Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Кельциев Николай Васильевич

Мин аҕам Ньукулаайа – Николай Васильевич Кельциев 1917 сыллаах төруөх, Нөмүгү нэһилиэгин төрүт олохтооҕо.
Покровскай ситэтэ суох орто оскуолатыгар үөрэммитэ. 1938 сыллаахха Кыһыл Армияҕа ыҥырыллан Дьокуускайдааҕы биир сыллаах Национальнай байыаннай оскуоланы ситиһилээхтик бүтэрэн младшай командир званиетын ылбыта. Байыаннай оскуоланы бутэрбитин кэннэ кинини оройуоннааҕы Суут суруксутунан, онтон кэнники кыра кылаастарга учууталынан ананан үлэлээбитэ.
1941 сыллаахха кыһын Покровскайтан бүрүөһүннээх курусобуой массыынаннан Улахан Неверга дылы Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Кини Челябинскай куорат таһыгар тиийэн саллаттары сэриигэ бэлэмниир байыаннай чааска отделение командирынан сулуспалаабыта. Кэнники Чита куорат таһыгар байыаннай часка көһөрбүттэрэ, Японияны утары сэриигэ бэлэмнэниигэ сулууспалаабыта.
Аҕам отделениета Хинган хайатын туоран иһэн самурайдар доттарын сэриилээн ылбыттарын иһин Албан Аат III степеннээх уордьанынан наҕарадаламмыта. Төрөөбут дойдутун комускэспит хорсун быһыыларын иһин Аҕа дойду Улуу сэриитин II степеннээх уордьанынан, Японияны кыайыы иһин бойобуой уонна элбэх үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн, бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.
Сайын 1946 сыллаахха сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Онтон ыла пенсияҕа тахсыар диэри төрөөбүт оройуонугар учууталынан үлэлээбитэ. Олоҕор-дьаһаҕар, үлэтигэр олус кыһамньылаах, сатабыллаах, кыайыылаах, дьиэ кэргэн тапталлаах аҕата этэ. Алта оҕо аҕата, 15 сиэннээх, 15 хос сиэннээх.
Николай Васильевич 2003 сыллаахха 86 сааһыгар эмискэ өлбүтэ. Нөмүгү нэһилиэгэр, төрөөбүт сиригэр Эбиинчэҕэ көмүллүбүтэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.