Старший сержант, командир орудия танка Т-34.
1919с атырдьах ыйын 5 кунугэр Чурапчы улууьун Соловьев нэьилиэгэр тереебутэ.
1942с бэс ыйыгар Чурапчы педагогическай училищатын уерэнэн бутэрэр уонна Мэнэ-Ханалас оруйуонун Дьабыл алын суьуех оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн ананан улэлии барар.
Бала5ан ыйын 22 кунугэр 1942с кыьыл армия кэккэтигэр ынырыллан, тереебут Чурапчытыгар бырастыылаьа барбакка, ийэ дойдутун кемускуу барбыта.
1942с алтынньы ыйтан ахсынньыга дылы 582-с военнай чаас танковай училищатыгар уерэнэн, ахсынньы ый 30 кунуттэн муус устар ый 8 кунугэр дылы 19-с стрелковай дивизия, 32-с строевой полкатыгар ар5аанны фронна сэриилэспит.
1943с 6-с ОУМП, 2УТБ 4-с ротатыгар курсанынан куьун алтынньыга дылы уерэммит.
1943с алтынньы ыйыттан 2-с Прибалтийскай фронт, 32-с танковай полка5а Т-32 танка5а орудие командирынан сэриилэспит. Бу полка5а орудие командирынан 1944с бэс ыйыгар диэри сэриилэьэр.
1944с бэс ыйыгар Горькай куоракка уерэнэн кэлэр уонна 1945с тохсунньутуттан 1-гвардийскай танковай полка5а, Т-34 командирынан старшай сержант званиялаах сэриилэспит.
Муус устар ыйтан 242-с танковай биригээдэ5э 4-с Украинскай фронт 6-с танковай корпуьун састаабар киирбит.
Кыайыы буолбутун кэннэ Чехославакияны босхолооьунна кыттан Советскай Армия кэккэтиттэн 1946с олунньу ый 10 кунугэр демобилизацияламмыт.
Иванов Михаил Дмитриевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.