Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Буслаев Иван Семенович

Буслаев Иван Семенович (1906 – 1945) – l Чочу нэһилиэгэр 1906 сыллаахха төрөөбүтэ, баартыйата суох, үрдүк үөрэхтээх учуутал, Бүлүү педучилищетын преподавателэ, сэриигэ 1944 сыл ыҥырыллыбыт. Рядовой саллаат, lll Украинскай фронт 27-с Армиятын 320-с СД 482-СП сэриилэһэ сылдьан 1945 сыл муус устарга ылбыт араанньытыттан ыам ыйын 21 күнүгэр 3332 №-дээх госпитальга сытан кыайыы буолбутун кэннэ өлбүт, көмүс уҥуоҕа Югославияҕа Суботица сэлиэнньэ православнай 3-с эрээтин 7-с миэстэтигэр хараллан сытар. Балта Лариса Кириллина ахтыытыттан: “И.С.Буслаев Иркутскайдааҕы пединституту ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, физика, математика учууталынан үлэлээбитэ. Таайым киһи быһыытынан холку, сымнаҕас, аҕыйах саҥалаах, көрдөөх тыллаах, бэйэтигэр үрдүк ирдэбиллээх киһи этэ. Сэрии ыар кэмнэригэр училищеҕа үлэлии сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыта. Таайбын сэриигэ барарыгар борохуокка атаарбыт күнүм бу баар курдук. Бүтэһик кэпсэтиибитигэр: “Бары хардарыта көмөлөсүһэн, кэлиэхпэр диэри суулаһан-өйөһөн, эйэлээхтик олорооруҥ”, – диэн этэ. Иван Семенович Кыайыы күнүн кэнниттэн фашистартан Югославияны босхолооһуҥҥа сылдьан бааһыран, госпитальга киирбит. Онтон үс суругу ыыппыта: “Дьиэбэр тиийэр күннээх буоллахпына, уҥа илиитэ суох тиийэрим буолуо…” – диэбит этэ. Ол кэннэ эргиллибэтэҕэ… Быһаччы эттэххэ, Улуу Кыайыы иһин олоҕун бүтүннүү сиэртибэлээбитэ… Таайым уонна учууталым кылгас чаҕылхай олоҕо бүтүннүүтэ дьон туһугар анаммыта!”. Иван Семенович олоҕун кыыһа, сиэннэрэ,аймахтара салгыыллар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.