Наҕараадалара: “Германияны кыайыы иһин”, “Японияны кыайыы иһин” мэтээллэрдээх.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуотун кинигэтигэр киирбитэ.
Бэйэтин ахтыыта:
Мин 1943 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр армияҕа ыҥырыллан, сатыы биир тэлиэгэ акка
ботуоҥкабытын тиэйэн, Майаҕа барбыппыт. Майаҕа түүннэри айаннаан сарсыарда
тиийбиппит. Майаттан 850-ча киһи буолан, бэс ыйын 3 күнүгэр сатыы Алын-Бэстээххэ
барбыппыт уонна күн тахсыыта тиийбиппит.
Бэс ыйын 5 күнүгэр сарсыарда 5 чааска Комминтерн борохуотунан армияҕа
айаннаабыппыт уонна бэс ыйын эргэтигэр Бурятияҕа 20-с кондепоҕа түбэспиппит.
Биһиги чааспыт Монголияттан дьиикэй аттары ылан көрөр этэ. Биһигиттэн армияҕа
сэриилэһэ барааччылар аттарын ылан бараллара. Бастаан армияҕа тиийбиппитигэр алта
нууччалаах этибит, онтон атыттара бары сахалар этибит. Мин бастаан тиийээт да, дивизия
командирыгар, онтон кэнники чаас парторугар көмөлөһөөччүнэн сылдьыбытым.
Немецтэри кыайыы кэнниттэн Соҕуруу Сахалиҥҥа тиийэ сылдьыбытым. Онтон 1946 с.
атырдьах ыйыгар сааспынан демобилизацияланан дойдубар кэлбитим.
Армияттан кэлэн баран, өр сылларга үтүө суобастаахтык колхозка, совхозка
сылгыһытынан үлэлээбитэ. Үлэтэ сыаналанан 1974 сыллаахха К.К.Байкалов аатынан
бириэмийэ лауреата буолан, Москваҕа ВДНХҕа күүлэйдээн кэлбитэ. Билигин кини
туйаҕын хатаран кыра уола, сиэнэ сылгы иитиитинэн дьарыктаналлар.