Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Неймохов Егор Михайлович

Неймохов Егор Михайлович муус устар 26 күнүгэр 1925с III Байаҕантай нэһилиэгэр (Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр) Таатта оройуонугар билиҥҥитэ Томпо оройуонугар төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха, аҕа дойду алдьархайдаах сэриитэ саҕаланан, чуумпу олохторо уйгууран, бары кыахтаах эр дьон, саастарын сиппит уолаттар барахсаттар, хаһан да харахтаабатах сирдэригэр, биир тылы нууччалыы билбэт дьон, немец омук да диэни билбэт дьон сэриигэ бараахтыыллар, кини онно 16 эрэ саастаах буолан хапсыбакка, тыылга хаалан, бөһүөлэккэ сүдү үлэһит буолан араас ыарахан үлэлэргэ бастакы эрээккэ сылдьар. Онтон дьэ 1943 с 18 сааhын туолан бэс ыйыгар армияҕа хомуур буолан онно барар. Чита куоракка тиийэллэр, аны онно туохха эрэ сүһүрэннэр киһи бөҕө ыалдьан төттөрү төннөллөр, сорохтор өлөллөр, ас таҥас да тиийбэт хоргуйуу буола сыһар, аччыктааһын барар. Онтон Япония сэриинэн түһэр буолла диэн, граница харабыллыырга диэн бастаан базалаах дьону көрдүүллэр, онно үөрэхтээх, политиканы өйдүүр өттүлэрэ олох восточнай фронт диэнтэн саллаллар эбит. Егор Михайлович аччыктааһын да абытайыттан буолуо, ханна да өлбүт син биир диэн тылланан барар. Япония границатыгар тиийбиттэрэ дьэ манна ас, таҥас дэлэй эбит. Онно сэттинньи ыйга диэри 47с стрелковай полка автоматчигынан сылдьар, кэлин инники кирбиигэ кэтээн көрөөччүнэн, старшай прожекторист эбээһинэһин сүгэр, Япония самолеттара түүн көтөр кэмнэригэр, прожекторынан суолларын муннаран, суулларыахтаахтар эбит. Кэлин 1950 сылга диэри ытааччынан сулууспалыыр, ол сырыттаҕына командира ырыаһыттар састааптарыгар киллэрэн, саллааттар иннилэригэр концерт толорор эбиттэр, онон кини сэрии саҕанааҕы ырыаны барытын билэр этэ. Дьэ онтон дойдутугар 7 сыл буолан баран 1950 с эргиллэн кэлэр. Кэлэн Томпоҕо Рай ВУСка начальнигынан үлэлиир, ону тэҥэ полставкаҕа заксаҕа үлэлиир. 1954 с Кириэс Халдьаайыга көһөн кэлэн милицияҕа, метеостанцияҕа үлэлиир. Кэлин пенсияҕа тахсыар диэри 1960 сылтан ОРС ,,Хандыгауголь,, тэрилтэҕэ үтүө суобастаахтык экспедиторынан үлэтин түмүктүүр. Аҕа дойду сэриитин II с степеннээх уордьанынан, ,,Японияны кыайыы иһин,, уонна араас юбилейнэй мэтээллэринэн назараадаламмыта. Ыам ыйын 16 күнүгэр төрөөбүт Мэҥэ Алданыгар кэлэн 2000 с өлөр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.