1921 с. Уус – Алдан Баатаҕай нэһилиэгэр орто бааһынай дьиэ-кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Хас да оскуоланан үөрэнэн 1938 сыллаахха 6-с кылааһы бүтэрбитэ. Усулуобуйа суох буолан, салгыы үөрэнэр кыаҕа суоҕа. 1938-1942 с.с. “Үүнэр олох” холкуоска хонуу үлэһитинэн сылдьыбыта. 1942-1948 с.с. Советскай Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта. Армияттан эргиллэн кэлэн, бастаан “Үүнэр олох” холкуоска хонуу үлэһитинэн, онтон фермаҕа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1951-1952 с.с. бөдөҥсүйбүт “Калинин” холкуоска ҮТФ сэбиэдиссэйинэн анаммыта. 1952-1955 с.с. Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын оскуолатыгар үөрэнэн агроном идэтин ылбыта. 1955-1967 с.с. “Калинин”, “Ленин”, “Правда” холкуостарга бэрэссэдээтэли солбуйааччынан, агрономунан, комплекснай биригээдэ биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1967 сылтан пенсияҕа тахсыар дылы “Нам”, “Комсомольскай” совхозтарга рабочайдаабыта. Партийнай тэрилтэ секретарынан, народнай хонтуруол көмө группатын, лавочнай комиссия бэрэссэдээтэллэринэн, уо.д.а. үгүс общественнай үлэлэргэ талыллан, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан өр сылларга үлэлээбитэ. Кэргэнинээн Матрена Аммосовналыын 8 оҕону иитэн улаатыннарбыттара, билигин кинилэр олохторун элбэх сиэннэр, хос сиэннэр салгыыллар.
Наҕараадалара: “Германияны кыайыы иһин”, “1941-1945 с.с. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин” мэтээллэр, “Тимир суол сэбилэниилээх күүстэрин ветерана” бэлиэ, “Аҕа дойду сэриитин” II-с степенэ орден. Нам улууһун Ытык киһитэ.
Сэриигэ сылдьыбыт бойобуой суолун туһунан бу курдук ахтыы суруйан хаалларбыта.
«1942 сыллаах атырдьах ыйыгар армияҕа ыҥырыллыбытым. Биһиги нэһилиэктэн сэттиэ этибит. Миигин кытта бааллара: Е. Олесов, В. Перевалов, П. Замятин, Ф. Габышев, А. Осипов уонна Н. Феоктистов. Балаҕан ыйыгар Мальта станцияҕа тиийбиппит. Саха сириттэн 300 тахса этибит. Биир хоммуппут кэннэ миигин нэһилиэгим дьонуттан арааран кэбиспиттэрэ. Кинилэр мин иннибэр дойдуларыгар эргиллэн кэлбит этилэр. Арай Н. Феоктистов кэлбэтэх этэ. Кини Мальтаҕа ыалдьан тиийбитин өйдүүбүн.
Алтынньыга Улан-Удэ куоракка аҕалбыттара. Мин 543-с стрелковай батальон стрелковай ротатыгар түбэспитим. Итиннэ сылдьан Орджоникидзевскай оройуонтан Иннокентий Макаров, Уус-Алдантан Петр Кривошапкин диэн дьону көрсүбүтүм.
1943 сыл олунньу бүтүүтүгэр Сталинградка тиийбиппит. I уонна II Украинскай фроннарынан, Богдан Хмельницкай орденнаах 41-с тимир суол биригээдэтигэр тимир суолу чөлүгэр түһэрэр туспа батальоҥҥа түбэспитим. Батальон командира подполковник Крутень диэн этэ. Мантан ылата Берлиҥҥэ тиийэ биһиги бойобуой суолбут саҕаламмыта.
Сталинградка маҥнай кэлэрбитигэр өстөөх куораттан олох чугаһа, фронт линията онон ааһара. Фронт кэтэҕэр тиийэрбитин кытта өстөөх «рамка» самолета көтөн ааспыта, тута баттаһа бомбардировщиктар кэлэннэр эшаломмутун бомбалаабыттара. Тахсан траншеяларга тарҕаһан сыппыппыт. Волга өрүс үрдүгэр турар зениткалар ытыалааһыннарыттан өстөөх самолеттара барбыттара.
Чааспыт фронт арҕаа диэки сыҕарайдаҕын ахсын өстөөхтөрүнэн урусхалламмыт тимир суол линиятын уонна муосталарын оҥороро.
Олус ыарахан, уһун унньуктаах сулууспаны барбыппыт. Сэрии бара турар сиригэр тыыннаах күүһү, бойобуой күүһү тириэрдэ охсор сорук турара. Ону толоруу олус кытаанаҕа. Хам аччык түүннэри-күнүстэри үлэлиирбит, үөһэттэн-аллараттан ууга туран котлованнары хаһарбыт. Шпалалары, дьэбиннэрбит рельсэлэри икки санныбыт дьуккуруйуор диэри таһарбыт. Сэниэн эстэн, утуйар уун кэлэн туох баар күүскүнэн үлэлии сырыттаххына, бомбалааһынтан уонна снаряд оскуолкаларыттан аттыгар сибилигин тиритэ-хорута үлэлии сылдьар табаарыстарын эмискэ суох буолан хаалаларыттан ордук ынырык уонна суостаах түбэлтэ туох да суоҕа. Аны туран саҥа сиргэ кэллэрбит эрэ минаҕа быстарбыт. Сиэртибэлэр Берлиҥҥэ тиийиэхпитигэр дылы быыстала суох тахсаллара.
Сталинградтан Курскай тоҕойунан Украина сиригэр кэлбиппит. Харьков куоратынан, Ровненскай, Сумьскай уобаластарынан, Киевинэн Днепр өрүһү туоруур тимир суол улахан муосталарын оҥорууга уһуннук, олус ыарахан усулуобуйаҕа үлэлээбиппит.
1944 ыам ыйыгар Белоруссия сиригэр кэлбиппит. Минскэй куорат анныгар фронт уота-күөһэ көстөр сиригэр үлэлээбиппит. Өстөөх биһиги кэлбиппитин билбитэ, сотору-сотору кэлэн бомбалаан барара, ырааҕы тэбэр орудиелар снарядтара түһүтэлиирэ. Шпалалары испиискэ тымтыгын курдук элитэллэрэ, хатан болгуо тимир эриэн үөннүү иэҕиллэрэ. Сүтүк олус элбэҕэ. Ону аахсыбакка күннэри-түүннэри үлэлиирбит. Белоруссия столицата Минскэй босхолуммутун кэннэ, биһиги суолбут арҕаа диэки тыргыллыбыта. Арҕаа Украинанан, Польшанан 1944 сыл күһүнүгэр Венгрия сиригэр тиийбиппит. Карпат хайаларыгар мас муосталары ыарахан усулуобуйаҕа оҥорбуппут. Манна икки өттө хайа курдук үрдүк биэрэктээх синньигэс өрүс муостатын урусхаллаабыт этилэр. Биһиэхэ бэрт түргэнник муостаны чөлүгэр түһэриҥ диэн бирикээс кэлбитэ. Көһүнэн тайыыр усталаах сиргэ үлэ күөстүү оргуйбута. Түөрт уонча метр үрдүктээх муостаны маһынан оҥорбуппут. Балтараа нэдиэлэнэн бастакы поеһы аһарбыппыт. 1945 сыл тохсунньуга Чехославакияҕа тимир суол линиятын чөлүгэр түһэрбиппит. Олунньу бүтүүтүгэр Германия кыраныыссатыгар тиийбиппит, Одер өрүһү туораан, кулун тутарга Франкфурт куоракка уһуннук турбуппут. Ыам ыйын 9 күнүн, Кыайыы өрөгөйдөөх үөрүүтүн Берлин таһынааҕы тимир суол улахан станциятыгар көрсүбүппүт. Атырдьах ыйын 18 күнүгэр чааспыт дойдутугар айаннаабыта. Балаҕан ыйыгар Днепропетровскайга кэлбиппит. Тимир суолу тутар 31-с туспа полкаҕа түбэспиппит. Тимир суол сэриилэрин сулууспалыыр болдьохторун өссө үс сыл уһатарга диэн Москваттан бирикээс кэлбитэ. Сэрии саҕана оҥортообут мас муосталарбытын тимиринэн уларытан оҥоруу үлэтэ барбыта. Урут путеукладчик буоллахпына, аны мотосборщик-монтажник быһыытынан үлэлээбитим. 1948 сыллаахха муус устарга демобилизацияланан, төрөөбүт дойдубар, урукку “Үүнэр олох” холкуоска эргиллэн кэлбитим.”
Подразделение где служил, воспоминания и биография.