Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Егоров Афанасий Васильевич

“Японияны кыайыы иьин” мэтээллээх, Норуот ХаЬаайыстыбатын СитиЬиилэрин Бутун Союзтаа5ы Быыстапкатын кыттыылаа5а (ВДНХ СССР)
Афанасий Васильевич Егоров 1962 сыл ахсынньы 22 уонна 1974 сыл ахсынньы 24 куннэригэр суруйталаабыт ахтыыларыттан быЬа тардыылар:
“Мин 1916 сыллаахха Элгээннэ дьадацы бааЬынай кэргэнигэр тереебутум. Онон кецул олох сайдыытын кытта тэццэ улааппытым.
Мин 1931 сыллаахха “КыЬыл Кердугэн” диэн тыа хаЬаайыстыбатын артыалыгар чилиэнинэн киирбитим. Бу артыал Чакыр бастакы комсомолецтарын биирдэстэрэ, оччотоо5у кэмцэ киэц далааЬыннаах салайааччы буолан уунэн-сайдан тахсыан септеех Игнатеьев Андрей Иннокентьевич тэрийбитэ.
Мин Калинин аатынан колхозка биригэдьиирдии сылдьан, 1941 сыл атырдьах ыйынаа5ы сэриигэ бастакы хомуурга хабыллан, Чакыртан 40-тан тахса буолан, Сунтаарга киирбиппит. Сэбиэт председателя Мисаил Васильевич барыбытын кытта тэццэ киирсэн, дьоммун барытын ыллыгыт диэн туруорсан, ус киЬиэхэ армия5а аныгыскы хомуурга диэри тохтото туЬэр бронь диэни ылбыта. Ол ус кИьи иЬигэр мин киирсибитим. Ити кэмцэ мин кэргэннээх уол о5олоох 25 саастаах киЬи этим.
Армия5а 1943 сыл от ыйын 5 кунугэр ыцырыллыбытым. Уолум Кивер ус сааЬын ааЬан суурэ сылдьара. Онтон кэргэним Евдокия Егоровна иккис о5отугар ыарахан этэ. Бу сыл алтынньытыгар, мин армия5а сырыттахпына, кыыЬым Анна тереебутэ. Харыйалаах уола, миигиттэн а5ыс сылынан балыс Трофимов Афанасий Никифоровичтыын бииргэ барбыппыт. Уолум дьонугар-срэгэтигэр “Куллэргэтэр Бэйээт” диэн аатынан биллэрэ. Кинини кытта Сунтаарга 1943 сыл от ыйын 8 кунугэр хаартсыка5а туспуппутун дьоммутугар ыыппыппыт. Чита5а тиийэн Афанасийбынаан тус туспа чаастарга тубэьэн арахсан хаалбыппыт. Дойдубар кэлэн истибитим Трофимов Афанасий Никифорович 1944 сыл ахсынньытыгар кыргыЬыы толоонугар о5утта диэн хара суруга кэлбит, ханна кемуллубутэ биллибэт.
Онтон биЬигини суурбэччэ киЬини тугу улэлээбиппитин ыйыталаьан бэлиэтэнэн баран красноармейскай киниискэбэр суруйбуттарынан 9-с саппаас стрелковай полк составыгар киллэрэн Дацан диэн тимир суол станциятын таЬыгар от улэтигэр хаалларбыттара. Ол оппутун Монголияттан ,Бурятияттан а5алар сылыгыларыгар сиэтэллэрэ. Сор5отун тимир суол станциятыгар суеккэтэн сылгылара ар5аа сэриигэ илдьэр грузовой поездтарга тиэйтэрэллэрэ. Ыйы кыайбат кэмцэ улэлэтэн баран саллаат хаЬаарматыгар а5алан баран нэдиэлэ курдук суурдэн-кетутэн, байыаннайдыы хаамтара сылдьан байыаннай уставы уерэппиттэрэ уонна эмиэ красноармейскай киниискэбэр суруллубутунан 64-с стрелковай полк составыгар 1943 сыл атырдьах ыйын 12 кунугэр военнай присяганы биэрбиппит. Дьэ байыаннайдыы олохтонон курдаах сэниэл, саппыкы, сулустаах бэргэьэ танастанан саллаат курдук санаммыппыт. Бу присяганы биэрбит полкабыт 1-кы батальонун 7-с ротатыгар стрелок диэн дуоьунаска бинтиэпкэ саалаах саллаат этим. Чааспыт территориятын сэнэрээт складын уонна нэдиэлэ5э биирдэ тимир суол станциятыттан ар5аа барар поезд вагоннарын харабыллыырбыт. Онтон “Туринская” диэн станция5а илдьэн мас заготовкатыгар улэлэппиттэрэ. Ону красноармейскай киниискэбэр 1944 алтынньы 20 кунуттэн Забайкальскай фронт хаЬаайыстыбаннай управлениетын иЬинэн 4-с рабочай батальон рабочай байыаьа диэн суруйбуттар. сурун улэбит ол дойду осина уонна тополь диэн мастарын кэрдэн балтараалыы иккилии миэтэрэлээх гына эрбээн сааьылаан тимир суол станциятыгар илдьэн суеккуубут. 20-30 см суоннаах долгучоктар. Ону туохха туЬаналларын билбэтим. Онтон арыый синньигэстэрин балтараалыы метр уЬуннаах тоЬо5о курдук бэлэмниибит. Ону блиндаж эркинэ буолар дииллэрэ.
Онтон ар5аа кыайыы буолбут сура5а иьиллибитэ. Биьиги кыьыны супту кэрдибит ойуурбут иьин ыраастаан олорбут-утуйбут хаьаармабытын сууйан-сотон станция атын уьугар баар военнай чааска илдьэн биир ый курдук сынньаппыттара. Онтон эмиэ строевой сулууспабыт са5аланан хамандыырдар этэллэринэн Япония утары сэриигэ бэлэмнэммиппит. Ол гынан баран сэриигэ илдьибэтэхтэрэ. Эмиэ тимир суол станциятын харабыллаабыппыт. Бала5ан ыйын са5аланыыта Япония хоттордо Аан Дойду иккис сэриитэ тумуктэннэ диэн барыбытын э5эрдэлээбиттэрэ. 1945 сыл алтынньы 5 кунугэр советскай армияттан демобилизацияламмытым… ”

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.