Иванов Василий Гаврильевич (1913-1942) – l Чочу нэһилиэгэр 1913 сыллаахха Хойгуолаахха төрөөбүт, баартыйата суох, кыра үөрэхтээх, Каганович колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллыбыт, 294-с СД 861-с СП рядовой саллаата. 1942 сыл муус устар 14 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан өлбүт. Ленинград уобалаһын Тосненскай оройуонун Доброе сэлиэнньэтин сүүсчэкэ миэтэрэ илиҥҥилии көмүллүбүт. Баһылай байыаннай докумуонугар чугас киһитинэн быраатын Иванов Михаил Гаврильевиһы суруттарбыт эбит. Бу докумуоҥҥа көстөрүнэн, Иванов Василий Гаврильевич, Платонов Егор Алексеевич диэн Чурапчы киһитин, Иванов Роман Максимович диэн Үөһээ Бүлүү “Красный молот” колхозтааҕын кытта биир кыргыһыыга өлбүттэр, бииргэ көмүллүбүттэр. Баһылай быраата Михаил Гаврильевич ыалга иитиллибит буолан сурукка ииппит аҕатынан Иудович диэн суруллар. Бу уолаттар Петров Савва Спиридонович диэн биир дойдулаахтарын кытта бииргэ сэриигэ барбыттара, үһүөн дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ.
Иванов Василий Гаврильевич аата үйэлэргэ ааттана турдун.
Умнубаппыт! Сүгүрүйэбит! Махтанабыт!!!
Иванов Василий Гаврильевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.