Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Николаев Степан Федорович

Улуу Кыайыыны уhансыбыт, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, биhиги аҕабыт Николаев Степан Федорович Сунтаар улууhун Наахара нэhилиэгэр Эмис күөлүн алааhыгар 1922 сыллаахха төрөөбүтэ. 1935 сыллаахха 4 кылааhы бүтэрбит. Латинскай алпаабытынан ааҕар уонна суруйар эбит. Кини сүүрбэ саастааҕар 1942 сыллаахха оттуу сырыттаҕына Наахара нэhилиэгиттэн бэбиэскэ кэлбит. Кыракый балаҕаннарыгар кыра быраатын уонна ийэтин хаалларан Ийэ дойдутун көмүскүүр улуу сэриигэ аттаммыт. Эдэр уолаттары, оччотооҕу Наахараҕа «Коммунар» колхоз киинигэр мунньан сэриигэ атаарбыттар. Ким аттаах, ким оҕустаах, үгүстэр туос сатыы мустан ким аҕатын, ким оҕотун сэрии хонуутугар атаарбыттар. «Ийэм тууйаска хаалаан биэрбит алаадьытынан суолга үссэнэн, тирии этэрбэhим бэрт сотору илдьи баран, атах сыгынньах тиийбитим,»- диэн аҕабыт кэлин ахтара. Ыҥырыллыбыт бэбиэскэлээхтэр ыhыктаах сатыы Туруктаҕа киирбиттэр. Уруккута Мухтуйа, билиҥҥитэ Ленскэй куоракка. Онтон салҕыы баржаҕа олордоннор Усть- Кутка аҕалбыттар, ол кэннэ поеhынан Мальтаҕа илдьэн үөрэппиттэр. Салгыы массыынанан фроҥҥа тиийбит уонна автоматнай ротаҕа түбэспит.
Музейга баар ахтыытыгар бу курдук суруллубут:”1945 сыл кулун тутар ый этэ. Кенинсберг куорат босхолонуутугар кыргыспытым. Мин 3-с Белорусскай фронт састаабыгар баар этим. Бу кыргыhыы түөрт сууккаттан ордук барбыта. Мин снайпер быhыытынан сылдьыбытым. Бу кыргыhыыга биhиги да, өстөөх да өттүттэн элбэх техника, киhи кыттыбыта. Хотторон иhэр өстөөх кырыктаахтык охсуhара. Мин бу кыргыhыыга улахан бааhырыыны ылбытым уонна госпитальга киирбитим. Ити кыргыhыыга кыттыбытым иhин “За взятие Кенинсберга” мэтээлинэн наҕараадаламмытым. Манна мин тиhэх кыргыhыым этэ. Кыайыы үөрүүтүн госпитальга сытан истибитим. 1945 сыл сэтинньи ыйыгар дойдубар тыыннаах эргиллэн кэлбитим. Эhиги сэриигэ кыттыбыт аҕа көлүөнэ дьонун ааттарын умнубаккыт иhин улахан махталбын биллэрэбин уонна эhиги инники үлэҕитигэр – үөрэххитигэр ситиhиилэри баҕарабын.”
Аҕабыт сэрии туhунан сэдэхтик кэпсиирэ… Улахан кириэппэhи сэриилээн ылан хостору кэрийэн, саhан сытар фашистары көрдүү сылдьыбыттар. Турба иhигэр саhа сытар немец аппыhыара бэстилиэтинэн ыппыт. Аҕабыт саҥаран истэҕинэ сыҥааҕар буулдьа түhэн түөрт тииhин тоhутан нөҥүө сыҥааҕынан тахсыбыт. Онтон сылтаан сыҥааҕа икки өттө онхойдоох оhон хаалбыт этэ. Аҕабыт үчүгэй доруобай тиистээх этэ – ол түөрт эрэ тииhэ суоҕа. Киhи дьылҕата дьикти – кырдьык үөhэттэн суруллубут курдук. Онно саҥарбакка испитэ эбитэ буоллар тутатына өлөр эбит. Ону кэпсээн баран: «Эмис күөлгэ, немец буулдьата ылбатах оҕонньоро, сылдьа түhэр инибин»,- диэн күлэрэ.
Саамай дьиибэтэ, сэриигэ сылдьарын тухары биир да саханы көрсүбэтэх этэ. “Сахалыы саҥарбакка, төрөөбүт тылбын ахтан эрэйи көрөрүм. Ыксаан киҥинэйэн ыллыы сатыыр этим”,- диирэ.
Аҕабыт Степан Федорович сэриигэ “За отвагу”, “За взятие Кенинсберга”, “За Победу над Германией” мэтээллэринэн, “Отличный железнодорожник” значогунан наҕараадаламмыта.
Кыайыы буолбутугар дойдутугар төннөрүгэр поеhынан Большой Неверынан күhүн кэлбиттэр, онтон салҕыы полуторка массыыналарынан Дьокуускайы булбуттар. Иэдээн уhун айаҥҥа суолга костер уматан хонор эбиттэр. Ол сылдьан элбэх киhи ыалдьыбыт. “Старшинабар махтанабын. Саха сирин туhунан билэр, истибит буолан хаатыҥка, истээх ыстаан, шинель иhинэн кэтиллэр телегрейка курдугу, истээх кулгаахтаах бэргэhэ, үтүлүк биэрэн ыыппыта,”- диэн аҕабыт кэлин кэпсиирэ.
Сэрии кэмигэр норуот хаhаайыстыбата улаханнык айгыраабыта, θрөгөйдөөх Кыайыы да кэнниттэн олох көнөн барбатаҕа. Аҕабыт сэрииттэн кэлэригэр кинини кырдьаҕас ийэтэ соҕотоҕун көрсүбүт. Кыра быраата ис тиибиттэн ыалдьан өлбүт этэ. Соторуннан ийэтэ суох буолбутугар, көмөн – харайан баран сэрии тулаайахтарын харайар Тойбохой детдомугар үлэлээбитэ, онтон бэйэтин төрөөбүт сиригэр колхоз араас үлэтигэр сылдьыбыта.
1952 с. икки тулаайах дьон дьоллорун холбоон ийэбит Амбросьева Мария Ивановналыын ыал буолтара. Талбыт курдук икки кыыс, икки уол оҕолонон олох дьолун билбиттэрэ. Ыал буолаат, биhиги аҕабыт дьиҥнээх аҕа оруолун ылбыта. Колхозка үлэлээн дохуот аахсан, бултаан-алтаан, бэйэтэ этэринии “биир боробулуоханан эргиччи үүйүллүбүт чааскылаах, биир ынахтаах ыал буолбуппут” диирэ. “Хайа ыал буолуохтарыттан ыалдьыт, хоноhо бөҕө этибит” диирэ. Хомустаахха олорон сарсыарда аайы уола Уйбаанныын ураанай кус сымыытын хомуйаллара. Оччотооҕу экспедиция дьоно олохтоохтортон эт- арыы иhин харчынан төлөhөллөрө. Аан маҥнайгы иистэнэр массыына ылан кэлбитин ийэбит үөрүүнэн ахтара. Оҕолоро оскуолаҕа киирэр саастара тиийэн кэлэн Кириэстээххэ дьиэ атыылаhан көhөн киирбиттэрэ. Оҕолор улаатан дьиэ иhигэр- таhыгар көмө буолан барбыттара.
Аҕабыт дойдута “Эмис” күөл олус кэрэ айылҕалаах, харыйа ойуур тулалыыр буолан кыhыннары- сайыннары мэлдьи күөх турар. Сайын өссө тупсар- киэркэйэр. Алаастарга араас өҥнөөх сибэккилэр чэлгийэ үүнэллэр, чыычаах ырыата сааскы мэник тыаллыын куоталаспыттыы тупса түhэр. Биhиэхэ аҕабыт этэрэ: “Төрөөбүт айылҕаҥ күүс- көмө иҥэрэр, айылҕа араас кистэлэҥнээх”.
Кэлин сааhыран баран сиэннэрин көтөҕөн олорон, бары оттуу сылдьан кулуhун тула олордохпутуна этэрэ:”Мин бу эhиги, оҕолорум, сиэннэрим ыйааҕар уот кыргыс ортотугар сылдьан баран тыыннаах эргиллэн кэллэҕим. Наар төрөөбүт алааспын, ийэбин түhээн көрөрүм, туох эрэ дьикти ыра санаа кыайыыга кынаттыыра, өлөр өлүүттэн арчылыыр курдуга”, -диэн аргыый кэпсиирэ.
Аҕабыт оҕо сылдьан тоҕуттан түспүт торбос ыстааннаах, илдьирийэн хаалбыт эргэ ырбаахылаах, атах сыгынньах сүүрбүт ахан кырдалыгар сиэннэргэ кыыс- уол диэн араарбакка үлэ мындырыгар үөрэтэрэ. Кини сатаабатаҕа, кыайбатаҕа диэн суоҕа. Кыргыттарга хотуур туттара, наhыылканан бугул тастарара. Бэйэтэ уолаттарынаан оҥорбут мас тыытыгар устан илим үтэ киирэрбит, куобахха туhах иитэрбит, сохсо оҥорон көрдөрөрө. Уолаттарынаан саа сүгэн халтай хаампакка илии тутуурдаах, санныгар сүгэhэрдээх кэллэхтэринэ дьиэ кэргэн улахан үөрүүтэ буолара. Кыргыттар чугас ыалбытыгар солуурчахха соболоох, куhу моонньуттан салыбыратан, куобах тутан элбэхтик сүүрэрбит. Булду- аhы, үүтү- сүөгэйи ийэбит утары ууммутунан сылдьара. “Киhи киhиэхэ бэрсэн сиир, барыта айыл5а баайа”,- диирэ аҕабыт. Дьиэҕэ, отууга сылдьан дуобат, саахымат оонньоторо. Хаhыат аахтаран истэрин сөбүлүүрэ. Хаhыаты инники сирэйиттэн бүтүөр дылы аахтарара. Мэлдьи радиоприёмник илдьэ сылдьарын сөбүлүүрэ. Биhиэхэ “Пионерскай саhарҕа” биэриини иhитиннэрэрэ. Кинигэлэртэн оччолорго “Кыhыл көмүс муостаах таба” диэн остуоруйаны истэрин сөбүлүүрэ. Ким үчүгэйдик ааҕарын куоталаhыннарара.
Убайбыт Уйбаан 8-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына учуутала Яков Максимович Павлов аҕаҕынаан саха балаҕанын оҥорун диэн сорудахтаабыт. Онуоха аҕабыт уолунаан бэйэтэ улааппыт балаҕанын курдук наара оронноон, талах олоппостоон, остуоллаан, көмүлүөк кытыытыгар буспут лэппиэскэлээн, үөлүллүбүт соболоон, түннүгэ ынах харатын хастаан, сүөhү тириитэ ааннаан оҥорбуттара. Балаҕаннарын үрдүгэр бурдугу тылыннаран күө оту бычыгыраппыттара. Бу үлэ Дьокуускайга тиийбитэ. Ол да иhин буолуо, убайбыт тутааччы идэтин таллаҕа.
Биhиги, түөрт оҕото үөрэнэр кэммитигэр, ол курдук балтыбыт Наташа Новосибирскайга торговай институтка, убайбыт Уйбаан Иркутскайга политехническай институтка, улахан эдьиийбит Иза, кыра бырааппыт Алексей Дьокуускайга үөрэнэр кэмнэригэр оҥорон сахалыы буспут ас арааhын ыыталлара. Бу билигин санаатахха, а5абыт этэринии алаас сыта, ийэ- аҕа туhунан сырдык – сылаас кэлэргэ дылыта. Ийэлээх аҕабыт барбыт чэйдээх, арыылаах алаадьылаах буолаллара. Ол курдук, тыа ыала барахсан оҕолорун туhугар түбүгүрэн, үөрэттэрэн олох суолугар атаардахтара.
Сэрии ыар сылларыгар сэриилэспит аҕабытыгар Степан Федоровичка “50 лет Вооружённых Сил СССР, “20 лет Победы в Великой Отечественной Войне 1941-1945”, “30 лет Победы в Великой Отечественной Войне 1941-1945”, “60 лет Вооружённых Сил СССР” үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн уонна “Ветеран труда” мэтээлинэн бэлиэтээбиттэрэ.
Аҕабыт биhиги туспутугар хаанын тоҕон аҕалсыбыт эйэлээх олоҕор итирик суоппар туhуттан 1992 сыллаахха олохтон туораабыта. Кини бэйэтэ «θтөх өнүргэстээх, сур кэриэстээх” дииринии кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар.
Билигин Николаев Степан Федорович ыччаттара ууhаан-тэнийэн, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Москуба5а, Дьокуускайга, Сунтаар улууhун Кириэстээх сэлиэнньэтигэр олороллор, үлэлииллэр, үөрэнэллэр: Николаевтар, Егоровтар, Николаевтар, Платоновтар.
Аҕабыт биhиги бүгүҥҥү дьоллоох олохпут иhин хорсуннук сэриилэспитэ. Кини сэрии ыар, аас-туор кэмигэр оҥорбут хорсун быhыыта, Ийэ дойдутугар бэриниилээҕэ биhиэхэ үтүө холобур буолар, аҕабыт Степан Федорович сырдык аатын үйэтитэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иhэр – биhиги, оҕолор, ытык иэспит. Кини сырдык ыратын толорон, үүнэр көлүөнэ үөрэхтээх, үтүө сиэрдээх-майгылаах, төрөөбүт дойдубутугар бэриниилээх, үлэhит дьон буолан тахсалларыгар дьулуhуохпут.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.