Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Киприянов Иван Степанович

Подразделение где служил, воспоминания и биография.Биһиги эһээбит Иван Степанович Киприянов – Уус Киппир, Хачыкаакка, Буотамага 1908 сыллаахха төрөөбут.
Кыра эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, билиэн-көрүөн сытыы уол улаатан, ситэн – хотон истэҕинэ кини дьолугар дойду үрдүнэн үөрэхтээһиҥҥэ күүстээх үлэ барар, инньэ гынан ол долгунугар олорсон ааҕарга, суоттуурга бэрт дөбөҥнүк үөрэнэр. Оччотооҕу салалта эдэр, билэргэ -көрөргө, үүнэргэ-сайдарга, үлэлииргэ-хамсыырга баҕалаах Иваны бэлиэтии көрөн 1929-1931сылларга ревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлэтэллэр.1936-1938 сылларга 2Дьөппөн нэһилиэгэр потребительскай уопсастыба бэрэссэдээтэлинэн ананан үтүө суобастаахтык үлэлиир мантан салгыы кыһамньылаах, кэккэ ситиһиилэрдээх, кыайа-хото тутан салайар диэн сыаналаан 1938-40 сылларга бүтүн Орджоникидзевскай улуус потребобществотын салайааччытынан аныыллар. Аан дойдуну атыйахтаабыт, сайдыыны -үүнүүнү атахтаабыт Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар дойдутугар төннөн кэлэн 1950 сылга диэри Кыһыл Үрүйэ колхоз бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Дьэ манна кини түмэр, сомоҕолуур, биир тыыҥҥа киллэрэр талаана улахан оруолу оонньообута. Аны ону таһынан бэйэтэ ханнык да хара да үрүҥ да үлэттэн толлубат, көрөн турбат хотоойу,хорсун санаалаах буолан, аҕыйах эрээри ылыннарыылаах тылынан, күүстээх үлэтинэн, тус бэйэтин холобурунан үгүстэргэ холобур буолан сэрии ыар күннэрин ыараханын бары тэҥҥэ үллэстэн эйэлээх олоххо үктэммиттэрэ. Кини биир сүрүн уратытын билигин элбэх сыл ааспытын кэннэ санаатахха – бириэмэтин, кэмин, олоххо баар кырдьыгы ырытар, анаарар буолан сөптөөх дьаһаллары ылынан дьонун аччык, аас-туор олохтон быыһаабыт. Өссө биир талаана буола турар көстүүлэри, олох хардыытын – үөрүүлээх да омсолоох да түгэннэри хаһыакка суруйар, сырдатар идэлээх эбит, онон ол ыстатыйаларга олоҕуран аныгы ыччат улуус олоҕун сайдыытын история тиһилигэ оҥостон үөрэтиэн, чинчийиэн сөп.1949 сыллаахха кэккэ сылларга ситиһиитин иһин бүтүн Сойуус үрдүнэн колхозтар бэрэссэдээтэллэрин сийиэһигэр дэлэгээт буолан барбыта. Эһээбит үтүө үлэтин сыаналаан ”1941 – 45 сс . ”Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээлинэн, Саха АССР 15 сыла диэн үбүлүөйүнэн бэлиэлээх.
Эһээбит 1950 сылга эмискэ ыалдьан күн сириттэн күрэммитэ. Санаан көрдөххө, эргиллэн тэҥнээтэххэ олус да кыһылаахтык наһаа да кылгас олоҕу олорбут. Ол да буоллар кини аатын ааттатар 7 оҕоттон силис-мутук тардар сиэн оҕолор ситтилэр-хоттулар , хос сиэннэри күн сирин көрдөрдүлэр. Дьэ ити курдук хас да көлүөнэ Киприяновтар маннык түс-бас киһи биһиги эһэбит буоларынан киэн туттабыт уонна кини ситэрбэтэҕин, оҥорботоҕун салгыы сылдьарбытынан киэн туттабыт.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.