Баишев Павел Филиппович 1922 с. төрүөх – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1-гы степенннээх орденын кавалера, колхознай тутуу ветерана, нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо.
Биһиги аҕабыт сэриигэ 1942с. ыам ыйыгар ыҥырыллыбыта..
Кини I Украинскай фронт 14-с армиятын 124-с стрелковай полкатыгар түбэспитэ. Аҕабыт, Павел Филиппович, 1942с. ыам ыйыгар биир дойдулаахтарын кытта Өлүөнэ өрүһүн борохуотунан устан Иркутскайга тиийбиттэр. 9 эрэ саха баарыттан аара ыалдьан 7 киһи өлбүт. Иккиэ буолан балыыһаҕа эмтэммиттэр. Байыаннай үөрэҕи Красноярскай байыаннай лааҕырга барбыт. Саха соҕотох эбит.
Мантан аллараа аҕабыт ахтыыттан быһа тардан аҕалабыт: « Үөрэх остуруобай кытаанах этэ. Онно байыаннай присяга этитэллэр, бэйэлэрэ дьуктууйдаан бүтэн баран илии баттаталлар. Манна үөрэммиппит кэннэ эмискэ приказ кэллэ «остуруойдаан!» диэн. Эмиэ поеһынан айаннаатыбыт. Ханнык эрэ дэриэбинэ уулусатыгар остуруойдаатыбыт. Онно көрдөххө халлаан арҕаа уһугар күөх-кыһыл уоттар көстөллөр уонна ньиргиэр тыастар иһиллэллэр, ону нуучча саллааттара «сэрии» дииллэр. Онно биһиэхэ байыаннай таҥаспытын сэриилэһэр автомат саа туттардылар. Күн аайы сатыы фронт диэки айаннаатыбыт. Полит. час. т.Романом сэрии положениетын туһунан кэпсиир. Сэрии уота – күөһэ көстөр сиригэр тиийдибит. Сэриигэ раанньы буолбут саллааттар хаан-билик, ынчык, ыһыы-хаһыы буолан автомашинанан ааһаллар. Биһиги Советскай Союз Маршала тов. Тимошенко баһылыктаах киин фроҥҥа Москва аннынааҕы сэриигэ киирэр буоллубут. Бомбаҕа, снарядка тоҕо тэптэрбит күөрэ- лаҥкы буолбут дьиэлэр, саллааттар өлүктэрэ тиэрэ – маары туһэн сыталлар. Ону быыстарынан сыыллан киирдибит хараҥа этэ. Халлаан сырдыыта дивизия командира Волков приказтаата ( радионан) фашистскай сэриилэри утары уоту аһыы саҕаламмытынан. Онтон ыла тула өттүбүт үөһэнэн аллараанан уотунан уһуутуу турбута өлүү- сүтүү, ыһыы-хаһыы икки өттүттэн элбэх этэ. Хас да суутка сэриилэһэн баран атаҕым буутугар оскуолка буулдьатыгар раанньы буолбутум. Новосибирскай куоракка госпитальга ыыппыттара.
Үтүөрбүтүм кэннэ иккистээн сэриигэ ыыппыттара. Элбэх буолан тахсыбыппыт нуучча, казак, узбек, украинец уо.д.а. Биһигини воисковой чааска холбообуттара I Украинскай фронт 14-с армия, 124 дивизия стрелковай полкатын стрелковай пехотата диэн. Смоленскай уобалас нэһилиэнньэлээх пуунугар илдьэн тохтоппуттара. Кыырыктаах кыргыһыы саҕаламмыта. Үс түүннээх күн тохтоло суох күүстээх хапсыһыы кэнниттэн куораты көҥү көтөн киирэн фашистскай сэрииттэн босхолооһун буолбута. Биһиги армиябыт раанньы буолан өлөн аҕыйаатахпытына эбии саҥа күүс киирэн иһэр. Биһиги Смоленскай уобалаһы босхолоон курскай толоонугар тиийдибит. Уйаара-кэйээрэ биллибэт хонуу отун-маһын тыал эрийэн кэбиспит. Кылгас убаҕас сэппэрээк мастаах этэ.Немец армията харахха көстөр этэ., өлүү-сүтүү икки өттүттэн баара. Биһиги сэппэрээк төрдүгэр хаары хаһан саһа сытан өстөөххө уоту аһабыт. Автоматынан сэриилэһэ сыттахпытына уҥа илиим ньир гына түстэ, өйбүн сутэрэн төһө өр сыппыппын билбэппин арай киһи тардыалыыр. «Солдат живой да?»-диир. Мин хап-сабар «живой»-диибин. Өйдөннүм быһыылаах, өрө тардыалыыллар харахпыттан уот тахсар, хаһыытыыбын. Буомба тоҕо тэппит куоһаҕар төбөм оройунан тостубут илиибин баттыы тиэрэ түһэн хаалбыппын. Икки нуучча санитаркалара оһолломмут саллааттары мунньар сиргэ тириэртилэр.Онно илиибин бэрэбээскилииллэригэр көрбүтүм уҥа илиибин акымалым уҥуоҕун тосту көтөн шинелим таһыгар быччыҥым этин лөглү көтөн тахсан табаах саппыйатын саҕа этим тирииттэн иҥнэн салыбырыы сылдьар этэ..»
Аҕабытын операциялаан, гипсэлээн баран салгыы Ташкент куоракка госпитальга аҕалбыттар. Ыараханнык бааһырбыт буолан, госпиталь кылаабынай хирург бырааһа О. Евсеева комиссия быһаарыытынан хас да докумены туттарбыт. Ташкентан бааһырбыт саллааттары арыаллаан, Иркутскайга аҕалбыттар. Онно, дьэ, уонча саханы көрсүһэн үөрэн-көтөн төрөөбүт саҥаларынан тото кэпсэппиттэрин ахтар.
Ити курдук аҕабыт барахсан ыараханнык бааһыран 1943с. атырдьах ыйыгар дойдутугар төннүбүтэ.
Салгыы ахтыы түмүгэ: « Якутскайга дылы сирдьит биэрэн сүүрбэччэ буолан 1943с. атырдьах ыйын 1 к. Якутскай куоракка кэллибит. Нөҥүө күнүгэр бэһиэ буолан Майаҕа таҕыстыбыт. Чурапчыттан иккиэ, Мэҥэлэр иккиэ, биир Таатта уола буолан дьаамынан айаннаан төрөөбүт дойдубар атырдьах ыйын 6 күнүгэр кэллим! Оо! Дойдум барахсан!
Билигин төрөөбүт дойдубар олоробун, А5а дойду сэриитин II группа инвалидабын, кэргэннээхпин, биэс оҕолоохпун, сиэннэрдээхпин. Онон толору дьоллоохпун.
Биһиги партиябыт Киин кэмитиэтэ уонна Оборона Советын Министиэристибэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин инвалидтарыгар кинилэр материальнай условияларын тупсарыыга элбэх пууннаах чэпчэтиллибит уураахтарын уонна биһиги үйэбит уһууругар медицинскэй көмөлөрүн иһин истиҥник махтанабын».
Аҕабыт Павел Филиппович сэрииттэн «Хорсунун иһин» бойобуой медаллаах кэлбит. Салгыы «Германияны кыайыы иһин» медаль. ( Көр «Дьабыыл кырса күөх» «Бичик», Дьокуускай 2004с.) Олору оҕолоро кыра эрдэхтэринэ оонньоон сүтэрбиттэр. Элбэх юбилейнай медаллаах, Аҕа дойду Улуу сэриитин I-гы степеннээх орденын кавалера.
Сэрииттэн кэлээт да «Киров» колхозка суоччутунан улэлээбитэ. Салгыы М. Горькай совхоз кэмигэр заправщик, гараж харабыла. Доруобуйата мөлтөөн 70-с сыллар бүтүүтэ улэттэн уурайбыта.
Аҕабыт, эһээбит сымнаҕас майгыта, сылаас таптала биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннааах.
Баишев Павел Филиппович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.