Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Тыкынаева Аграфена Алексеевна

Аграфена Алексеевна 1897 сыллаахха төрөөбүтэ. Төрөөбүт сирэ Иннях. Кэргэнэ Тыкынаев Василий Егорович 20 сыл аҕа этэ. Кинилэр түөрт оҕоломмуттар. Улахан оҕолоро уол Василий, ол кэннэ 3 кыыс оҕо төрөөбүт. Коллективизация саҕана артельга киирбиттэр, онтон кэнники колхоз тэриллибитигэр колхозка үлэлээбиттэр. Сир хорутуута, ыһыыта, хомуйуута, олордуута, сүөһү көрүүтэ, барыта илиинэн үлэ. Саамай сэрии кэмигэр үлэлииргэ ыарахан бөҕө буоллаҕа дии. Оҕонньоттор, инбэлииттэр, дьахталлар, оҕолор.хааланнар биригэдьиирдэрэ ханна ыытар да онно аччык аҥардаах, чараас илдьирийбит таҥастаах улэлииллэр уһү. Оччолорго таҥас да суоҕа, барыта кырыымчык кэм эбит. Эһээбит сэриигэ барбатах, илиитэ суох аҥаар илиитэ суох буолан. Сэрии ининэ бурдук мэһийэр молотилкаҕа оҕустарбыт. 1959 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ. Эбээбит Аграфена Алексеевна 91 сааһыгар улахан уолугар олорон ыалдьан өлбүтэ. Кэнники эбээбит хараҕа көрбөт буолбута. Эбээбит барахсан наһаа үчүгэй эйэгэс баҕайы майгылаах этэ. Арыый кыанар эрдэҕинэ барыбытыгар сиэннэригэр кэлэн ыалдьыттааччы, хос сиэннэрин кэлэн көрсөн туһалааччы. Эбээбит хоно кэллэҕинэ үөрүү-көтүү, кэпсэтии, сэһэргэһии бөҕө буолабыт. Ас бөҕөтүн астыыбыт. Биһигини сиэн кинииттэрин наһаа таптыыр этэ. Онон биһиги эбээбит Аграфенаны сырдык мөссүөнүн хаһан да умнубаппыт, куруук мэлдьи ахта саныы сылдьабыт.
Биһиги эбээбит тыл ветерана. Үчүгэй үлэтин иһин «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг» мэдээлинэн наҕараадаламмыта.

Сиэн киниитэ Ларионова Виктория Викторовна
Улахан сиэнэ Тыкынаев Владимир Васильевич ахтыылара.

Подразделение где служил, воспоминания и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.