Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Сивцев Михаил Евстафьевич

1941 – 1945 с. Аҕа Дойду Улуу Сэриитин кыттыылааҕа. Сэрии бэтэрээнэ уонна I группа инвалида. Уус-Алдан улууһун уонна Дүпсүн нэһилиэгин бочуотунай гражданина. 1939 с. Дүпсүн 7 кылаастаах Орто Оскуолатын бүтэрбитэ. 1940 с. Дьоккускайдааҕы Республиканскай Потребительскай Техникумҥа үөрэнэ киирбитэ. 1941 с. Колхуоска көмөлөһөөччү суотчутунан уонна биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1942 с. “Тиит Арыы” Чэриктээй нэһилиэгэр балык тутааччыннан үлэлии киирбитэ. 1942 с. Бэс ыйын 19 күнүгэр бэбиэскэ туппута.
1942 с. Бэс ыйын 22 күнүгэр Суотту нэһилиэгин « Кыһыл – Кырдал» колхуоһугар доруобуйа көрөр хаамыһыйаны ааһар. 1942 с. Бэс ыйын 24 күнүгэр поеһынан айаннаан Молотовскай (билигин Пермскэй) уобаласка “Юг” буойунускай чааска кэлбитэ. 72 – с Хайыһар бириигэдэтигэр анаммыта.
1942 с. Сэтинньи ый 20 күнүгэр сэрии фронугар ыытыллыбыта. 1942 с. Ахсынньы ый: Сталинградскай фронт 57-с армыйатыгар кэлэн, генерал Тыбукин 24-с стрелковай полкатыгар рядовойунан ананар. 1942 с. Ахсынньы ый 19 күнүгэр “Доставка “Языка” развед-группаҕа кыттабыта. Ыараханнык араанньа буолар уонна №1694 эвакуационнай госпитальга Энгльс куоракка Саратовскай уобаласка сыппыта.
1943 с. От ыйын 4 күнүгэр госпитальтан таhаараллар. “Тапищева” Станцияҕа Саратовскай уобаласка буойунускай чааска строевой сулуусбаҕа барбыта. 1943 с. От ыйын 2-с аҥарыттан Курскай дуга Брянскай туhаайылытыгар 451-с стрелковай полкаҕа пулемётчигынан тиийбитэ. 1943 с. Ахсынньы ый 23 күнүгэр: Охсуhуу бастакы линиятыгар контузияламмыта. 1896 нүөмэрдээх госпитальга Гус-Хрустальный куоракка Ивановскай уобаласка ыытыллыбыта.
1943 с. Атырдьах ыйын 17 күнүгэр строевой сулуусбаҕа бэлэм БВ 202 3-с буойунускай чааска строевой полкаҕа 5 күннээх хамыылаах эрчийиигэ ананар. Хотугулуу-Арҕаа фроҥҥа Смоленскай туhаайылытыгар 499 стрелковай полкаҕа рядовой пулемётчигынан ыытыллыбыта.
1943 с. Атырдьах ыйын 29 күнүгэр Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Ыараханнык араанньа буолар. 46952 нүөмэрдээх военнай госпитальга п. Молочная Вологодскай уобаласка киирбитэ.
1943 с. Сэтинньи ый 24 күнүгэр Не строевой сулуусбаҕа бэлэм буолбута. Архангельскай уобаласка гарнизоннай морской береговой буойунускай чааска ыытыллыбыта.
1946 с. Доруобуйатынан демобилизацияланар.
1946 с. Алтынньы ый 26 күнүгэр дойдутугар тиийэр. Онтон Дүпсүн Орто Оскуолатын завхоhунан өр сылларга үлэлээбитэ.
1948 сыллаахха олоҕун аргыhын кытта Шадрина Федора Николевнаны ыал буолбуттара. 8 оҕолоохтор.
1972 -1992 с. Саха Государственнай Университетка охраннигынан улэлээбитэ.
2000 с. Кыайыы юбилейын 55 сылыгар Андрей Кривошапкин сэрии уонна Сивцев М.Е. олоҕун туhунан “Клятва солдата” кинигэни таhаарбыта.
2005 с. Саха Государственнай Университета “Михаил Евстафьевич Сивцев – солдат Великой Отечественной” кинигэни таhаарбыта.
2006 с. Тохсунньу ый 29 күнүгэр Дьокусскай куоракка ыарахан ыарыыттан барбыта.

Аҕа ДойдУлуу Сэриитигэр актыывнай кыттыытын иhин наҕыраадалара:
I. Мэтээл. “ Германияны утары Кыайыы 1941-1945 с.”
II. Мэтээл. “ Сталинградка Кыайыы ”
III. Мэтээл. “За отвагу”
IV. Мэтээл. “50 лет Вооруженных сил СССР”
V. Мэтээл. “ Аҕа Дойду Сэриитин Кыайыы 20 сылыгар 1941-1945 гг.”
VI. Знак. Удостоверение к знаку 25 лет победы в ВОВ
VII. Мэтээл. “ Аҕа Дойду Сэриитин Кыайыы 30 сылыгар 1941-1945 гг.”
VIII. Мэтээл. “ Аҕа Дойду Сэриитин Кыайыы 40 сылыгар 1941-1945 гг.”
IX. Мэтээл.. “60 лет Вооруженных сил СССР”
X. Мэтээл.. “70 лет Вооруженных сил СССР”
XI. Орден Отечественной войны 1 степени
XII. Мэтээл. “Ветеран труда”

Михаил Евстафьевич yhyн дьоллоох олоҕу кэргэнинээн Федора Николавнаны кытта (53 сыл) олорбута. Кини сырдык аатын, олорбут олоҕун 8 о5олоро, 29 сиэннэрэ, 46 хос сиэннэрэ салгыыллар, 6 хос хос сиэннэрэ сырдаталлар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.