Кондаков Егор Петрович (1918-1992) – Сыралтаҕа төрөөбүтэ, Чкалов аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллыбыт, 21-с А 81-с СД 53-с СП рядовой саллаата, араанньытынан 1942 сыл алтынньы ый 7 күнүгэр демобилизацияламмыт. “1941*1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн, Аҕа дойду сэриитэ ll степэнэ уордьанынан наҕараадаламмыт. 1992 сыллаахха Чочуга олорон өлбүтэ. Егор Петрович ахтыыта: ” Армияҕа сулууспалыы барбытым. Ол баран Иркутскай уобалас Мальта станциятын байыаннай чааһыгар үс ый кэриҥэ үөрэнэн баран, 1942 сыл саҥатыгар Соҕуруулуу-арҕааҥҥы фроҥҥа 21-с армия 153-с стрелковай дивизиятыгар стрелогунан пехотаҕа сэриилэһэ киирбитим. Ити киирбит бириэмэбэр Курскай уобаласка фашистары кытта сэриилэһии саамай күүһүрэн турар бириэмэтэ этэ. Салгынынан, хонуунан сэриилэһии сүрдээҕин күүһүрэн турар эбит этэ, онно киирбит дьон элбэх этибит, өлүү да, өлөрүү да элбэҕэ. Ити сэриигэ 1942 сыл саҥатыгар мин илиибэр араанньы буолан икки сиргэ госпитальга сытан эмтэнэн, байыаннай учуоттан уһуллан, дойдубар 1944 сыллаахха саас төннөн кэлбитим. Төһө да кылгастык сэриигэ сылдьыбытым иһин, сэрии диэн хайдаҕын эппинэн-хааммынан билбитим”. Егор Петрович олоҕо ыччаттарыгар салҕанар.
Кондаков Егор Петрович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.