант Максимов Дмитрий Алексеевич 1919 сылга төрөөбүт, Таатта улууһа, Дьиэрэҥнээх нэһилиэгэ, дэриэбинэтэ Чкалов.
Сержант Максимов Дмитрий Алексеевич уҥуоҕун кырамтатын уонна медальон-капсулатын булбут сирдэрэ Москваттан 200-250 километрдаах фронт линията ааһар сирэ. Бу сиргэ фашистскай халабырдьыттар Москваҕа кимэн киириилэрин тохтоппуттар. Ол аата биһиги абаҕабыт Максимов Дмитрий Алексеевич баара суоҕа 22 саастааҕар, историяҕа киирбит, Москва аннынааҕы кырыктаах кыргыһыы сэриитин толоонугар охтубут.
Оҕолор медальону булуохтарыттан, 2007 сылтан Саха сиригэр хаста да сурук суруйа сылдьыбыттар да туох да эппиэт кэлбэт эбит. Ол иһин ыксааннар 2010 сыллаахха Москваҕа үлэлиир Саха сирин представительствотыгар, Максимов Дмитрий Алексеевич аймахтарын буларбытыгар көмөлөһүҥ диэн ис хоһоонноох сурук суруйбуттар.
2010 сыл от ыйын 19 күнүгэр постпредство үлэһиттэрэ, Таатта улууһун оччотооҕу баһылыга Протодьяконов Михаил Александровичка, ирдэбил сурук ыыппыттар. Бу суруктарыгар саха саллаатын уҥуоҕун кырамтатын Москва уобалаһын Шаховскай оройуонун Спас Вилки дэриэбинэтигэр 2008 сыллаахха, тыһыынчанан Кыһыл армия саллааттара кистэнэ сытар братскай могилатыгар, көмпүттэрин туһунан суруйбуттар. Дмитрий Алексеевич аатын надгробнай плитаҕа суруйбуттар.
Сэрии буолан ааспыт куораттарыгар, Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр уоттаах сэриигэ, сураҕа суох сүппүт саллааттары көрдүүр элбэх байыаннай- көрдүүр этэрээттэр тэриллэн үлэлииллэр. Софья Месхи сылдьар С. С. Смирнов аатынан байыаннай көрдүүр этэрээт 1983 сыллаахха тэриллибит. Бу этэрээккэ сылдьар оҕолор күн бүгүнүгэр диэри сураҕа суох сүппүт саллааттары көрдүүллэр. Буллахтарына саллааттар ааттарын-суолларын быһааттараллар, аймахтарын ирдэһэллэр, уҥуохтарын кырамтатын ийэ буордарыгар туттараллар.
Смирновецтар үлэлээбит сылларын устатыгар сүүстэн тахса экспедиция оҥорбуттар. Ол түмүгэр түөрт тыһыынчаттан тахса сураҕа суох сүппүт саллааттар уҥуохтарын сиртэн хостообуттар, сүүстэн тахса киһи аатын үйэтиппиттэр. Саллааттар уҥуохтарын булаат да сонно тута көмпөттөр эбит. Аналлаах хоруоптарга уган баран аймахтарын көрдөөн кэтэһиннэрэллэр.
2010 сыллаахха алтынньыга Дьокуускай куораттан абаҕабыт Максимов Михаил Михайлович кэргэнэ Розалия Егоровналыын, балта Екатерина Михайловна Ивановалыын уонна күтүөтэ Федор Васильевич Ивановтуун Москва куоракка көтөн кэлбиттэрэ. Кинилэргэ абаҕалара Дмитрий Алексеевич медальонуттан булбут суруктарыттан чуолкайдаан улаатыннарбыт суруктарын туттарбыттара, С.С. Смирнов аатынан музейга сырытыннарбыттара. Көмүллүбүт сиригэр Спас-Вилкаҕа баар братскай могилаҕа сылдьан төрөөбүт алааһын сирин буорун куппуттара, байыаннай-көрдүүр этэрээт чилиэннэригэр барыларыгар уонна Софья Месхигэ барҕа махтал тылларын эппиттэрэ.
Аҕа дойду улуу сэриитигэр хорсуннук кыргыһан сэрии толоонугар охтубут буойуттары булан ааттарын үйэтитэр олус наадалаах уонна махталлаах үлэнэн дьарыктаналлар эбит.
Биһиги ытык иэспит буолар сэрии толоонугар охтубут буойуттарга оҥоһуллубут памятниктары көрүү-харайыы, харыстааһын. Бу буолар биһиги бүгүҥҥү дьоллоох олохпутун, бэйэлэрин тыыннарын толук биэрэн, оҥорбут албан ааттаах буойуттарбытыгар махталбыт.
Максимов Дмитрий Алексеевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.