Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Лебедкин Лука Игнатьевич

Лебедкин Лука Игнатьевич

Лебедкин Лука Игнатьевич 1930 сыллаахха кулун тутар 27 күнүгэр Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилигин Амыһаах учаастагар төрөөбүтэ. Аҕата , Лебедкин Игнатий Лаврентьевич, Амыһаахха «Максим Горькай” колхуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан сэриигэ барбыт. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылааҕа. Ийэтэ Маарыйа колхуоска дайааркалаабыта.
Бииргэ төрөөбүттэрэ биэстэр этэ. Икки оҕо, Дуунньа уонна Уйбаан, аас дьылга хоргуйан өлбүттэрэ. Ийэлэрэ эмиэ ити кэмҥэ ыалдьан өлөн, үс оҕо тулаайах хаалбыттара. Сэрии ыар сылларыгар убайа Баһылайы кытта фермаҕа учуотчугунан үлэлээн, онно сылдьан тыыннаах хаалбыттар. Эдьиийдэрэ Маарыйа ыалларга сылдьыбыта. Сэрии ыар тыынын эттэринэн хааннарынан билбиттэрэ.
17 сааһыгар суол солооһунугар үлэлээбитэ. Ол кэннэ Бүлүү куоратыгар хаалан, Барыыс балта Аанаҕа иитиллибитэ. Мантан аармыйаҕа барбыта. Биэс сыл Хабаровскай кыраайга авиамоторнай полкаҕа сулууспалаабыта. Моториһынан, онтон кэлин буочара үчүгэйин иһин суруксутунан сылдьыбыта.
Аармыйа кэнниттэн Дьокуускайга хаалан милицияҕа үлэҕэ киирбитэ. Кэлин СМУ-1 тэрилтэҕэ землекобунан, плотнигынан үлэлээбитэ. Үлэлии үлэлии киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэн 10 кылааһы уонна суоппардар курстарын бүтэрбитэ.
1957 сыллаахха олоҕун доҕорун, Мария Степановнаны, көрсөн ыал буолбуттара. 1965 сыллаахха төрөөбүт Үгүлээтигэр көһөн кэлэн, сельпоҕа суоппарынан, кэлин экспедиторынан үлэлээбитэ. Сельпо ыһыллыбытын кэннэ отделениеҕа водовозка суоппарынан үлэлээбитэ.
Аҕабыт сүрдээх үөрүнньэҥ, бэһиэлэй киһи этэ. Саахымакка оонньооччу. Үлэ, тыыл бэтэрээнэ этэ.
2001 сыллаахха бэс ыйын 10 күнүгэр 71 сааһыгар суох буолбута.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.