Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Николаев Алексей Федорович

Николаев Алексей Федорович (1906- 1975) – l Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Каганович аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1943 сылга ыҥырыллыбыт, 312-с СП, 275-с СП рядовой саллаата. 1944 сыл олунньу ый 9 күнүгэо ылбыт арааньытынан 1845, 5722 №-дээх ЭГ эмтэнэн баран, ити сыл бэс ыйыгар демобилизацияламмыт. Албан Аат lll степенэ уордьанынан, “1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Совхозка рабочайдаабыта. 1975 сыллаахха Чочуга олорон өлбүтэ. Алексей Томскай ахтар:: “Өлөксөй биһиги аҕабытын кытта табаарыстыы этилэр. Атаҕар бааһыран кэлбитэ, биир атаҕын тарбахтара быһыллыбыттар этэ. Сэрии туһунан кэпсээтэҕинэ, разведкаҕа сылдьан кыл-мүччү тыыннаах хаалбытын туһунан кэпсиирэ. Биирдэ разведкаттан кэлэн истэхтэринэ эдэр лейтенант уол: “Табахтаан сынньаныахха”, – диэччи буолбут. Онно кыра ырааһыйаҕа биир бэс баарыгар Өлөксөй тохтоон табахтаан эрдэҕинэ, нууччалара: Манна биһиги олоробут”, – диэн үүрэн ыыппыттар. Аҕыйах мүнүүтэ буолаат, ол бэһи көрбүтүнэн миинэ түһэн дэлби ыстаммыт, онно олорооччулартан биир да киһи ордубатах. Собус-соҕотоҕун тыыннаах хаалбыт Өлөксөй, илии-атах бөҕө сытарыттан хамандыырын планшетын ылар уонна чааһыгар тиийбит. Тиийээтин особистар тутан ылан хаайан кэбиһэллэр: “Эйигин атаҕастыыллар этэ, онон эн бэйэҥ өлөрбүтүҥ буолуо, иэстэһэҥҥин”, – диэн. “Миинэ түспүтэ” – диэбитин, итэҕэйбэтэхтэр: “Гранатанан бырахпыккын”, – дииллэр үһү. Баран, көрөн эрэ баран, итэҕэйэн: “Чахчы миинэ кэлэн түспүт эбит”, – диэн быһааран Өлөксөйү босхолообуттар. Салгыы сэриилэһэ сылдьан араанньы буолбут, онон устунан армияттан сыыйыллан кэлбит.
Алексей Федорович олоҕо ыччаттарыгар салҕанар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.