Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Васильев Петр Константинович

Подразделение где служил, воспоминания и биография.

Васильев Петр Константинович
(биография)

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Уус-Алдан уонна Бороҕон нэһилиэгин ытык олохтооҕо Васильев Петр Константинович 1926 сыл тохсунньу 7 кунугэр Саһылыкаан нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
1939 сыллаахха Саһылыкаан начаалынай оскуолатын үөрэнэн бүтэрээт, оччотооҕу үгэһинэн, нэһилиэгин «Кыым» диэн колхуоһугар үлэлээбитинэн барбыта.
Сааһын ситиитэ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Ону кытта сэргэ Саха сиригэр сут-кураан сыллар саҕаламмыттара. 16 саастаах уол 1942-43 сылларга Кэбээйигэ дьонун- сэргэтин кытта көһөн, субай сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ.
Онтон 1944 сыл бэс ыйыгар Ийэ сирин өстөөхтөн көмүскүү Советскай армия кэккэтигэр ыҥырыллар. 1944 сыллаахха фашистскай Германия сүрүн күүһэ аҕымнаан, Советскай армия Арҕаа Европа норуоттарын босхолуур сэриитэ бара турара.
Советскай Союз илиҥҥи кыраныыссатыгар Германия союзнига милитаристскай Япония сэриитин муспута. Онтон советскай командование сана ыҥырыллыбыт эдэр саллааттарын илиҥҥи кыраныыссага түмпүтэ.
Петр Константинович, бу кэмҥэ Монголияҕа Джашык-Удэ, Сайнд-Шанд куораттарга сулууспалаабыта. Манна сылдьан байыаннай – политическай бэлэмнэниини барбыта. Сулууспалыыр чааһа 1945 сыл от ыйыгар аатырбыт Гоби кумах куйаарын, Улахан Хинган хайатын туораан Маньчжурияҕа киирбитэ. 1945 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр Советскай Союз Японияны утары сэриини биллэрбитэ. Онтон Петр Константинович саллаат ытык иэһин толорон, саа-саадах тутан, сэрии уотугар киирбитэ. Сэриигэ сылдьыбыт түгэнин ахтар этэ: «Биһиги милитаристскай Япония сүүмэрдэммит Квантунскай армиятын утары баран иһэрбитин хантан билиэхпитий. Күн тура-тура умайар уот куйааска кумах куйаар устун айаннаабыппыт. Утатыы-куоһуу сүрдэммитэ, уҥуу-туймаарыы да үксээбитэ. Уһун сыралаах сатыы айаммыт хайалаах, тыалаах сиргэ түмүктэммитэ.Манна бөҕөргөтүнэн сыппыппыт. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр Японияны утары сэрии биллэриллибитэ. Биһиги бэлэм сытар дьон сэриини саҕалаабыппыт. Ол эрээри өстөөх хайа быыһыгар хапчааннарга бөҕөргөтүммүт буолан кимэн киирэргэ күчүмэҕэй этэ.
Биирдэ биһигини сэттэ киһини «тыл» ыллара ыыттылар. Түүн сэрэх бөҕөнөн иһэммит тоһуурга түбэһэн түөрт киһибитин өлөттөрдүбүт. Ол эрээри ол түүҥҥү хапсыһыыга өстөөххө балачча хоромньуну оҥорбут этибит уонна наадалааҕа, ханна бэлэмнэнэ сыталларын билбиппит. Командирбыт бурят уола Будаев икки атаҕын тосту ыттарбытын Хайбутдинов диэн саллааттыын сүгэн аҕалбыппыт. Ити сырыыбытыгар Будаевы “Кыһыл сулус” орденынан, биһигини “Бойобуой үтүөлэрин иһин” медалынан наҕараадалаабыттара. Кэлин Хинган хайатын бэйэбит туһаайыыбытынан босхолообуппут. Бу сэриигэ Баатаҕай уола 25 бууттаах дьаакыры көтөҕөр станковай пулемет пулеметчига Сивцев Василий-Баайка өлбүтэ. Бэрт-Ууһун “Кыһыл кэккэ” колхоз ыччата Михайлов Николай эмиэ хомолтолоохтук өлбүтэ. Бу сэриигэ биһиги чааспытыттан 700-чэкэ киһи өлбүт этэ. Мин бэйэм бааһырбатаҕым гынан баран, Китай сириттэн Монголияҕа кэлиибитигэр трофейнай техниканы тиэйиигэ алҕас охтоммун, тимиргэ кэтэхпин тобулу түһэн иэдэйэ сыспытым. Инньэ гынан сыл аҥара Улан-Баторга госпитальга эмтэммитим. Дойдубар 1948 сыллаахха эргиллибитим».
Сэрии хонуутуттан этэнҥэ эргиллэн 1948 сылтан ыла эйэлээх олоҕу тутуу фронугар актыыбынай кыттыыны ылар.
Фронтан кэлбит эдэр киһини колхоһа трактористар курстарыгар уөрэххэ ыыппыта. Тракторист идэтин ылан, «Нати», «ХТЗ» курдук трактордартан улэтин саҕалаабыта, МТС бастыҥ тракториһа буолбута.
1951 сыллаахха олоҕун аргыһын Мария Николаевна Халдееваны көрсөн, ыал буолан, Тумулга көһөн кэлбитэ. Мантан ыла Петр Константинович иккис дойду оҥостубут Тумулун социальнай – экономическай сайдыытыгар дириҥ кылаатын киллэрбитэ. Оччотооҕу трактористар сарсыарда 4 чаастан үлэҕэ туран, ыраах алаастартан колхоз оттук маһын таһаллара. Саҥа тэриллибит Бороҕон нэһилиэгин киин уһаайбата Тумул бөһүөлэгэ тутуллуутугар үгүс сыраларын биэрбиттэрэ.
1956 сыллаахха Петр Константиновичка үчүгэй үлэһитин иһин, Москва куоракка Бүтүн Союзтааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттан, боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Бастыҥ тракторист бэйэтин идэтигэр элбэх ыччаты уһуйбута. 1975 сыллаахха Петр Константинович коммунистическай партия кэккэтигэр киирбитэ.
Коммунистическай улэ ударнига, соцкуоталаһыы кыайыылааҕа буолбута. Петр Константинович нэһилиэк общественнай олоҕор актыыбынайдык кыттара. Айылҕаттан бэриллибит кэрэ куоластаах, импровизатор- тойуксут, уус тыллаах оһуохайдьыт этэ. Элбэх ыһыахтары алгыһынан аспыта, нэһилиэк чиэһин фестивалларга көмүскээбитэ. Бэйэтэ мелодия айан ыллыыра.
Эйэлээх олох тутуутугар уһун сыралаах, таһаарыылаах үлэтин иһин, 1975 сыллаахха «Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ» диэн бочуоттаах ааты ылбыта. Оройуон Бочуотун кинигэтигэр киллэрэн туран, «Уус-Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо» диэн аат иҥэриллибитэ.
Улуу Сэрии, улэ ветерана Васильев Петр Константинович Аҕа дойду Улуу сэриитин II степеннээх орденинан, «Бойубуой үтүөлэрин иһин», «Японияны Кыайыы иһин» бойубуой мэтээллэринэн, Монголия Народнай Хуралын ыйааҕынан «Хайлары босхолооһун иһин» анал мэтээлинэн, «Улуу кыайыы 20, 30, 40, 65, 70» сыллаах, «Советскай Армия 50, 60, 70» сыллаах юбилейнай уонна «Үлэ ветерана» мэтээллэр, үгүс юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. «Уус Алдан уһун үйэлээҕэ» диэн мэтээли 90 сааһыгар Бороҕон нэһилиэгин аатыттан туттарбыттара.
Петр Константинович алта оҕо тапталлаах аҕата, аҕыс сиэн, икки хос сиэн иһирэх эһээтэ . Оҕолорун барыларын кэриэтэ үрдүк үөрэхтээн, оҕолоро, сиэннэрэ үөрэнэллэригэр күүс-көмө буолбута. Онтон олуһун диэн үөрэрэ.
Петр Константинович олоҕун тиһэх күнүгэр дылы нэһилиэгин дьонун – сэргэтин олоҕун истэ-билэ, ситиһиилэриттэн дуоһуйа сыппыта. Сыллата таптыыр Тумулугар кэлэн барара.
Сэрии, улэ ветерана, тыа хаһаайыстыбатын Үтүөлээх улэһитэ Васильев Петр Константинович ыам ыйын 2 күнүгэр 2017 сыллаахха 92 сааһыгар сылдьан олохтон туораабыта.
Туруу улэһит, ис иһиттэн ыраас, дириҥ культуралаах, өрүү үөрэ-көтө сылдьар эйэҕэс майгылаах, олоххо тардыһыылаах киһи быһыытынан бар дьонун өйдөбүлүгэр үйэ-саас тухары хаалыаҕа!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.