1905 Кулун тутар 5 күнүгэр Амма-Наахара нэһилиэгэр Чакыр алааска күн сирин көрбүт. 1941с. от ыйын 13 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта. Москва анныгар №518 сапернай батальоҥҥа сылдьыбыта, Москва оборонатыгар 3 ый кыргыспыта. Онтон батальонуттан арахсан пехотаҕа көспүтэ. Салгыы 774-с дивизия састаабыгар сэриилэспитэ. Тула куораты босхолооһуҥҥа кыттыбыта, Украинаны босхолуу арҕаа барбыта. 1942с. Харьковка сэриилэспитэ, онно сылдьан өттүгэ бааһыран Тулаҕа биир ый, Саратов, Уфа, Челябинскай куораттарга госпитальга сыппыта.
1943с сэрии 2-с группалаах инбэлиитэ буолан эргиллибитэ. “Энгельс” холкуоска председателинэн үлэлээбитэ. Онтон икки колхоз холбоспутун кэннэ солбуйааччы председателинэн, 1952-1956сс. Хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1945 сыллаахтан Партия чилиэнэ.
Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбытын иһин 1944с. “Германияны кыайыы”, 1971с. “Килбиэннээх үлэтин иһин”, “Хорсунун иһин”, Улуу кыайыы 20-25 сылын туолууларын иһин мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Эһээбит 3 оҕолоох: Ольга, Настя, Александр.
Пенсияҕа тахсан баран эһээбит төрөөбүт нэһилиэгэр үлэлии-хамныы сылдьан 1981с. сэриигэ ылбыт бааһа бэргээн күн сириттэн барбыта.
Пахомов Пётр Павлович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.