1917с. бала5ан ыйын 17кунгэр уон о5олоох ыалга со5отох уолунан тереебутэ. 1938с. Булуучээн нэьилиэгин «Коммунист» холкуос бэрэссэдээтэлинэн улэлээбитэ.1942с. 25 сааьыгар Ийэ дойдутун кемускуу уоттаах сэриигэ барбыта. Иркутскайга минометчик идэтигэр уерэтэн баран Ар5аа фронна Курскай диэки ыыппыттара. Семен Михайлович II Украинскай, I Белорусскай фроннарга сылдьан, Белгород, Варшава, Харьков, Полтава, Павлоград, Кривой Рог куораттары босхолооьунна кыттыбыта. Днепр, Висла, Одер ерустэри туорааьын аатырбыт кыргыьыыларыгар кыттыбыта. Берлины штурмалыырга сэриилэспитэ. Ол туьунан маннык кэпсиирэ:
– Киьи тылынан кыайан кэпсээбэт кыргыьыыта буолбута. Туунэ-кунуьэ биллибэт, халлаан арыт сып-сырдык, арыт хабыс-харана, ыыс-быдаан буруо этэ. Мэктиэтигэр сир титириир курдуга. Сэттэ тууннээх кун сэриилэспиппит кэнниттэн немецтэр бэриннилэр, сэрии буттэ, кыайыы буолла диэн биллэрдилэр. Рейхстаг урдугэр кыьыл былаах тэлээрдэ. Уеруу ерегейун онно билбитим. Ер намыраабатах биир кэм куустээх «Ураа!» хаьыы ньиргийэ турбута. Кыайыы буолбут киэьэтигэр тохтоон уоскуйан илистибиппитин дьэ биллибит. Сиргэ тиэрэ туьэ сытан дойдубутун, дьоммутун санаан ытаьыы да баара.
С.М.Павлов кыайыы кэнниттэн Бэрлинтэн 2 кестеех Бернау куорат сиригэр сана оло5у тутуьан ессе биир сыл сулууспалаабыта. Кини Албан Аат II, III степенэ уордьаннаах, элбэх бойобуой мэтээллэрдээх 1946с. дойдутугар эргиллибитэ.
С.М. Павлов 1997с. олохтон барбыта.