Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Николаев Николай Алексеевич

Николаев Николай Алексеевич (1917 -1986) – ыам ыйын 2 күнүгэр 1917 сыллаахха l Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. М.Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллыбыт. Ржевы, Смоленскайы, Литваны босхолуур кыргыһыыларга сэриилэспитэ. 110-с СД 584-с СП, 215-с СД 1291-с СП, 77-с СП саллаата, сержант, 1945 сыллаахха демобилизацияламмыт. “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллээх, Аҕа дойду сэриитэ l – ll степеннэрэ, Албан аат lll степенэ уордьаннар кавалердара, үтүмэн үгүс үлэтэ үрдүктүк сыаналанан “1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн, Октябрьскай революция уордьанынан наҕараалаламмыта. 1986 сыллаахха Чочуга олорон өлбүтэ.
Николай Алксеевич ахтыыта: ” 1941 сыл күһүн Ийэ дойдубун көмүскэһэ төрөөбүт Бүлүүм биэрэгиттэн сэриилэһэ барбытым. Ити сыл ахсынньы ыйга дылы Иркутскай уобаласка байыаннай лааҕырга үөрэнэн баран, өстөөх улахан күүстэрэ Ийэ дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка турдахтарына, 1941 с. ахсынньы ыйга Москва анныгар көрсүбүтүм. 1942 м. саҥатыгар аҕыс күннээх түүн тохтоло суох кыргыһыы кэнниттэн илиибэр уонна аҥаар атахпар чэпчэки соҕустук араанньы буолбутум. Этэнэн бараммын Арҕааҥҥы фроҥҥа тиийэн 1943 с. кулун тутар ыйтан сэриигэ киирбитим, Прибалтиканы босхолуур сэриигэ 215-с Смоленскайдааҕы стрелковай дивизия 707-с стрелковай полкатын саллаатынан, онтон мл. сержант, отделение командирынан анаммытым. Илиҥҥи Пруссияҕа Доушен дэрибинэҕэ 1944 с. алтынньы 22 күнүгэр кырыктаах кыргыһыыга биһиги отделение өстөөх кытаанах бөҕөргөтүнүүтүн үнтү штурмалаан, өстөөх 2 станковай пулеметнай туочукатын кытта 12 өстөөҕү, илии пулеметунан соҕотоҕун суох гынары ситиспитим. Ити ситиһиим иһин Аҕа дойду сэриитэ 2-с степенэ уордьанынан наҕараадалаабыттара, ити үһүс наҕараадам этэ. Ити курдук lll Белорусскай фроҥҥа гвардейскай чааска сулууспалаабытым, Белоруссия киин куората Минскэйи босхолообуппут. 1944 с. алтынньы бүтүүтэ Кенигсберг анныгар тиийэн үҥа илиибэр ыараханнык араанньы буолан сэрии хонуутуттан туораабытым. Эмтэнэн, 1945 с. муус устар 1 күнүгэр төрөөбүт Бүлүүбэр эргиллэн кэлбитим”. Николай Алексеевич олоҕун ыччаттара салгыыллар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.