Громов Алексей Романович 1918 сыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр Кылаайыга «Арҕаа Төбөҕө» төрөөбүтэ. Уҥуоҕунан улахан, ортоэтиргэн, үрдүк кырыылаах муруннаах, киэҥ харахтаах,ыгдаччы соҕуссарыннаах, бытааннык саҥарар майгылаах хара киһи. Түүлээх биэс кылаастаах оскуолатын бүтэрээт, колхоһугар биригэдьиирдээбитэ. Партиялаах. Дойдутуттан барыан иннинэ икки сыл колхоһугар
председателлээбитэ. 1940 сыллаахха Саха АССР Совнаркомун иһинэн советскай тутуу курсун Дьокуускай куоракка үөрэнэн бүтэрбитэ.
1940 сыл тохсунньу 29 күнүттэн оройуон советын исполкомун быһаарыытынан, тутуу оройуоннааҕы отделыгар инструктордаабыта.
1941 сыллаахха тохсунньу 25 күнүгэр «Чкалов» колхозка Өнөр нэһилиэгэр председателинэн быыбардаммыта. Кэргэннэммэтэҕэ. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр сэриигэ тылланан барбыта. Мальтаҕа сборга сылдьыбыта. Маҥнайгы сэриигэ киириитэ
1942 сыл кулун тутар 9 күнэ. К. К. Рокоссовскай командующайдаах Соҕуруулуу-Арҕааҥҥы фронт 16‑с армиятын 97‑с сд., 69‑с сп. 2‑с мииннэй ротатыгар сылдьан, Смоленскай уобалас Кулино, Сорочка нэһилиэнньэлээх пууннары босхолооһуҥҥа, Москва анныттан гитлеровецтары арҕаа үүрүүгэ кыттыбыта. 1942 сыл от ыйын 27 күнүгэр дивизия командирын бирикээһинэн киниэхэ младшай сержант
званиета иҥэриллибитэ. 1942 сыллаахха балаҕан ыйын 23 күнүттэн 97-с сд. 233‑с сп. 1‑гы стрелковай батальонун 1‑гы отделениетын ко-
мандира буолбута. Кини 1943 сыллаахха олунньу 22 күнүгэр хорсуннар өлүүлэринэн
сэриигэ өлбүтэ уонна Смоленскай уобалас Думиническай оройуонун Коммуна Большевик бөһүөлэгэр көмүллүбүтэ. Кэлин Калужскай уобалас Высокое сэлиэнньэтигэр Братскай могилаҕа көһөрүллүбүтэ
Громов Алексей Романович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.