Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Никифоров Степан Прокопьевич

Ахтыы Никифоров Степан Прокопьевич.
Мин 1917 с. I Дьаархан нэьилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбутум.
1934с. I Дьаархан 4 кылаастаах оскуолатын бутэрбитим . Онтон 1935с. Ферма сэбиэдиссэйин куурсун бутэрээт 1958 сылга диэри колхоз араас салайар улэтигэр улэлээбитим. 1958с-н 1964с диэри дорожнай учаастакка завхоһунан улэлээбитим. 1964с-н Нюрба поспотугар завхоҺунан улэлиибин. Билиҥҥэ диэри ханнык да уголовнай гражданскай дьыалаларга тубэһэ иликпин.
Мин 1942 сыл от ыйын 26 кунугэр Аҕа дойду Улуу 2-с сэриитигэр армияҕа ыҥырыллан барбытым. Дьокуускайга диэри грузовой пароходунан барбытым. Онтон Ленаҕа “Лермонтов” пароходунан барбыппыт. Ангараҕа диэри 25 км массынаннан барабыт. Иркутскайга диэри параходунан тиийэн 8 кун хомуппут, тиийээт барыбытын булкуйан араартаан кэбиспиттэрэ. Холобур, Тимофеев Петр Лазаревич Москваны ааьан уөрэммитэ. Биһиги Ураалга “Чумник» диэн станцияҕа 28 күн уөрэмиппит. Онтон уруккута Сталинград куоракка сэриилэһэ барбыппыт. Онно хас да кун куоракка чугаһаан баран сатыы барбыппыт.
Мин пехотага 928 стрелковай полкатыгар сылдьыбытым. Сталинград куорат аҥаарын ылан олороллоро. Биһиги сынньамакка тутатына сэриигэ киирбиппит. Ити 1942с. балаҕан ыйын 15 кунэ этэ. Онтон 30 кунугэр 15 хонон баран илиибэр,испэр бааьыран госпитальга киирбитим. Итиннэ сотору – сотору өстөөх самолета элбэхтик кэлэрэ. Ону хайаан да кэллэҕинэ бары сэбинэн ытарбыт. Онно син самолет табыллан сууллан умайан туьэрэ.
Биһигини кытта туох да баһаам элбэх танка киирсэрэ. Кинини элбэхтик бомба алдьатара. Туун мин шлеммын пушка ус төгул дьөлө таппыта. Биирдэ тимир пилоткабын буулдьа дьөлө көппутэ. Киһи өлуутэ элбэх этэ. Хас кун ахсын көҕурээн иһэрбит. Олох билбэт дьоннорум взводка эбии кэлэн иһэллэрэ. Онно өлбуттэрэ : I Дьаархан дьонноро – Васильев Нев, Кузьмин Тихонов, Яков Кузьмин, Сулэ киһитэ Васильев Афанасий. Хас да взвод командирдара өлөн уларыйан иһэллэрэ. Арай бииргэ уөрэммиттэн артиллерия командира Чоросов Иванныын бииргэ госпитальга кэлбиппит. Ити бириэмэҕэ “Катюша” үлэлээбитэ . Ол киирээтин кытта биһиги өстөөҕу чугурутан өстөөх сирин диэкки үүрэр этибит. Ити 15 кун иһигэр куораттан тахсан иһэн ранения ылбытым. Госпитальга Голускай куоракка араас элбэх ыараханнык бааьырбыт дьону көрөн саллыбытым. Нуччаллар сэриигэ куттаматтарын, харса суохтарын чахсы көрбутум. Биһиэхэ аҕыйах еврей баара наһаа куттамсах этилэр. Биһиги винтовканнан сэриилэспиппит.
Мин маннык наҕараадалары ылбытым:
1. Медаль «За оборону Сталинграда»
2. Медаль «За Победу над Германией в В.О.В. 1941-1945»
3. Медаль «За доблестный труд в В.О.В 1941-1945гг.»
Үчүгэйдик ытар диэн хай5ал лист баара. Уөрэҕэр учугэй диэн прикаһынан хас да благодарность ылан турардаахпын.
1965с. Кулун тутар 23 кунэ
С.П. Никифоров.
Сэриигэ сылдьыбыт сыллара.
1942с. 6 ыйтан – 4 ый 1943с. 928 стрелковай полкаҕа- стрелок.
Сталиранградскай фроҥҥа 1942с, алтыньньыга стрелок.
Алтыньньыга 1942с.- илиибэр ранение.

1934 г закончил начальную школу. с 1935 – 1958 г.г. после окончания курсов заведующих работал на руководящих должностях совхоза Жарханского наслега.
26 июля 1942 г был призван на службу ВОВ. служил – Стрелковый полк 928 под Сталинградом.
октябрь, 1942 г. был ранен и госпитализирован.
Награжден медалями:
“За оборону Сталинграда”, “За Победу на Германией в Великой Отечественной войне 1941-1945”, “За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 г”,
похвальной грамотой за лучшего стрелка и благодарственными письмами за отличные успехи
где служил, воспоминания и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.