Иванов Василий Давыдович – (1923 – 2012) Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, М.Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыт. Ити сыл балаҕан ыйыгар уонна алтынньыга Сталинградка 193-с СД 685-с СП сэриилэспит., 1943 сыл кулун тутартан 1945 сыл ыам ыйыгар диэри Соҕуруулуу-Арҕааҥҥы уонна l Белорусскай фроннарга отделение командирынан, онтон 1948 сыл ыам ыйыгар диэри Кыһыл Знамялаах албан аатырбыт пограничнай полкаҕа взвод командирын көмөлөһөөччүтүнэн сулууспалаабыт, старшай сержант званиелаах 1948 сыл от ыйын 21күнүгэр демобилизацияламмыт. Икки төгүл “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Хорсунун иһин” мэтээллэр, Аҕа дойду сэриитэ l степенэ бойобуой уордьан кавалердара, сэрии кэнниттэн милицияҕа сулууспалаабыта, алмаас промышленноһыгар үлэлээбитэ. Мииринэй куорат бочуоттаах олохтооҕо, эйэлээх олоххо үлэтин сыаналаан Октябрьскай революция уордьанынан наҕараалаламмыта. 2012 сыллаахха Мииринэй куоракка олорон өлбүтэ. Василий Давыдович ахтыытыттан: “1945 сыл от ыйын 17 күнүттэн атырдьых ыйын 3 күнүгэр диэри биһиги, пограничниктар, Потсдамнааҕы конференцияны харабыллыыр итэҕэли сүкпүппүт. Оттон Нюрнбергскай процесс бара турар бириэмэтигэр, биһиги балтараа километрдаах сиргэ, американскай зона өттүгэр, эмиэ кэлэр-барар дьон докумуоннарын бэрэбиэркэлииргэ балаакканан олорбуппут. Кыраныысса таһыгар концентрационнай лааҕырдары көрбүппүт. Геббельс, кэргэттэрин дьааты иһэрдэн өлөртөөн баран, бэйэтигэр тиийиммит өлүгэ уматыллан хара хоруо буолбутун эмиэ илэ харахпынан көрбүтм”. Охтор Дабыыт уола Охтубат Баһылай умнуллубат олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Иванов Василий Давыдович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.