Федоров Парфений Васильевич (1918 – 1968) – Өлүөхүмэ улууһугар 1918 сыллаахха төрөөбүтэ, М.Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1942 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллыбыт, младшай сержант, Смоленскай кыргыһыытыттан Кенигсберга тиийэ сэриилэспитэ. Днепр өрүһү туорааһын кыттыылааҕа, 4-с Украинскай фроҥҥа хайыһар биригээдэтигэр сэриилэспитэ. 1944 сыллаахха Илиҥҥи Пруссияҕа разведротаҕа сылдьар, Кыайыы буолбутун Кенигсберга араанньы буолан госпитальга сытан истэр. 1945 сыллаахха араанньытынан демобилизацияланан Кыһыл Сулус, Аҕа дойду сэриитин l степенэ уордьаннардаах дойдутугар кэлэр. 1968 сыллаахха Чочуга олорон ыалдьан өлбүтэ. Кыра кыыһа Мария Парфеньевна ахтыытыттан: “Уоттаах сэрии ортотугар сылдьан элбэхтэ бааһырбыт. Кыайыыны госпитальга сытан көрсүбүт. “Үөрүү-көтүү”, сорох ытыыр, сорох ыллыыр, араадьыйа саҥата бөҕө” диэн ахтыыта баар. 1945 сыллаахха младшай сержант званиелаах, элбэх араанньылаах кыайыы кынаттаах дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. “Кыһыл Сулус”, “Аҕа дойду сэриитэ” уордьаннарынан наҕараадаламмыт да , кыайан туппатаҕа. “1941-1945 с.с. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Онон аҕабыт уоттаах сэрии ортотунан ааспыт, өстөөх буулдьатыттан этин-сиинин сэймэктэтэн кыл-мүччү тыыннаах ордон хорсуннук сэриилэспит буойуннартан биирдэстэрэ буолар”. Парфений Васильевич олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар, үйэтитэллэр.
Федоров Парфений Васильевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.