Николаев Николай Алексеевич сэрии, үлэ ветерана,“Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии” I-II степеннээх, “Албан аат” III ст. “Октябрьскай Революция”орденнарын, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” о.д.а медаллар кавалердара, Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха АССР Бастыҥ бостууга.
Николай Алексеевич улахан киэҥ нэлэмэн ытык мааны Эбэ диэн ааттыыр Чинэкэ алааһыгар сыста сытар Күөл Сыралтаҕа барар аартыкка турар «Найахы» диэн ааттаах өтөххө дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
1941с. балаҕан ыйыгар М.Горькай аатынан колхозка председателинэн үлэлии олорон сэриигэ барбыта.Ахсынньы ыйга дылы Иркутскайга байыаннай уерэххэ үөрэнэн баран, сэриигэ бастакы сүрэхтэниитин Москва куораты көмүскүүр кырыктаах кыргыһыыттан саҕалаабыта.
1942 сыл саҥатыгар аҕыс күннээх түүн тохтоло суох кыргыһыы кэнниттэн илиитигэр уонна аҥар атаҕар араанньы буолан эмтэнэн үтүөрэн баран салгыы бойобуой суола Смоленскайынан, Минскэйинэн, Прибалтиканан Илиҥҥи Пруссияҕа тиийэ ааспыта. 1942 сыллаахха балаҕан ыйыгар Смоленскай куораты босхолооһуҥҥа хорсун быһыытын иһин бастакы наҕараадатын – «Бойобуой үтүөлэрин иһин» медалы ылбыта. А5абыт өстөөҕү утары геройдуу охсуспут тугэннэрэ элбэхтэр. Кинини наҕараадалыыр лиистэргэ маннык суруллубуттар:
“Николаев Н.А. Кыһыл Знамялаах 215-с Смоленскайдааҕы стрелковай дивизия 707-с Неманскай стрелковай полкатын 2-с батальонун стрелога. Албан аат 3-с степеннээх орденыгар туһэриллэр» – диэн.
“Литовскай ССР Шехайскай уеһын Мурейка дэриэбинэтин оройуонугар өстөөх оборонатын көнү көтөр охсуһууга 1944 с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр хорсун быһыыны көрдөрдө. өстөөх траншеятыгар бастакыннан ыстанан киирдэ уонна илиинэн хапсыһыыга 5 өстөөҕү кыдыйда, өстөөх пулеметын улэлээбэт онордо. Младшай сержант Н.А.Николаев Правительственнай наҕараадаҕа Албан аат III-степеннээх орденыгар достойнай”- диэн.
“ Николаев Н.А. мл.сержант Кыһыл Знамялаах 215-с Смоленскайдааҕы стр.дивизия 707-с Неманскай стр.полкатын 2-с батальонун пулеметчига Аҕа дойду II степеннээх орденыгар туһэриллэр”-диэн.
Сэрии хонуутугар 1943 с. ССКП чилиэнинэн ылыллыбыта.Эрэйи энэринэн тэлэн, кыайыынан кынаттанан иьэн, 1944 с. алтынньыга Кенигсберг анныгар тиийэн, уҥа илиитигэр улаханнык бааһыран эмтэнэн 2-с группалаах инбэлиит буолан 1945 с. муус устар 1 күнүгэр алта ыйга уоппускаҕа Бүлүүгэ кэлбитэ. Ол кэлтин кэннэ Кыайыы буолан төннүбэтэҕэ. Дойдутугар кэлэн 1 ый эмтэнэн баран, үлэ үөһүгэр түспүтэ колхоз суоччутунан, Совет председателинэн өр кэм үлэлээбитэ, онтон субай сүөһү бостуугунан тылланан үлэлии барбыта. Аҕабыт оччолорго республикаҕа субай сүөһүнү төлөһүтүүгэ хас да сыл үрдүк кердеруулэммитэ . Ол иһин Саха АССР Бастыҥ бостууга үрдүк ааты ылбыта, «Октябрьскай Революция» орденынан , хас да мэтээллэринэн , икки төгүл 1965, 1969 сс. Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, Москваҕа ВДНХ 2 төгүл ыҥырыллыбыта,
Пенсияҕа тахсан баран, хас да сыл “Чочу” совхоз кадровай булчутунан үлэлээн аны кылааннаах түүлээх сорсуннаах сонордьута буолбута. 1983-1984 сылларга субуруччу “Чемпион-булчут” аалай лиэнтэтин кэппитэ.
Аҕа дойдутугар ытык иэһин чиэстээхтик толорбут, улахан олоҕу олорбут, сырыы баһын сылдьыбыт үтүөкэннээх киһибит олоҕун утаҕа муус устар 2 кунугэр 1986 сыллаахха ыарахан ыарыыттан быстыбыта.
Николай Алексеевич бэйэтин олоҕун салгыыр оҕолордоох, элбэх сиэннэрдээх.